17.08.2022 | 12:00 | Просмотров: 743

Балаҕан ыйыгар «Якутск 4.0.0 Старт» форум ыытыллыаҕа

Быйыл өрөспүүбүлүкэбит киин куората төрүттэммитэ 390 сылын бэлиэтиир. Аны 10 сылынан 400 сыллаах үбүлүөйэ буолар. 10 сылынан куораппыт хайдах буолуой? Хайдах куоракка олоруохпутун баҕарабыт?
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьокуускай куорат бигэтик сайдарын, бары өттүнэн табыгастаах, куттала суох уонна көҥүл, айар дьоҕурдаах дьоннордоох буоларын ситиһэр курдук СӨ Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев «СӨ киин куората – Дьокуускай 2032 сылга диэри сайдыытын туһунан» Ыйааҕа тахсыбыта.

Олохтоох дьаһалта Дьокуускай куорат көхтөөх олохтоохторун, өрөспүүбүлүкэ уонна куорат уопсастыбаннай тэрилтэлэрин 2022 сыл  балаҕан ыйын 8-11 күннэригэр ыытыллар «Якутск 4.0.0 Старт» форумҥа кытталларыгар ыҥырар.

«Якутск 4.0.0 Старт» форум киин куорат сайдыытын, инники кэскилин түстүүргэ экспертэри, көхтөөх гражданнары, бизнес бэрэстэбиитэллэрин уонна куорат былаастарын сомоҕолуур балаһаакканан буолуоҕа.

Форум тэрийээччилэрэ – Олохтоох дьаһалта, Дьокуускай куораттааҕы Дуума, куорат Уопсастыбаннай палаатата.

Бырагыраама чэрчитинэн дискуссионнай балаһааккалар үлэлиэхтэрэ. Пленарнай мунньахха куорат социальнай-экономическай сайдыытын стратегиятыгар уларытыылары киллэрэргэ төрүөтүнэн буолуохтаах «Якутск 4.0.0 Старт» форум түмүк резолюцията ылыныллыаҕа.

Сиһилии сигэнэн киирэн билсиҥ: https://yakutsk-400.ru/

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.