05.04.2021 | 10:10

Баардааҕын көрдөрбүт Тайҕа Баһылай

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Егор Корякин, Бүлүү улууһа:

– Урут сэбиэскэй былаас саҕана оскуола оҕолоругар үлэ-сынньалаҥ лааҕыра диэн баар буолар этэ.80-с сыллар ортолоругар Тэҥкэ Бэс диэн ааттаах сиргэ сүүрбэттэн тахса оҕо буолан оттуу сытабыт. Саҥа туран эрэр мэник-тэник оҕолор хотууру-кыраабылы кэмэ-кэрдиитэ суох алдьатабыт. Онтубутун барытын Тайҕа Баһылай диэн уоһа ыпсыбат кэпсээннээх-сэһэннээх, былыргыны олус билэр оҕонньор оҥорор, абырахтыыр этэ.

Урут эдэр сылдьан дойдутуттан тэлэһийэн дьэллигирэ сылдьыбыт, ойуун-ичээн идэлээх эбитэ үһү. Кини уһанарын таһынан, чугастааҕы көлүйэҕэ туулуур, тэйиччи күөлгэ баран илимниир. Быһата, биһигини, лааҕыр оҕолорун, балыгынан хааччыйар, аспытын астыыр. Билигин санаатахха, биир дьикти дьарыктаах эбит этэ. Ол курдук, оҕонньорбут дьээбэлэннэҕинэ күөмэйин араастаан куллурҕатан араас кукаакы, тураах курдук көтөрдөрү ыҥыран ылан ытыһыттан килиэп тоорохойунан аһатара. Биирдэ сырылас куйааска Боодьо диэн ааттаах улахан кылаас уола илиитин хотуурга быстан хаан бөҕө буолбутун оҕонньорбут кэлэн, иһигэр тугу эрэ ботугураан баран, силлээн кэбиһэн тохтоппута. Биһиги ол баас сонно тута кубарыс гынан үүт маҥан буолан хаалбытын көрөн сөхпүттээхпит. Оччолорго оройуон кииниттэн улахан тэрилтэлэр, хонтуоралар үлэһиттэрин субуотунньукка диэн оттото таһаарар бэрээдэк баара. Билигин санаатахха, бука, улахан кыһалаҥынан үүрэн таһаараллара эбитэ буолуо. Ол курдук, күһүөрү соҕус ханнык эрэ улахан тэрилтэ мааны эр дьоно уонна дьахталлара от кэбиһиитигэр көмөлөһө таҕыстылар. Оройуон кииниттэн кэлбит дьон биһиги тэринэн-дьаһанан олорор усулуобуйабытын көрөллөр-истэллэр, утуйар балааккаларбытын кытта өҥөйөллөр. Атын үлүгэрдик хантан эрэ ыраах сиртэн кэлбит дьон курдук тутталлар-хапталлар, соһуйбута-өмүрбүтэ буолаллар. Дьиҥинэн ааҕыстахха, биир оройуоҥҥа олорор тиэргэн иһинээҕи дьон буоллахтара.

Биир киэмсийбит мааны дьахтар Баһылайбыт тууга киирбит балыгын ыраастыы олорорун,  мунду-күөнэх быыһыттан субу-субу чохуну, уу кыыһын ылан туора илгэн кэбиһэрин көрбөхтөөн баран, сиргэнэн оҕонньор чугаһыгар силлээн баран: “Фу-у, пахайбын ньи-ии! Бу уу үөнүн...” – диэн сиргэммитэ буолан татыаккаланна, сирэйин мырдыччы тутунна. Онуоха мин аттыбар турбут эр дьон: “Ээ, тыа дьоно эрэйдээхтэртэн тугу булан ылыаҥый, астанан-үөллэнэн олороохтууллар, баҕалаан-чохулаан”, – эҥин диэн дьахтары уоскута сатаатылар, биһигиттэн тэйэ хаамтылар. Биһиги, оҕолор, ону истэн баран улаханнык өһүргэннибит.

Баһылайбыт, төһө да оҕо аймахха сымнаҕаһын иһин, улахан дьоҥҥо тордурҕас майгылааҕынан, туруору тыллааҕынан аатырар этэ. Кини эмиэ оройуон дьоно киэбирэр моһуоннаах туттууларын-хаптыыларын иһигэр адьас улаханнык сөбүлээбэтэ. Тугу да саҥарбата гынан баран,  “тугу дьаабыланаҕыт” диэх айылаах бэрт хатааннаах, сытыы хараҕынан тэйэ хааман эрэр дьону супту көрөн олорбохтоото. “Маҥан аллаахтар, хаһан да үөнү сиэбэтэх дьон курдук туттаахтыыгыт даҕаны, дьэ, бэйикэй, көрүллүө...” диэх курдук бэйэтин иһигэр сибигинэйбитин кулгааҕым уһугунан истэн хааллым.

Киэһэ уһун хаптаһын остуолга бары аһаары олордубут. Оройуон дьоно биһиги ойоҕоспутугар туспа олороллор. Эр дьон биһигиттэн кистии сатыы-сатыы бытыылкаттан арыгы куттан иһэллэр, араас кэнсиэрбэлэрэ диибин диэн, ойуулаах-дьарҕаалаах иһиттэрэ-хомуостара сүр. Күлүү-үөрүү, кэпсээн-ипсээн дэлэй. Били мааны дьахтар, бука бэйэлэрин истэригэр “сулустара” буолуо, уоһа ыпсыбакка күлэр-салар, часкыйар, эр дьоннуун оонньоһор.

Балай эрэ кэм аһыы олорбохтообуппут кэннэ, ойоҕоспутугар киһи куйахата күүрэр часкыыра, хаһыыта-ыһыыта, сарылаһыыта саҕаланна. Остуол дьоно бука бары аһыы олорон, соһуйан ыстаҥалаһан турдубут. Улахан дьон, учууталлар оҕолору тута киэр кыйдаталаан кэбистилэр. Кэлин улахан кылаас уолаттара: “Били дьахтар чааскылаах чэйин иһэн сыпсырыйан эрдэҕинэ, чэйдээх чааскытын иһиттэн киһи ытыһын саҕа улаханнаах хап-хара баҕа бадараанынан бырдаҥалаабытынан сирэйигэр ыстанан тахсыбыт. Онтон куттанан дьахтар дэлби истиэрикэлээбит, ньиэрбэтэ ыалдьан сирэйин аҥаара хамсаабат буолбут, кутталыттан уҥан охтубут. Ол баҕа оройуон дьоно тэлгэнэн сытар аһылыктарын барытын үрдүнэн лаһырҕайдаан тиийэн, ыһыктара симиллэн сытар куулларыгар киирэн хаалбыт. Ону тэбии сатаатылар да, кыайан булбатылар. Ол астара барыта быраҕыллар буолла”, – диэн бэрт дэлэй кэпсээннээх кэлбиттэрэ. Бука, кыра соҕус омуннааҕа буолуо эрээри, сарсыныгар ол дьахтар туох да буолбакка сылдьар быһыылаах этэ.

Лааҕыр оҕолоро: “Дьиҥнээх баҕа буолбатах, Баһылай оҕонньор баҕата эбит”, – диэн бэйэбит икки ардыбытыгар быһаарбыппыт. Кэлин “баҕата көрдөр эрэ” диэтэхпитинэ, Баһылайбыт күлэн эрэ кэбиһэрэ. Олус хаайдахпытына: “Ол диэн туох уустуктаах буолаахтыай... Оройуон сахсархай, хабах курдук күөгэҥнэс тыыннаах дьонун харахтарын баайыы хамсаҕа кымаах табаҕы симэрдээҕэр чэпчэки” диэн мүчүк гынара. Хор, оннук түбэлтэ мин оскуолаҕа үөрэнэр эрдэхпинэ, биир кытыы дэриэбинэҕэ буолан турардаах.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....