Балыыһа харыйатын кырдьаҕастар оҥорбут киэргэллэринэн симээтилэр
Бу салааҕа, сүнньүнэн, паллиативнай – эмтэммэт ыарыылаах, уустук диагнозтаах, күнүстэри –түүннэри көрүү – истии эрэйиллэр саастаах дьон сыталлар. Аламаҕай санаалаах балыыһа салаатын үлэһиттэрэ «Долгожить” коммерческайа суох ойдом тэрилтэ салайааччыта Наталия Каратаеваны уонна волонтердары кытта өрүү кырдьаҕас дьон сүргэтин көтөҕө, сэргэхситэ сатыыллар.
Ол курдук, быйылгы саҥа дьыллааҕы харыйаны симиир киэргэллэри кырдьаҕастар бэйэлэрэ, Ева Борисовна Матвеева ыйыытынан – кэрдиитинэн уонна көмөтүнэн оҥорбуттара. Ол туһунан салаа сэбиэдиссэйэ Валентина Поликарповна Дьяконова бу курдук кэпсээтэ: “Биһиги отделениебыт харыйатын киэргэтиитэ үгүс киһи болҕомтотун тарта, сэҥээриитин ылла. Тоҕо диэтэххэ, харыйаны пациеннарбыт бэйэлэрин илиилэринэн оҥорбут оонньуурдарынан киэргэппиппит”.
Харыйа симэхтэрэ - саастаах дьон хас да күннээх үлэлэрин түмүгэ. Оонньуурдар туойтан, кумааҕыттан оҥоһуллубуттар. Туойу быһыылаан – таһаалаан, куурдан -хатаран, онтон кырааскалаан, харыйаҕа ыйыыр быалаан, хас да күн сыралаһан, бэртээхэй харыйа киэргэллэригэр кубулуппуттар.
Валентина Поликарповна этэринэн, кырдьаҕастар үөрүүлэрэ үгүс. Кинилэр: “Эдэр сааспытын санаатыбыт, тарбахтарбытын хамсаттыбыт, өйбүтүн үлэлэттибит”, - диэн хас дьарык кэнниттэн үөрэ кэпсииллэр эбит. Онон балыыһа саҥа дьыллааҕы харыйатын араас кыыллар, фигуркалар, кумааҕыттан кырыллыбыт хаар кыырпахтара киэргэтэллэр.
“Таһырдьа тэлгэһэбитигэр кыра харыйалаахпыт, онтубутун араас өҥнөөх муус оҥоһуктарынан симээбиппит”, - диэн Валентина Дьяконова киэн тутта сэһэргээтэ уонна
кырдьаҕастары көрөөччү – истээччи Ева Борисовна Матвееваҕа уонна "Долгожить» АНО директорыгар Наталия Алексеевна Каратаеваҕа ис сүрэҕиттэн махталын биллэрдэ.