23.06.2023 | 10:00

«Барыларын кыайталааҥ!»

«Барыларын кыайталааҥ!»
Ааптар: Баһылай ПОСЕЛЬСКАЙ
Бөлөххө киир

Төрүттэринэн Уус Маайаттан, бэйэтэ Амма Бөтүҥүттэн төрүттээх-уустаах РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, СӨ үөрэҕин туйгуна, РФ профтехүөрэхтээһинин Бочуоттаах үлэһитэ, “Гражданскай килбиэн” бэлиэ хаһаайына, Амма улууһун уонна Бөтүҥ нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, “СӨ физическэй култуураҕа уонна спорка бэтэрээнэ”,  “Амма киэн туттуута” бэлиэлэрдээх, 922 сылы хабар Педагогическай династия салҕааччыта, сэрии сылларын оҕото Руслан Денисович Алексеев бу күннэргэ лоп курдук үбүлүөйдээх 80 сааһын томточчу туолла.

Кытаанах, дьиппиэн соҕус көрүҥнээх эрээри, билсэн-көрсөн бардахха, сымнаҕас, үтүө майгылаах Руслан Денисович Алексеевы Чурапчы Мугудайын оскуолатыгар дириэктэрдиир кэмнэриттэн билэбин. Мин оччолорго оройуон комсомолун үлэһитэбин. Тоҕо эрэ толлор этим. Хаалтыстаах, көстүүмнээх, паапка кыбыныылаах, ыраас, чэбэр киһи райкомҥа, районоҕа үгүстүк сылдьара. Оскуолатын түбүктээх үлэтин санаан буолуо, тиэтэллээх соҕустук кэлэрэ-барара. Мунньахтарга хайаан да сытыы туруорсуулардаах буолара.

Мугудайга командировкаларга тиийдэххэ, комсомольскай мунньахтарга сылдьааччы. Оскуолатын эрэ үлэтинэн муҥурдаммакка, нэһилиэк уопсастыбаннай олоҕунан олороро биллэрэ. Ити 70-с сылларга, арыгылааһын элбээн, бэрээдэк биллэ сатарыйбыта. Нэһилиэк сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Гаврил Николаевич Сивцев, отделение управляющайа Николай Дмитриевич Пермяков уонна оскуола дириэктэрэ Руслан Денисович Алексеев, үс көһөҥө салайааччылар, күүстэрин холбоон, биир сүбэнэн  түөлбэлэри кытта эрчимнээхтик ылсан үлэлээбиттэрэ. Дьону кытта өйдөһөр, уопсай тылы булан кэпсэтэр эдэр салайааччы Руслан Алексеевка зонанан үлэни ыытар эбээһинэс сүктэриллибит. Үһүөн комсомольскай мунньахтарга сүбэ-ама биэрэллэрэ. Үлэҕэ көтүмэхтик сыһыаннаһааччыларга “Комсомольскай прожектор” үлэлиирин ирдииллэрэ. Кыстык пиэрмэлэригэр, сайылыктарга сылдьыһаллара. Уураах суруйуутугар наадалаах этиилэри киллэрэллэрэ. Арыгылааһыны, уопсастыбаннай бэрээдэги кэһээччилэри утары охсуһуу күүһүрбүтэ. Руслан Денисович ыаллыы Мэҥэ Хаҥалас улууһугар чөл олохтоох Дьабыыл нэһилиэгэр Нуораҕанаҕа уонча киһилээх бөлөҕү  салайан, уопут ыла баран кэлбиттэрэ. Ол түмүгэр Мугудайга арыгылааһын, бэрээдэги кэһии төрдүттэн суох оҥоһуллубуттара. Ыччаттар спордунан умсугуйбуттара. Михаил Гуляев, Вячеслав Попов, Ксенофонт Оконешников, Аркадий Пермяков уо.д.а. күүстээх спортсменнар, биллиилээх салайааччылар тахсыбыттара. Чөл олохтоох “Саһарҕа” кулууп тэриллибитэ, нэһилиэк сиэрдээх буолуу хайысхатын тутуспута. Мугудай нэһилиэгин олоҕо-дьаһаҕа тупса, чэчирии түспүтэ.

Эрчимнээх уонна ирдэбиллээх салайааччы быһыытынан үлэ саҥа сүүрээннэрин киллэрэр, ураты дьыалабыай хаачыстыбалардаах Руслан Денисович Алексеев Чурапчы орто оскуолатыгар дириэктэринэн анаммыта. Эдэр кэскиллээх үлэһит партия кэккэтигэр киллэриллибитэ.

Ити кэмтэн ыла сыллар-хонуктар хотоҕостуу субуллубуттара. Руслан Денисович салайааччы, тэрийээччи быһыытынан “буспута-хаппыта”, уһаарыллыбыта. Төрдө-ууһа Амма  буолан, Амма райкомун бастакы сэкирэтээрэ, саха аатырбыт бөҕөһө Максим Николаевич Сибиряков чурапчылар биир мааны күтүөттэрэ Руслан Денисовиһы дойдутугар ыҥыран ылбыта. Инньэ гынан 1980-90 сылларга партия райкомун, райсэбиэт  тутаах салааларыгар үлэлиир спорт куттаах Руслан Денисович дойдутугар Аммаҕа эргиллибитэ. Оройуон спорка кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Николай Гаврильевич Гурьевы, “Урожай” уопсастыба оройуоннааҕы сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Михаил Васильевич Алексеевы, спортоскуола дириэктэрэ Николай Михайлович Давыдовы кытта биир өйүнэн-санаанан үлэлээбиттэрэ. Тренер Михаил Степанович Скрябин тустууну үөһэ кэрдиискэ таһаарбыта. Амма омук тустууктара кэлэн тустар түһүлгэлэригэр кубулуйбута.

Руслан Денисович спорт үлэтин салайсыыга, сайыннарыыга, күрэхтэһиилэри ыытыыга, спортивнай инбэнтээринэн хааччыйыыга, үбүлээһиҥҥэ, бастыҥ спортсменнары өйөөһүҥҥэ кылаатын киллэрсибитэ.

Ол туһунан кэлин СӨ үтүөлээх тренерэ буолбут Амма улууһун Бочуоттаах олохтооҕо Михаил Степанович Скрябин 2013 сыл тохсунньу ыйыгар маннык суруйан хаалларбыта элбэҕи этэр: “Куоракка ШВСМ-ҥа Д.П. Коркины кытта түөрт сыл үлэлээбит буоламмын, улахан тренердэри үчүгэйдик билэттиирим. Союз улахан спортивнай базаларын – Минскэйгэ “Стайки”, Тбилисигэ “Дигоми” – кытта сибээһи күүскэ тутарбыт. Улахан сбордарга миэстэ булбакка биһиэхэ “дугуйданаллара” элбэх этэ. Оччолорго Саха сирин тренердэрэ үксүлэрэ сыллааҕы сметаны оҥорууну, былааннааһыны билбэттэр этэ. Биһиги Аммаҕа ону маҥнай кыайа туппуппут. Ону оҥорорбутугар оччолорго оройуоннааҕы үөрэх салаатын сэбиэдиссэйинэн үлэлээбит Руслан Денисович Алексеев улаханнык өйөөбүтэ. Кылаабынай буҕаалтыр Галина Петровна Никитина, ону сэргэ Екатерина Антоновна Морозова эмиэ көмөлөрө сүҥкэн. Күрэхтэһии тэрээһиннэрэ, кэлии-барыы, лааҕыр тутуута, үлэтэ – барытыгар элбэх үп көрүллүбүтэ. Ол быыһыгар өрөспүүбүлүкэҕэ улахан конкуренцияны оҥорон, лидердээн барбыппытыгар, “туорайдаһыылар” элбээн барбыттара. Биир сарсыарда үлэбэр кэлбиппэр Николай Михайлович Давыдов сэрэнэн соҕус: “Тойоҥҥор бара сылдьар үһүгүн”,– диэтэ. Испэр, арааһа, дьыала “каака” буолбут быһыылаах диэн саныы-саныы, Руслан Денисовичка ыстаннардым. Тиийбитим, киһилээх олорор эбит. “Тохтуу түс”,– диэн кытаанах соҕустук сапсыйан кэбистэ. Балай да кэтэһэн баран киирбиппэр, иннибэр лиис кумааҕыны анньан баран: “Аах!”– диэт туора хайыста. Ылан аахпытым, куораттан спорт кэмитиэтиттэн кэлбит, ис хоһооно: “Скрябин М.С. Республикаттан көҥүлэ суох кэлэрин-барарын тохтотуҥ!”. Испэр олох кыыһыран хааллым гынан баран, өйбүн-төйбүн хомунан, баар-суох үбүлээн дурда-хахха буолан олорор киһибэр Руслан Денисовичка биир чаастаах быһаарыы биэрдим. Билигин биһигиттэн ыктаран, кыайтаран эрэллэрин, ыксаан ол-бу араас мэһэйи оҥоро сатыылларын. Кинилэр биһиги барарбытыгар-кэлэрбитигэр туох да сыһыана суохтарын толору быһаардым. Руслан Денисович барытын төрүт саҥата суох истэн баран мин иннибэр сытар кумааҕыны ылан кум-хам тутан урнаҕа быраҕан кэбистэ уонна: “Төһө баҕарар сылдьыҥ, барыларын кыайталааҥ!”– диэтэ, илиитин биэрдэ. Сураҕа, ол кэннэ хаста да оннук ис хоһоонноох суруктар, ыйытыылар кэлэ сылдьыбыттар да, миэхэ биир да сурук тиийбэтэҕэ. Онтон салгыы үлэбит өссө күүһүрбүтэ. Николай Адушинов ССРС олимпийскай резервэтин үрүҥ көмүс призера, эһиилигэр Алексей Соловьев чемпион буолбуттара. Ньургун Иванов маҥнайгы норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах маастар буолбута, Аан дойду, Европа мэтээллэрэ кэлбиттэрэ. Алексей Соловьев оҕолорго Аан дойду – үрүҥ көмүс, Валерий Кульбертинов боруонса мэтээли аҕалтаабыттара. Ити кэнниттэн Амматтан норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах маастар нуорматын Алексей Соловьев, Павел Капитонов, Гаврил Игнатьев, Григорий Массаев, Кирилл Павлов, Матвей Матвеев, Николай Старостин толорбуттара. Чурапчыга үлэлиир сылларбар Данил Неустроев, Александр Иванов, Виталий Корякин толорбуттара. Аммаҕа бэйэбит күүспүтүнэн тустуу саалатын туппуппут. Бу ситиһиилэр кэлэллэригэр барытыгар быһаччы сибээстээх киһинэн Руслан Денисович Алексеев буолар. Кини оччолорго “үөһээҥҥилэри” истэн биһигини тохтотон кэбиспитэ буоллар, хартыына олох атын буолуохтаах этэ. Онон биһиги, оччотооҕу кэмҥэ үлэлээбит тренердэр, спорт үлэһиттэрэ, улахан убайбытыгар Руслан Денисовичка  махтанабыт, алгыс маанытын аныыбыт!”.

Хайдахтаах курдук билинииний!

Ити курдук аҥаардастыы спорду эрэ эридьиэстии барбакка, спорка, булка-аска сыһыаннаах өттүлэриттэн билиһиннэрэрбит сөп буолуо дии саныыбын.

Руслан Денисович бултуурун олус сөбүлүүр. Биир күһүн куоракка “Кыайыы 50 сыла” Спорт дыбарыаһыгар маассабай спорт управлениетын кабинетыгар киирбиппэр, Руслан Денисович исписэлиис уолаттары кытта кэпсэтэ олорор эбит. Төрүкүттэн билсэр дьон быһыытынан дорооболоһон, сонуннарбытынан үллэстии буолла. Онуоха киһим тыаттан кэлбитин, Байанай бэрсибитин туһунан кэпсээтэ, ымсыырта, көҕүлээтэ. Аны күһүн бултаһа барсарбар ыҥырда. Хаһан да улахан булка сылдьа илик да буолларбын, тыла-өһө ылыннарыылааҕын иһин сөбүлэстим.

Сыл устата, кыһын уонна сайын, ыҥырбытын чиҥэтэн, иккитэ эрийэ сылдьыбыта.

Нөҥүө күһүммүт субу тиийэн кэллэ. “Жигули” массыынатынан өр-өтөр гымматыбыт, киэһэ сөпкө Амманы булан, Иван Прокопьевич, Марина Николаевна Васильевтарга хоннубут. Иван Прокопьевич эмиэ сааһыт бэрдэ, сүбэлээтэ-амалаата. Нөҥүө күн сарсыарда Бөтүҥҥэ тиийэн кэллибит.

Фронтовик аҕалара Денис Егорович Алексеев 100 сылыгар аналлаах орто оскуолаҕа кылаас чааһыгар, музейга, киэһэ кулуупка ахтыы киэһэтигэр сырыттыбыт. Алексеевтар төрүччүлэрин, удьуор учуутал династияны кытта билистибит. Руслан Денисович бииргэ төрөөбүттэрэ Анна Денисовна, Елизавета Денисовна, Егор Денисович, Александра Денисовна бааллар. Алексеевтар “буруолуу сылдьар” кинигэлэрин сүрэхтэниитэ, ахтыылар буоллулар. Үлэни өрө тутар, үлэттэн дьолу булбут дьон. Дьаһаллары нэһилиэк баһылыга Саргылаана Васильевна Борисова салайда.

Булка сирдиэхтээх “старшойбут” Петр Дмитриевич Неустроев үөрэ-көтө көрүстэ. Улуу тренер Куоркун иитиллээччитэ, ССРС спордун маастара Петр Неустроевтыын оскуолатааҕы кэмнэрбититтэн билсэбит. Инньэ гынан кэпсэтэрбит элбэх. Руслан Денисович быраата Денис Денисович баар. Миэхэ Тирэх диэн сытыары сымнаҕас, киһи соруйарын өйдүүр тураҕас өҥнөөх аты биэрдилэр. Ыт-кус бөҕөбүт.

Кыыс Амма нөҥүө Нуотара салаа үрэхтэрин Лапчыны, Илтэкээни, Иннээйини, Күбээйини батаммыт, наһаа бэркэ, өтөрүнэн умнуллубат сырыылары сылдьыбыппыт. Миэхэ барыта сонун. Экскурсияҕа сылдьардыы сананабын. Күһүҥҥү айылҕа сыыйа, аа-дьуо арыллан, кэлэ турар кэрэ-мааны көстүүлэринэн күндүлээбитэ-маанылаабыта.  Ырааттар ыраатан, киин сиртэн улам тэйэн, күн аайы атынтан-атын үүтээннэргэ хонукпутун булабыт. Аал-уот иччитин күндүлүүбүт. Утуйаары сытаммыт булт-алт араас түбэлтэлэрин кэпсэтэбит. Суруналыыс киһи быһыытынан аппарааттарбын илдьэ сылдьабын. Кэлин ол үүтээннэрбит кэпсээннэрин “Саха” араадьыйатыгар иһитиннэрбитим. Уонча хонук устата тоҕус үүтээҥҥэ хонуталаабыппыт.

Руслан Денисович булка сүрдээх сыстаҕас, билэрэ-көрөрө элбэх. Аҕа саастаах киһи быһыытынан сүбэлиир-амалыыр. Дьоһуннук туттар-хаптар, ыппыт ох курдук көнө сүрүннээх. Саастаахпын дэммэт, туттара-хаптара сылбырҕа, сэргэх. “Старшойбутун” Бүөтүрү иннибитигэр укта сылдьабыт. Сүрдээх бүгүрү, сатаабата, кыайбата диэн суох, кыанарын оҕото бэйэтин киэнэ.

Руслан Денисович кэбиниэт “үрүҥ үлэһитэ” эрэ буолбатаҕын, айылҕаны, дойдутун, төрөөбүт түөлбэтин таптыырын, дьоҥҥо-сэргэҕэ сылаас сыһыанын, ураты аймаҕымсаҕын, дьонумсаҕын, сынньалаҥы үлэни кытта сатаан дьүөрэлиирин, эйгэтин иһинэн бары боппуруостары хонтуруолга тута сылдьарын, тылын иһитиннэрэн дьаһайарын, дьонугар-сэргэтигэр ытыктабылынан туһанарын, тус бэйэбинэн көрөн, итэҕэйэн, бииргэ сылдьыспыппыттан үгүһү биллим-көрдүм, элбэххэ үөрэнним.

Тапталлаах олоҕун аргыһа Любовь Николаевнатыныын спортивнай дьиэ кэргэнинэн биллэллэр. Мария Руслановна СӨ үтүөлээх тренерэ, иитиллээччилэрэ Саха сирин спартакиадаларыгар, Уһук Илиҥҥэ тиийэ бастыыллар, миэстэлэһэллэр, “Азия оҕолоро” НИСО кыайыылаахтара, күндү-мааны күтүөт Павел Егорович Глухарев гиирэ спордун маастара, волейболист бэрдэ, сорсуннаах булчут, улахан уол Егор өрөспүүбүлүкэ волейболга чөмпүйүөнэ, “Аҕам, ийэм уонна мин – спортивнай дьиэ кэргэн” өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээл кыайыылаахтара.

Онон, түгэнинэн туһанан, Руслан Денисовиһы үбүлүөйдээх 80 сааһынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин! Өрүү да маннык эрчимнээх, кыһамньылаах буол, тэтиэнэх сырыт, ыччаттарыҥ этэҥҥэ буоллуннар, дьол-соргу эҥээрдэстин!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...