14.01.2021 | 13:16

Барыгытыгар махтанабын!

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бу күннэргэ дьиэ кэргэммин уонна хамаандабын кытта өр кэпсэттибит.

Дьиэ кэргэммин доруобуйам туруга долгутар. Ол биричиинэтэ – күүрүү, ыгыллыы уонна куорат туһугар сүпсүлгэн. Сууккаҕа 24 чаас, сылга 365 күн үлэлиир кыаҕа суохпун билинэбин. Балыыһаҕа киирдим, сотору – эпэрээссийэ.

Киһи биир олохтоох. Онон, ытыктабыллаах куорат олохтоохторо, сүрэхпэр ыар таһаҕаһа суох чэпчэкитик барарбын көҥүллээҥ уонна олоҕум саҥа кэрдииһигэр ситиһиилэри баҕарыҥ! Мин быһаарыныыбын өйдүүргүтүгэр көрдөһөбүн.

Мин хаһан даҕаны былааска, дуоһунаска таласпатаҕым, ону билэҕит. Баҕар, ол иһин уустук быһаарыныыны ылынарбар көҥүлбүн.

Сөбүлүүр суруйааччым Александра Маринина тылларын холобурдуубун: "Что такое СВОБОДА? Возможность принимать решения, исходя из представления о том, как было бы лучше для меня и моих близких. Это возможность делать то, что Я САМА считаю разумным и правильным".

Быыбарга Евгений Григорьевы @grigorev_yakutsk өйүүргүтүгэр ыҥырабын. Кинини бэлэмнээбитим, ону үгүскүт бэлиэтии көрбүт буолуохтаах. Оттон хамаандабар кини тула түмсэргитигэр сыал-сорук туруорабын. Биһиги былааннаабыппыт барыта олоххо киириэхтээх, эрэннэрбиппит туолуохтаах.

Евгенийы бастакы солбуйааччыбынан таларбар кини өйө, үчүгэй үөрэҕэ, чиэһинэйэ, хорсуна, дьоҥҥо ытыктабыллаах сыһыана сабыдыаллаабыта. Быһаарыылаах, аныгы көрүүлээх, дьиҥ саха эр киһитэ. Итэҕэйиҥ, өйөөҥ.

Бу икки аҥаар сыл устата биһиги эһигини кытта элбэҕи оҥордубут, куорат сайдыыта оннун булла. Бүтүн аан дойдуну төрдүттэн уларыппыт сылы бииргэ этэҥҥэ туораатыбыт. Иннибитигэр – өссө үгүс сорук. Мин хамаандам бэлэмнээх, өскөтүн биһиги кинилэри өйөөтөхпүтүнэ, барыта кыаллыаҕа.   

Күндү доҕоттор уонна үөлээннээхтэрим, барыгытыгар махтанабын, эһиги итэҕэлгит уонна өйөбүлгүт миигин муударай, күүстээх оҥордо. Куорат дьиҥнээх хаһаайыттара кини олохтоохторо буоларын биһиги дакаастаатыбыт. Ол-бу куһаҕаны була сатааччылар үтэн-анньан көрдөхтөрүнэ, мин өссө өрө баран үлүһүйэрим.

Эһиги эрэммит эппиэтинэстээх солоҕутугар чиэһинэйдик үлэлээтим. Мин да, аймахтарым да сир, кыбартыыра ылбатахпыт, онтон атын да “үтүөҕэ” тиксибэтэхпит, бизнеспит суох.

Буолбут быһыыны-майгыны күүркэтимэҥ диэн көрдөһөбүн. Солбуллубат киһи диэн суох. Дьокуускай историята сүүһүнэн сылларга салҕанар.

Ырааҕы-киэҥи толкуйдуур, тутулуга суох, бэйэтин иннин быһаарынар уонна үтүө санаалаах куораппытынан киэн туттабын.

Сардана Авксентьева, куорат олохтооҕо.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....