Социальнай эбийиэктэр бары балаҕан ыйын 6 күнүттэн ититиигэ холбоннулар
«Дьокуускай куорат» куорат уокуругун территориятыгар 2021/2022 сыллардааҕы оттук сезонун саҕалааһын туһунан» 2021 сыл атырдьах ыйын 25 күнүнээҕи 1651р №-дээх дьаһалынан социальнай суолталаах эбийиэктэргэ ититии балаҕан ыйын 1 күнүттэн саҕаламмыта.
Балаҕан ыйын 5 күнүнээҕи туругунан, ититии 113 оскуола уонна оҕо уһуйаанын эбийиэктэригэр киирбит. Ол туһунан куорат баһылыгын куорат хаһаайыстыбатын боппуруостарыгар солбуйааччы Егор Кардашевскай иһитиннэрдэ.
«Балаҕан ыйын 6 күнүгэр хаалбыт 24 оскуола уонна оскуолаҕа киириэх иннинээҕи үөрэхтээһин эбийиэктэригэр ититии киирдэ, ону тэҥэ олорор дьиэ пуондатыгар сылааһы биэрдибит. Күн аайы ресурсанан хааччыйар тэрилтэлэри уонна салайар хампаанньалары кытта штатнай эрэсииминэн үлэлэһэбит», – диэн бэлиэтээтэ Егор Кардашевскай.
Оттук сезонугар бэлэмнэнии чэрчитинэн, социальнай суолталаах тэрилтэлэргэ ититии систиэмэтэ сууйуллубут, киин ититии уонна элеваторнай узеллар бэрэбиэркэлэммиттэр.
«Дьокуускай куорат» куорат уокуругун территориятыгар барыта 17 ититиинэн хааччыйар тэрилтэ (76 хочуолунай) үлэлииллэр, ититии ситимнэрин уопсай уһуна – 571,146 км.
Оттук сезонун көрсө элбэх кыбартыыралаах уопсай дьиэлэргэ эмиэ ититии систиэмэтин сууйуу, запорнай арматураны толору бэрэбиэркэлээһин, сорох сиринэн ититии ситимин турбаларын уларытан өрөмүөннээһин, инженерней ситимнэри кыһыҥҥыга бэлэмнээһин ыытыллыбыт. Үлэ салҕанар. Балаҕан ыйын 6 күнүгэр диэри өрөспүүбүлүкэтээҕи капитальнай өрөмүөн пуондун салаатынан 19 элбэх кыбартыыралаах уопсай дьиэлэргэ капитальнай өрөмүөн оҥоһуллубут.