24.08.2022 | 14:26

Балаҕан ыйыгар олоххо киирэр сокуоннар

Балаҕан ыйыгар олоххо киирэр сокуоннар
Ааптар: Розалия ТОМСКАЯ
Бөлөххө киир

Алын кылаас оҕолоругар босхо итии аһылык

Балаҕан ыйын 1 күнүттэн оскуолаҕа алын сүһүөх оҕолорун итии аһылыгынан уонна сылаас утаҕынан хааччыйар туһунан сокуон олоххо киирэр. Үөрэх тэрилтэтэ күҥҥэ биирдэ итии аһылыгынан хааччыйар эбээһинэстэннэ. Оттон регионнар федеральнай бүддьүөттэн үбүлээһин ылыахтарын сөп буолла.

Тыа сиригэр дуу, куоракка дуу олороруттан тутулуга суох кыра кылаас оҕото күҥҥэ биирдэ оскуолаҕа сылаас аһылыгы аһыахтаах. Бу оҕо доруобуйатыгар өйөбүл быһыытынан сыаналанар.

Арассыыйа оскуолатын түөрт гыммыт бииригэр буфет, остолобуой билигин суоҕа бэлиэтэнэр. Саҥа сокуон бу итэҕэстэри туоратыахтаах.

 

Иитии боппуруоһугар ураты болҕомто

Балаҕан ыйын 1 күнүттэн олоххо киирэр сокуоҥҥа “Иитии” (воспитание) диэн тыл быһаарыыта чопчуланар уонна иитии үлэтин механизма сурулунна. Быйылгы үөрэх дьылыттан бырагыраамаҕа киирэн үлэ саҕаланыахтаах.

Сокуон духуобунай, сиэр-майгы өттүнэн иитиигэ уонна өй-мэйии сайдыытыгар төһүү күүс буолуохтаах. Үөрэнээччилэргэ дойдуга бэриниилээх буолуу, гражданственность, Аҕа дойдуну көмүскээччилэргэ ытыктабыл, аҕам саастаахтарга, үлэ киһитигэр убаастабыллаах сыһыан өйдөбүллэрэ иитиигэ тирэх буолуохтаахтар.

 

Бииргэ төрөөбүттэр оскуолаҕа, уһуйааҥҥа киириилэрэ

Быйылгы үөрэх дьылыттан бииргэ төрөөбүттэр биир үөрэх тэрилтэтигэр киирэллэрин мэктиэлиир сокуон дьэ олоххо киирдэ. 2019 сыллаахха ахсынньы 2 күнүгэр Бэрэсидьиэн илии баттаабыт сокуона олоххо киирбитин быйыл тэрилтэҕэ барар оҕолор холобурдарыгар дьэҥкэтик көрөбүт. Ыал улахан оҕото үөрэнэр оскуолатыгар кыралара барар кыахтаналлар, манна булгуччулаах прописка ирдэммэт.

 

Социальнай сертификат

Балаҕан ыйын 1 күнүттэн күүһүгэр киирэр сокуон социальнай көмөнү ыларга чэпчэтиинэн туһанар бырааптаах дьоҥҥэ сыһыаннаах. Кинилэргэ социальнай сертификат диэни биэрэр буолуохтара. Ол сертификатынан, социальнай реестртэн көрөн, наадалаах табаары эбэтэр өҥөнү төлөһүөххэ сөп буолар.

Көмө бэрээдэгин, көрүллэр усулуобуйатын регион былаастара бэйэлэрэ чопчулууллар, ол иһин киһи ханна олороруттан тутулуктаах.

 

Кирэдьиити эрдэ саптахха, страховка төннөр

Кирэдьиит дуогабарын болдьоҕуттан эрдэ төлөөн бүтэрдэххэ, страховой төлөбүр сорох чааһа төннөн кэлэр буолла. Бу иннинэ маннык төлөммүт харчыны төннөрүүнү суут  эрэ нөҥүө ситиһиэххэ сөбө.

 

Суута суох моҥкуруукка барыы

Балаҕан ыйыттан киһи босхо, суукка тиийбэккэ эрэ, бэйэтин моҥкуруутунан биллэрэр кыахтанна. Өскөтүн кини сатаан төлөөбөтөх иэһэ 50-500 тыһ. солк., киниэхэ исполнительнай производство дьыалата тохтообут – ол аата бириистэптэр бу киһи баайын-дуолун, харчытын булбатах буоллахтарына, гражданин моҥкуруукка барыы процедуратын суута суох ааһыан сөп буолла.

 

Эмиграцияны төннөрөр сокуон

Балаҕан ыйын 7 күнүттэн Арассыыйа олохтоохторо атын дойдуга олорор аймахтарын аҕалар кыахтаннылар. Үрдүк квалификациялаах исписэлиистэр эрэ буолбакка, атын дойду гражданнара, Арассыыйаҕа дьиэлээх-уоттаах дьон бары чугас дьоннорун, дьиэ кэргэттэрин, аймахтарын Арассыыйаҕа аҕалар бырааптаннылар.

Бастатан туран, бу сокуон урукку Сэбиэскэй сылларга эмиграцияҕа барбыт биир дойдулаахтарбыт төннөн кэлиилэрин көмүскүүр соруктаах.

Атын дойду гражданина олорор сирин туһунан регистрацияланыы сайаапкатын миграционнай учуот уорганыгар эбэтэр МФЦ нөҥүө биэриэн сөп.

 

Социальнай хайысхалаах тэрилтэлэргэ өйөбүл

Балаҕан ыйын 15 күнүттэн Коммерческайа суох тэрилтэлэргэ (НКО) уопсастыбаҕа туһалаах биир эбэтэр онтон элбэх бырайыагы, Бэрэсидьиэн пуондатын гранын көмөтүнэн, олоххо ситиһиилээхтик киллэрбит буоллаҕына, бу тэрилтэ уопсастыбаҕа туһалаах өҥөлөрү оҥорор тэрилтэ статуһун ылар уонна эбии докумуон эккирэтиһиититтэн босхолонор.

Тэрилтэ үлэтин түмүгүн Бэрэсидьиэн гранын пуондата таһаарар.

 

Хаайыылаахтары көһөрүү

Күһэлэҥ үлэҕэ уонна хаайыыга уураахтаммыт дьон Арассыыйа иһинэн, чугас дьонноро, аймахтара ханна олороллорунан, көһүөхтэрин сөп буолла.

Чугас аймах ахсааныгар кэргэн, төрөппүттэр, оҕо, иитэ ылааччылар эбэтэр иитиллээччилэр, бииргэ төрөөбүттэр, эбэ, эһэ уонна сиэннэр киирэллэр. Бу сокуон балаҕан ыйын 29 күнүттэн үлэлиир.

 

Азартаах оонньуулары тула

Балаҕан ыйын 30 күнүттэн азартаах оонньуулары букмекердар хонтуораларыгар тэрийэр тэрилтэ, тотализатордартан ураты, туспа лицензияланар буолар.

Арассыыйа үрдүнэн үлэлиир спортивнай федерациялар, идэтийбит спортивнай лигалар уонна атын идэтийбит спорт тэрилтэлэрэ саайтарыгар көхтөөх оонньууну тэрийэр тэрилтэлэри кытта дуогабардарын, күрэхтэһиилэр тустарынан информацияны таһааран иһиэхтээхтэр.

Ыйыт-хоруйдуубут

Балаҕан ыйын 1-кы күнүгэр оҕолорбутун кытта маҥнайгы чуораан бырааһынньыгар сылдьыахпытын баҕарабыт. Сокуоҥҥа олоҕуран, үлэбититтэн хайдах көҥүллэтэбит?

Юрист Маргарита Колодезникова биһиги ааҕааччыларбытыгар маннык быһаарар:

— Быйыл балаҕан ыйын 1 күнэ үлэ күнүгэр түбэһэр. Сокуон этэринэн, Билии күнэ официальнай бырааһынньык да, өрөбүл да күнэ буолбатах. Оттон бу күн оҕоҕутун кытта оскуолаҕа барыаххытын баҕарар буоллаххытына, хас да суол баар:

* Өскөтүн эн хаан туттарар донор буоллаххына, сокуоҥҥа олоҕуран, эбии биир төлөнөр өрөбүл күн аахсыаххын сөп. Сыл ханнык баҕарар күнүгэр бу күҥҥүтүн туһанар бырааптааххыт, ол иһигэр балаҕан ыйын 1-кы күнүгэр кытта.

* Төһө да Билии күнэ өрүүр официльнай бырааһынньык буолбатаҕын иһин, тэрилтэлэр оҕолордоох үлэһиттэригэр өрөбүл биэриэхтэрин сөп. Үлэни биэрээччи ону бэйэтэ мэктиэлиир. Ол туһунан үлэ дуогабарыгар, кэлэктиип дуогабарыгар, ис бэрээдэк докумуонугар ыйыллыан сөп. Үксүн каадыры кытта үлэлиир отделга сайабылыанньа бэриллэр.

* Маны тэҥэ, бу күн бэйэҕит суоккутугар биир төлөммөт күнү ылыаххытын сөп – салалтаҕа сайабылыанньа суруйаҕыт. Хамнас төлөммөт. Салалта көҥүллээтэҕинэ, бу күн үлэлээбэккит, хамнаскыт биир күннээҕинэн кыччыыр.

* Син ол курдук бэйэҕит ылыахтаах сыллааҕы уоппускаҕыт күнүттэн көҕүрэтэн биир күнү туһаныаххытын сөп.

* Оттон чэпчэтиинэн туһанар категорияҕа киирсэр буоллаххытына (холобур, оннук категорияҕа элбэх оҕолоох төрөппүт киирсэр), РФ Үлэ кодексатын 262.2 ыст. олоҕуран, уоппускаҕытын хаһан баҕарбыккытынан, эһиэхэ табыгастаах кэмҥэ, ылар бырааптааххыт.

* Үлэни биэрээччи, тэрилтэ өрөбүлгэ үлэлэтэр буоллаҕына, ол үлэлээбит өрөбүлгүтүгэр ааҕыллар үрдүк хамнас оннугар уоппуска күнүн талыаххытын сөп.

Олох араас кыһалҕатыгар юрист өҥөтүнэн туһаныҥ: 8-964-417-10-45

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...