02.09.2021 | 11:30 | Просмотров: 789

Балет оскуолатыгар бастакы Оҕо театра аһылынна

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Аксения уонна Наталья Посельскайдар ааттарынан балет оскуолатыгар өрөспүүбүлүкэҕэ аан бастакы Оҕо театра аһылынна. Ити хардыы талааннаах оҕолору булааһын уонна өйөбүл регионнааҕы киинин  «Искусство» хайысхатын үлэтин саҕаланыытынан буолла. 
Театр «Үөрэҕирии» национальнай бырайыак «Хас биирдии оҕо ситиһиитэ» федеральнай бырайыагын чэрчитинэн тэриллибит. СӨ вице-премьера Сергей Местников Саха сирин бары нэһилиэнньэлээх пууннарыгар өйөбүлгэ наадыйар талааннаах оҕолор баалларын бэлиэтээбит. 
«Талааннаах оҕолору булуу уонна өйөөһүн, инники сайдыыларыгар көмөлөһүү олус наадалаах. Талааннаах оҕолору булааһын уонна өйөбүл региональнай киинэ ол иһин тэриллибитэ.  Бүгүн регионнааҕы киин аһыллыыта буолла. «Үөрэҕирии» национальнай бырайыак чэрчитинэн балет, Үрдүкү музыкальнай, профильнай оскуолалар материальнай-техническэй базаларын тупсарабыт. Ити үөрэҕирии систиэмэтин сайдыытыгар төһүү күүһүнэн буолуоҕа. Хас биирдии оҕо ситиһиитэ – өрөспүүбүлүкэ бүттүүнүн ситиһиитэ. Өрөспүүбүлүкэ инники сайдыытын, экэниэмикэтин талааннаах оҕолору булааһыны уонна өйөбүлү кытта сибээстиибит», – диир Сергей Местников.
СӨ үөрэҕириигэ уонна наукаҕа миниистирэ Михаил Сивцев иһитиннэрбитинэн, Саха сиригэр талааннаах оҕолору булан өйүүргэ саҥа систиэмэнэн үлэ саҕаламмыт. 
«Сүрүн сыалбыт – хас биирдии нэһилиэнньэлээх пууннарга оҕолору көрөн талааннары арыйыы уонна сайдалларыгар көмөлөһүү.  Ити хайысханан 90-с сылларга күүстээх акылаат ууруллубута, онон билигин саҥа тыыны ылар. Бүгүҥҥү күҥҥэ балет оскуолата искусство киининэн буолар. Атын хайысхаларынан уонна нэһилиэнньэлээх пууннарынан тирэх кииннэр тэриллэллэр. Сыл бүтүөр диэри Өктөмҥө наука Аччыгый академиятын үөрэтэр-лабораторнай корпуһун үлэҕэ киллэриэхтээхпит. Ити барыта оҕолор тустарыгар, кинилэр манна сайдалларын уонна инники хардыылыылларын курдук», – диэтэ  миниистир.

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.