Бары күүһүрдэхтэрин аайы...
Омукпут спорка көрүҥнээх күрэхтэһиитигэр өрөспүүбүлүкэ чемпионата үһүс төгүлүн кулун тутар 6-7 күннэригэр ыытылынна. Урут итинник түһүлгэҕэ спорт сэттэ көрүҥэр күрэхтэһэллэрэ. Бу сырыыга биэс көрүҥҥэ кииристилэр. Мэлдьи буоларын курдук, 70-тан үөһэ кг ордук болҕомтону тардар. Манна 15 боотур хатыһыыларыгар “Дыгын оонньууларын” түөрт төгүллээх Аан Дархана Егор Филиппов хас да түһүлгэҕэ хотторуу хомолтолоох сылдьан баран, дьэ бастыыр үөрүүтэ хайдаҕын биллэ. «Үс төгүл үс», хапсаҕайга барыларыттан чорбойдо. Мас тардыһыытыгар уонна 400 миэтэрэҕэ сүүрүүгэ үһүс буолла. Тутум эргииргэ 56 очукуоланан тус рекордун аһарда уонна ити көрүҥҥэ төрдүс көрдөрүүлэннэр даҕаны, уопсай түмүккэ ырааҕынан бастаата. “Дыгын оонньууларыгар” кыттар быраабы ылла.
Киниттэн тоҕус очукуонан хаалбыт Владимир Федоров (Ньурба) иккис миэстэҕэ таҕыста. Өрөспүүбүлүкэ боруонса призерунан Артем Варданян (Нам) буолла.
Егор сырыы аайы кыттааччылар кыахтара ордук эбиллэн, хатыһыы улаатан, аны сайын улахан кыайыыга кини курдук уопуттаахтарга өссө күүстээх эрчиллии эрэйиллэрин бэлиэтиир.
Оттон 70 кг диэри ыйааһыннаахтарга Амматтан төрүттээх, Сунтаар физкультура учуутала Тимофей Большаков бастаата.