Бары күүһү ойуур баһаардарын утары!
От ыйын 9 күнүгэр "Марха өрүс көмүскээччилэрин" түмсүүтэ Дьокуускай куорат общественниктарын, Ил Түмэн дьокутааттарын, СӨ бырабыыталыстыбатын, Дьокуускайдааҕы Дума, Общественнай Палата чилиэннэрин, суруналыыстары, блогердары, улуустар землячестволарын көҕүлээччилэрин, улуустар бэрэстэбиитэллэрин, бары тэрилтэ үлэһиттэрин кытта көрсөн Горнай, Ханалас уонна да атын улуустарга улахан ойуур баһаардара турбуттарынан, Бүлүү федеральнай суол кылгас кэмҥэ сабылла сылдьыбытынан сибээстээн бары хомуллан, сомоҕолоһон, Ийэ сирбитин ойуур баһаардарыттан быыһыаххайыҥ диэн бачыым көтөхпүппүттэр.
Ол курдук, от ыйын 10 күнүгэр бэйэлэрин бачыымнарын өйөөн биир бастакыннан, "Марха өрүс көмүскээччилэрин" түмсүүтэ Дьокуускайтан 178 биэрэстэлээх Хаҥалас улууһун Тиит Арыы нэһилиэгин сиригэр бэйэлэрин тиэхиньикэлэринэн баран ойууру харабыллыыр авиация үлэһиттэригэр баһаары умуруорарга көмөлөспүттэр.
«Хаҥалас улууһун "Авиалесохрана" парашютистарыгар, десантниктарыгар, боецтарыгар, инструктордарга Алимжаҥҥа, Петр Егоровка, контрактниктар биригэдьиирдэригэр Улахан Аантан (2-с Малдьаҕар) Ромаҥҥа, Үөдэйтэн (4-с Малдьаҕартан) 1990 сылтан 31-с сайынын сүүрэ сылдьар ДТ-75 тракториһыгар Сашаҕа уо.д.а., бу сайыҥҥыттан 40 хонук өрөбүлэ суох Ньурба улууһугар Ньурбачаан нэһилиэгин тула улахан баһаардары, Сунтаарга, Горнайга уо.д.а улуустарга ойуур баһаардарын дьиэ кэргэттэригэр биир да хоммокко, бастакыннан тиийэн бэйэлэрин олохторун толук ууран, доруобуйаларын да кэрэйбэккэ, ойуурга үрдүттэн палааткаҕа хоно сытан киирсэллэрин, ойуурдарбытын уоттан быыһаан 20 лиитэрэ уу киирэр үрүһээктэри сүгэн, ону ыстаран, күҥҥэ 20-чэ биэрэстэни сатыы эт атахтарынан хааман үлэлии сылдьалларын иһин барҕа махтал тылын этэн туран, биһиги "Марха өрүс көмүскээччилэрэ" түмсүүбүт 3 сылыгар оҥотторбут вымпелларбытын туттартаатыбыт”, - диэн кэпсиир "Марха өрүс көмүскээччилэрэ", "Ытык Малдьаҕар" түмсүүлэр салайааччылара, СӨ Айылҕа харыстабылын общественнай-экологическай Сүбэтин чилиэнэ, СӨ ОНФ айылҕа харыстабылыгар эксперта, адвокат Любомир Михайлов.
Итини сэргэ, түгэнинэн туһанан, Ньурба улууһуттан төрүттээх "Марха өрүс көмүскээччилэригэр", "Якутлесресурс" ГАТ Хаҥаластааҕы салаатын үлэһитигэр Александр Петрович Григорьевка, Үлэ дьоруойугар Варвара Устиноваҕа, Ытык Малдьаҕар түмсүүтүн сүбэтин чилиэттэригэр Кытыл-Дьурааттан (5-с Малдьаҕартан) төрүттээх эдьиийдии-балыстыы Галина, Юлия Шадриналарга уо.д.а. билэр дьонноругар, Хаҥалас улууһугар чопчу Тиит Арыы нэһилиэгин территориятыгар ойуур баһаара буола турарын биллэрэн, ыйан, сүбэлээн-амалаан биэрбиттэрин иһин Любомир Михайлов түмсүүтүн аатыттан улахан махталын тиэрдэр.
«Сылын аайы ойуурдарбытын уоттан быыһыыр, көмүскүүр, төрөөбүт дойдуларыгар бэриниилээх дьоммутугар, тэрилтэлэрбит үлэһиттэригэр, чуолаан Хаҥалас оройуонун "Авиалесохрана", "Якутлесресурс" ГАТ үлэһиттэригэр билиҥҥи кэм дьиҥнээх дьоруойдарыгар Уруй-Айхал буолуохтун”, - диир "Марха өрүс көмүскээччилэрэ" түмсүү салайааччыта Любомир Михайлов.