Баһылык Тулагыга ыытыллыбыт үлэ туһунан кэпсээтэ
Биһиги хаһыаппытыгар нэдиэлэ аайы "Баһылыктан ыйыт" рубрика үлэлиир. Ыйытыыларгытын эрэдээксийэ бассаабыгар 8-914-270-64-04 ыытыаххытын сөп. Ааспыкка куорат баһылыга Сардана Владимировна Авксентьева Гагаринскай уокурук, Марха микрооройуонун олохтоохторун ыйытыыларыгар хоруйдаабыта. Бу сырыыга Тулагыга туох үлэ ыытыллыбытын кылгастык кэпсиир.
–Суол үлэтин туһунан кылгастык кэпсии түһүөҥ дуо?
–“Куттала суох уонна хаачыстыбалаах айан суоллара” национальнай бырайыак чэрчитинэн нэһилиэк үс уулуссатыгар өрөмүөн үлэтэ ыытылынна: Тулагыга Порядин, Связистар уулуссалара, Сыырдаахха Уваровская уулуссата – уопсайа 2,8 км. Бу күннэргэ Тулагыга саамай уһун (4 км) Николаев уулуссатын өрөмүөнүн аукциона түмүктэниэхтээх. Маны сэргэ, икки кэнники сылга нэһилиэк суолун-ииһин көрүүгэ-истиигэ 2 мөлүйүөн солкуобай кэриҥэ үп тыырыллыбыта. Ол курдук, Тулагыга, Сыырдаахха, Капитоновкаҕа уонна Киллэмҥэ 8 км кэриҥэ суол грейдердэммитэ уонна өрөмүөннэммитэ. Быйыл “Сырдык киин куорат” бырагыраама чэрчитинэн Тулагыга Связистар уулуссаларыгар эбии 25 саҥа баҕана туруорулунна.
–Олохтоохтор тугу туруорсалларый?
–Үгүс сыл устата Сыырдаах олохтоохторо Кымньыылаах күөлү харыстыыр, уута туоларын туһунан туруорсубуттара. 2019 сылга бүддьүөккэ 1 мөлүйүөн солкуобай кэриҥэ харчы көрүллүбүтэ, онон уу оборторор носуос таҥыллан, быйыл үлэҕэ киирдэ.
Соторутааҕыта Киллэмҥэ Наадьылы үрэҕи туоруур муоста туруорулунна. Онон олохтоохтор оптуобус тохтобулугар диэри суоллара кылгаата.
Бэтэрээннэр уонна инбэлииттэр дьиэлэрин тупсарыы бырагырааматын чэрчитинэн, кэнники икки сылга 18 дьиэ толору хааччылынна.
–Нэһилиэк сайдыытыгар туох үлэ ыытылларый?
–Нэһилиэк улаатар, кэҥиир, саҥа ыал элбиир. Онон элбэх оҕолоох ыаллар микрооройуоннарын сайыннарыыга эбии үп көрүллэрэ былааннанар. 2020 сыл ахсынньы 1 күнүнээҕи туругунан, манна 240 элбэх оҕолоох ыал олорор, онтон 25 дьиэ кэргэн (66 оҕо) киин куорат босуобуйатын ылар. Былырыын Сыырдаахха 240 миэстэлээх оҕо уһуйаанын үөрүүлээх быһыыга-майгыга аспыппыт. Тулагы оскуолатыгар “Точка роста” киин тэриллибитэ. Быйыл “Кэнчээри” уһуйаан акылаатын бөҕөргөтөр үлэ ыытылынна.
Нэһилиэк актыбыыстара араас субуотунньуктары көҕүлүүллэр. Холобур, былырыын ыраастааһын үлэтигэр 1239 киһи (!) тахсыбыта. Быйыл кылгас кэм иһигэр субуотунньук 49 төгүл ыытылынна. Маладьыастар! Эһигинэн киэн туттабын!
Нэһилиэк баһылыга Егор Гаврильевич Попов – уопуттаах салайааччы, сир боппуруостарын үгүстүк туруорсар. Кырдьыга даҕаны, Тулагы-Киллэм Дьокуускай куораты уонна чугас улуустары тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатынан хааччыйан олорбут “Якутскай” сопхуостан илдьэ хаалбыт нэһилиэстибэтин билиҥҥэ диэри тутан олорор нэһилиэк быһыытынан биллэр. Егор Гаврильевиһы идэтигэр бэриниилээх үлэһит, ону таһынан киһи быһыытынан үтүө өрүттэрин – чиэһинэй, сиэрдээх, эппиэтинэстээх кэллиэгэ диэн бэлиэтиэхпин баҕарабын.