27.12.2021 | 19:29

Баара буоллар 60 сааһын туолуохтааҕа

Ааптар: Ульяна Бурнашева, Кэптэни, суруйааччы, суруналыыс, П. Оготоев аатын үйэтитээччи
Бөлөххө киир

Арассыыйа үтүөлээх артыыһа, сахаттан бастакы идэтийбит хомусчут Пётр Петрович Оготоев 1961 сыл ахсынньы 1 күнүгэр Лөгөй нэһилиэгэр Кэптэнигэ төрөөбүтэ.

 Ийэтэ Евдокия Петровна Охлопкова Уус Алдан Лөгөй нэһилиэгин Хомустаах бөһүөлэгиттэн төрүттээх, сүөһүнү иитиигэ үлэлээбитэ, ферма сэбиэдиссэйэ да буолара. Сэрии ыар сылларыгар үлэтэ сыаналанан, "Үлэҕэ килбиэнин иһин" мэтээлинэн наҕараадаламмыт. Аҕата Пётр Васильевич Оготоев Таатта Амматыттан төрүттээх, нуучча тылын, литэрэтиирэтин учуутала. Саха АССР үтүөлээх учуутала, РСФСР үөрэҕириитин туйгуна этэ. Общественнай деятель, фольклорист, кыраайы үөрэтээччи. Петя бэһис оҕонон күн сирин көрбүт. Улахан эдьиийэ Клавдия Петровна Оготоева РФ уопсай үөрэхтээһинин туйгуна, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, 2006 с. В. В. Путин гранын ылбыта. Убайа Егор Петрович Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, скульптор-монументалист, култуура үтүөлээх деятелэ. Орто эдьиийэ Мария Петровна Дмитриева СӨ социальнай харалтатын үтүөлээх үлэһитэ, Мотрена Петровна библиотекарынан өр сылларга үлэлээбитэ, бааһынай хаһаайыстыба Далбар Хотуна этэ. Дьэ, итинник үөрэҕи, үлэни үрдүктүк туппут, саха сиэрин, үгэһин тута сылдьар ыал истиҥ тапталларыгар угуттаммыта. Лөгөй орто оскуолатыгар үөрэнэр сылларыгар мээчигинэн, хайыһарынан дьарыктаммыта. Хайыһарга СӨ физическэй култуураҕа уонна спорка үтүөлээх үлэһитэ Григорий Константинович Дьячковскайга эрчиллэн, оскуолатын, улууһун чиэһин үгүстүк көмүскээбитэ. Бастыҥ үөрэнээччи этэ. 1978 сыл оскуоланы бүтэрэн, СГУ саха тылыгар уонна литэрэтиирэтигэр салаатын устудьуона буолбута. Иван Алексеев-Хомус Уйбаан салайар "Алгыс" хомусчуттар ансаамбылларыгар талыллан, хомуска оонньуур дьоҕура өссө сайдыбыта.

Хомусчут аата үйэтийэр

Киһи олоҕо – айымньы. Айымньы да араастаах, ааҕыллар уонна ааҕыллыбат. Пётр Петрович аата ааҕыллар бөдөҥ айымньы буолан, күн бүгүнүгэр диэри ахтыллар. Ол курдук, үөрэммит оскуолата кини төрөөбүт күнүн көрсө дириҥ ис хоһоонноох тэрээһини, күрэҕи тэрийдэ.

Саҥа хомуска оонньооччулары, хомус эйгэтигэр, хомус дьүрүскэн тыаһыгар угуйар сыаллаах оскуола үөрэнээччилэригэр, төрөппүттэригэр биирдиилээн уонна дьиэ кэргэн бөлөҕүнэн толорууга «Саҥа саҕахтар»  онлайн-күрэс ыытыллан, 16 үөрэнээччи уонна 5 дьиэ кэргэн илин-кэлин түһүстүлэр.

4-6 кылаастарга биирдиилээн хомуһунан толорууга 1 миэстэ – Аня Бурнашева, 2 – Яна Гоголева, 3 миэстэ Марков Коля буоллулар.

7-8 кылаастарга биирдиилээн хомуһунан толорууга 1 миэстэ Диана Федорова, 2 – Аян Борисов, 3 миэстэ Ромина Попова буоллулар.

9-10 кылаастарга биирдиилээн хомуһунан толорууга 1 миэстэ Саша Олесова, 2 миэстэ – Дарина Петухова, 3 миэстэ Толя Сивцев буоллулар.

Дьиэ кэргэнинэн хомуһунан толорууга бу күрэскэ дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан:

1 миэстэ – Никитиннэр дьиэ кэргэн (Коля Никитин ийэтинээн, эдьиийдэринээн, 10 «А” кылаас);

2 миэстэ – Сокорутовтар дьиэ кэргэн (Арсен Сокорутов ийэтинээн, 9 кылаас);

3 миэстэ – Николаевтар дьиэ кэргэн (Арчылаан Николаев ийэтинээн, 4 кл).

Бүөтүр Оҕотойооп бииргэ төрөөбүттэрин анал бириистэрэ Толя Сивцев (10 “Б” кыл.) уонна Татариновтар дьиэ кэргэнигэр туттарылынна.

Кыайыылаахтарга уонна анал номинациянан бэлиэтэммиттэргэ Бүөтүр Оҕотоойоп бииргэ үөрэммит оҕолоро (1979 с. выпускниктара), бииргэ төрөөбүттэрэ туруорбут Кубоктара, анал бириистэр, харчынан бириэмийэлэр туттарыллан, кыттааччылар үөрүүлэрэ үксээтэ.

Аан дойду виртуоз хомусчута, Арассыыйа үтүөлээх артыыһа П. П. Оготоев 60 сааһын бэлиэтиир күнүгэр Хомус күннэрин түмүктүүр күн биирдиилээн уонна кылааһынан кыайыылаахтары үөрүүлээхтик наҕараадалааһынынан түмүктэннэ. Б. Оҕотоойоп 60 сааһыгар уонна Хомус күннэригэр ананан ыытыллыбыт күрэхтэр  түмүктэринэн,  кылаастар икки ардыларыгар үс көрүҥ түмүгүнэн, бөлөхтөрүнэн 4, 8 “б”, 10 “а” кылаас кэлэктииптэрэ «Муҥутуур кыайыылаах» үрдүк ааты ылан, Бүөтур Оҕотоойоп бииргэ үөрэммит оҕолоруттан – Лөгөй орто оскуолатын 1979 сыллаах выпускниктарыттан харчынан бириэмийэни туттулар.

Сэһэн Ардьакыап музейыгар

Күнүс 2 чаастан Сэһэн Ардьакыап аатынан улуустааҕы кыраайы үөрэтэр уонна  историческай музейга күлүбүрүү умайар көмүлүөк оһох иннигэр кэлбит ыалдьыттары Альбина Егоровна Афанасьева, музей методиһа, СӨ култууратын туйгуна, көрүстэ.

Мүрү нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Мотрена Москвитина олоҥхоһуттарга анаммыт баай кэллиэксийэтин иннигэр туран, хомуһуннаах хомусчут Пётр Оготоев олоҕун, айар үлэтин билиһиннэрдэ. Салгыы норуоттар икки ардыларыгар тиийэ биллибит өрөспүбүлүкэтээҕи "Хомус кырдала" бырайыак ааптара Альберт Находкин хомусчуттар бу күрэхтэрэ хайдах тэриллибитин кэпсээтэ. Импровизатор-хомусчут хомуска оонньоон иһитиннэрдэ. Ульяна Бурнашева Оготоевтар дьиэ кэргэттэригэр оҕону иитии оруолун,  хомусчут аата Кэптэни сынньалаҥ киинигэр иҥэриллибитин туһунан кэпсээтэ. Саха норуодунай бэйиэтэ Уйбаан Мигалкин "Хомус" хоһоонун аахта, чабырҕахтаата.

Дьэ, ити кэнниттэн салгыы Мүрү эбэ тула олорор бөһүөлэктэр үөрэнээччилэрин хомуска күрэҕэ ыытылынна. Бороҕонтон Мүрү 1, 2 №-дээх оскуолаларыттан, Майаҕастан, Бороҕоннооҕу искусство оскуолатыттан П. Оготоев хомуһун үйэтитээччилэр күрэхтэстилэр. Дьүүллүүр сүбэҕэ улуус ыччакка, спорка уонна дьиэ кэргэҥҥэ салайааччыта, күрэх сүрүн спонсора Гаврил Аргунов, улуус түмэлин солбуйар дириэктэрэ Е. Черкашина, ыччат салаатын исписэлииһэ А. Голикова, "Өбүгэ үгэһэ үйэлэргэ" быыстапка ааптара, олоҥхоһуттары үйэтитэр коллекционер Мотрена Москвитина үлэлээтилэр.

Күрэхтэһии түмүгүнэн кыайыылаахтары быһаардылар: 1 үрдэл – Амелия Протодьяконова (сал. А.Е. Илистярова), 2 үрдэл – Мичийэ Ларионова (сал. Л.С. Слепцова), 3 үрдэл – Эля Дегтярёва (сал. М.И. Крылова).

Анал аатынан ааттаннылар: "Уран хомусчут" – Леонида Иванова (сал. Е.И. Илистярова), "Дуораһытар хомусчут" – Кудай Андросов (сал. Л.С. Слепцова), "Хомоҕой хомусчут" – Алёна Колодезникова (сал. М.И. Крылова), "Дорҕоонноох хомусчут" – Илона Лаптева (сал. Л.С. Слепцова), "Кэскиллээх хомусчут" – Лия Ущницкая (сал. О.Е. Алексеев), "Дьүрүһүтэр хомусчут" –Айсена Домотова (сал. О.Е. Алексеев).

Улуус түмэлин дириэктэрэ Дьулустаан Заболоцкай Пётр Оготоев хомуска киллэрбит кыыл саҥатын, айылҕа тыаһын курдук саҥа сүүрээннэрин, тардар ньымаларын туһунан кэпсээнэ болҕомтону тарта. Кини хомусчуттар оонньуур уратыларын дипломнай үлэтигэр суруйбутун этэн туран, хомус уустарын үлэлэрин туһунан билиһиннэрдэ уонна хомуска оонньоон дьүрүһүтэн, чахчы талааннаах хомусчут буоларын итэҕэттэ.

Түмүккэ эдэр хомусчуттарга Пётр Оготоев аатын үйэтитээччилэргэ,  кыттыыны ылбыттарга Эҕэрдэ суруктар, Мэҥэ ааттар, сертификаттар туттарылыннылар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....