Баахтанан үлэ эйигин ыҥырар!

Саха сиригэр промышленнас сайдыытын, сиртэн хостонор баайга сыһыаннаах тэрилтэлэр үлэлэрин-хамнастарын туһунан хаһыаппытыгар дөрүн-дөрүн кэпсиибит.
Быйылгыттан саҕалаан Саха сирин эрэ олохтоохторугар үлэ миэстэтин булан биэрэр Петр Чехордуун салайааччылаах “На вахту14” бырайыак үлэлээн эрэрин эмиэ сырдатан турабыт.
Мантан аллаара тиэхиньиичэскэй үөрэхтээх эдэр дьоҥҥо үлэ миэстэлэрин таһаарабыт.
Алдан оройуона
«Бульдозер машиниһа”
Хамнаһа: 90 тыһ.солк. саҕаланар.
Ирдэбилэ: машиснист-бульдозерист дастабырыанньата, үлэ уопута икки сылтан кыра буолуо суохтаах.
Булуҥ улууһа
«Оборудованиены өрөмүөннээһиҥҥэ 3-с разрядтаах электромонтер»
Хамнаһа: 50 тыһ. солк. саҕаланар.
Ирдэбилэ: идэтин үөрэхтээх, үлэ уопута алта ыйтан кыра буолуо суохтаах.
“4-с разрядтаах ДВС машиниһа”
Хамнаһа: 71 тыһ. солк. саҕаланар.
Ирдэбилэ: идэтин үөрэхтээх, үлэ уопута алта ыйтан итэҕэһэ суох буолуохтаах.
Үөһээ Дьааҥы улууһа
«4-с разрядтаах лаборант»
Хамнаһа: 115 тыһ. солк. саҕаланар.
Ирдэбилэ: идэтинэн үрдүк үөрэхтээх, үс сыл үлэ уопута.
“Самосвал массыына суоппара”
Хамнаһа: 136 тыһ. солк. саҕаланар.
“С” категория суоппар дастабырыанньата, үлэ уопута икки сылтан итэҕэһэ суох буолуохтаах.
Нерюнгри оройуона
«2-с разрядтаах прооботборщик”
Хамнаһа: 123 тыһ. солк. саҕаланар.
Ирдэбилэ: идэтинэн дастабырыанньа.
“Массыыналары өрөмүөннүүр 6-с разрядтаах слесарь»
Хамнаһа: 158 тыһ. солк. саҕаланар.
«Техническэй хонтуруол отделын хонтуруоллуур маастара»
Хамнаһа: 183 тыһ. солк. саҕаланар.
Ирдэбилэ: Идэтинэн тустаах үөрэх уонна уопут.
“Урал массыына суоппара”
Хамнаһа: 155 тыһ. солк. саҕаланар.
Ирдэбилэ: “Д” категория суоппар дастабырыанньата, үлэ уопута үс сылтан аҕыйаҕа суох буолуохтаах.
Үлэҕэ киириэн баҕалаахтарга билсэр төлөпүөн: 8 968-154-05-08, 8 914-829-81-98 уонна www.навахту14.рф сайт.
Манна даҕатан эттэххэ, бу ааттаммыт идэлэргэ сүнньүнэн олохтоох кадрдары ыла сатыыллар. Онон, ыччаттар, промышленнаска үлэлиирбит өссө судургутуйан биэрдэ.
Сонуннар
Ордук ааҕаллар



