13.09.2021 | 15:11 | Просмотров: 690

Балаҕан ыйыгар Дьокуускайга 15 спортивнай балаһаакка үлэҕэ киирэр

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Балаҕан ыйыгар куорат киинигэр уонна куорат таһынааҕы нэһилиэнньэлээх пууннарга 15 саҥа  воркаут-зоналар аһыллыахтара. Куорат Күнүгэр баһылык Евгений Григорьев Пригороднай сэлиэнньэтигэр биир итинник балаһаакка аһыллыытыгар сырытта. Ол туһунан Уокуруктааҕы дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрдэ. 
Спордунан дьарыктанарга уонна көхтөөх сынньалаҥҥа куорат Күнүн көрсө бэртээхэй бэлэх оҥоһулунна – саҥа спортивнай балаһааккалар аһылыннылар. Балаҕан ыйа бүтүөр диэри Марха уонна Кангалаас дьоҕус оройуоннарыгар, Хатас, Тулагы уонна Пригороднай сэлиэнньэлэригэр 15 итинник балаһаакка аһыллыахтаах. 
Куорат Күнүн бэлиэтээһин чэрчитинэн  Пригороднай сэлиэнньэтигэр Совхознай уул., 27, Сайсары уокуругар Билибин уул., 17/1 уонна Строительнай уокурук Дзержинскэй уул., 45/1, 45/2 воркаут-балаһааккалар аһылыннылар. 
«Куорат Күнэ спортивнай тиэмэнэн саҕаламмыта үөрүүлээх. Ол курдук, бүгүн Дьокуускайдааҕы полумарафон саҕаланна, аны воркаут-балаһааккалары аһабыт. Ити тэрээһиннэринэн куорат нэһилиэнньэтин доруобуйатын бөҕөргөтүү улахан бырагырааматын саҕалыыбыт, чугаһынааҕы биэс сыл иһигэр куорат бүттүүнүгэр 75 итинник балаһааккалары тутуохтаахпыт», – диир  Евгений Григорьев.
Дьокуускай куоракка воркаут-зоналар маннык аадырыстарга аһыллыахтара: Кальвица уул., 11/1, Каландаришвили уул., 23/1, Павлик Морозов уул., 1, 202 дьоҕус оройуон, 7-с корпус, Курнатовскай уул., 3/5, Лермонтов уул., 58, Сэргэлээхтиир шоссе, 8 км, Хатас сэлиэнньэтигэр Дорожнай уул., 8/1, Кангалаас сэлиэнньэтигэр 26-с Партсъезд уул., 3, Марха дьоҕус оройуонугар Олег Кошевой уул., 96, Тулагы-Киллэм нэһилиэгэр Уваровскай уул., 1, Маҥан сэлиэнньэтигэр Алымов уулуссатыгар, Табаҕа сэлиэнньэтигэр Каландаришвили уул., 1а. Балаһаакканы туруоруунан «Главстрой» МКТ дьарыктанар, бырайыак уопсай суумата – 16,5 мөл. солк.

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.