Баһылык нэһилиэнньэни кытта көрсүһүүлэригэр дьон көхтөөхтүк кыттар
Атырдьах ыйын 14 күнүттэн куорат баһылыга Евгений Григорьев нэһилиэнньэни кытта Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии тула көрсүһүүлэрэ ыытыллар. Евгений Николаевич сайдыыны түстүүр дьоһун суолталаах докумуоҥҥа киирбит бырайыактарынан туох үлэ оҥоһулларын дьоҥҥо-сэргэҕэ сиһилии кэпсиир, инники былааннары билиһиннэрэр. Ону сэргэ нэһилиэнньэ ыйытыыларыгар хоруйдуур, этиилэрин, үҥсүүлэрин истэр.
Сайсары сүрүн кыһалҕата - хаарбах дьиэ элбэҕэ
Атырдьах ыйын 14 күнүгэр Евгений Григорьев Сайсары нэһилиэнньэтин кытта көрүстэ. Тэрээһин Ильменскэй уулуссаҕа, быйылгы «Азия оҕолоро» оонньуулары көрсө тутуллубут сабыс-саҥа спорт саалатын тиэргэнигэр ыытылынна.
Түөлбэҕэ туох үлэ бара турарый? Баһылык Сайсары күөл кытыла тупсарылларын, Саха политехническай лицей саҥа дьиэтэ тутулларын, итини сэргэ, сотору кэминэн Сэргэлээх суолугар доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолорго Адаптивнай үөрэхтээһин комплекса дьэндэйиэхтээҕин кэпсээтэ.
Чайковскай уулуссатыгар турар тиэргэннэргэ архитектура дьоҕус пуормаларын тупсараллар, маны сэргэ үс уулуссаҕа – Макаренко, Винокуров уонна Притузов уул. хапытаалынай өрөмүөн ыытыллар.
Эргэ, самнайбыт, саахалланар кутталлаах мас дьиэ элбэҕэ – куорат биир кырдьаҕас түөлбэтин сүрүн кыһалҕата. «Ону хаарбах туруктаах дьиэлэртэн олохтоохтору көһөрүү саҥа бырагырааматынан, маны сэргэ чааһынай тутааччылары кытыаран, сири-уоту биир кэлим сайыннарыы нөҥүө быһаарыахпыт», – диэтэ куорат баһылыга.
Сайсары олохтоохторун оптуобус сырыыта, суол-иис боппуруоһа, тупсарыы үлэтэ, хаарбах туруктаах дьиэлэртэн олохтоохтору көһөрүү долгутар. Киирбит ыйытыы уонна этии барыта хонтуруолга ылылынна.
Промышленнай уокурукка туох үлэ ыытылларый?
Атырдьах ыйын 19 күнүгэр куорат баһылыга Евгений Григорьев Промышленнай уокурук нэһилиэнньэтин кытта көрүстэ. Манна 2024 сылга Бестужев-Марлинскай уулуссатыгар (Богдан Чижик уул. Федор Попов уулуссатыгар диэри кэрчиккэ) хапытаалынай өрөмүөн үлэтэ ыытыллар, Речниктэр уулуссалара (Бабушкин уул. Рихард Зорге уул. диэри кэрчиккэ) уонна Рихард Зорге уулуссата өрөмүөннэнэр. Маны сэргэ, Сэбиэскэй Аармыйа 50 сыла уул., 23, спорт балаһааккатын тутуу салҕанар, Кальвица уул., 7/1 уонна 9/1 тиэргэннэрэ тупсарыллар.
Дьон-сэргэ Олохтоох дьаһалтаҕа ыйытыыта үгүс. Онтон сүрүннэрэ – Сэбиэскэй Аармыйа 50 сыла уул. хапытаалынай өрөмүөнэ, тротуардары өрөмүөннээһин уонна сылаас тохтобулу туруоруу. Уокурук олохтоохторо тиэргэннэри тупсарыы, ардах уутун аһардыы, спорт уонна оҕо балаһааккаларын өрөмүөннээһин туһунан ыйыталастылар. Маны сэргэ, көрсүһүүгэ хаарбах туруктаах дьиэлэртэн олохтоохтору көһөрүү, чааһынай дьиэлэргэ гаас ситимин киллэрии, элбэх кыбартыыралаах дьиэни салайар хампаанньаны уларытыы курдук тыын боппуруостар көтөҕүлүннүлэр.
«Отчуот маннык көрүҥэ үчүгэй, дьон санаатын кэлэн этэр кыахтаах. Мин тупсарыыга сыһыаннаах ыйытыым үгүс этэ. Манна паарка зоната уонна суол оҥоһуллуон баҕарабын. Маастар-былааҥҥа киирбит атын эбийиэктэр тустарынан этэр буоллахха, 202-с дьоҕус түөлбэ кытыла олус тупсубут, оҕолору кытта дьаарбайарга табыгастаах буолбут», – диэн санаатын үллэһиннэ Промышленнай уокурук олохтооҕо Анастасия Кулаковская.
Көрсүһүү кэмигэр киирбит ыйытыы, этии барыта боротокуолга киирдэ уонна Олохтоох дьаһалта, туһааннаах тэрилтэлэр хонтуруолларыгар ылылынна. Маннык көрсүһүүлэр Дьокуускай куорат атын да уокуруктарыгар салҕаналлар.
Губинскай уокурук олохтоохторо туруорсаллар
Евгений Григорьев отчуоттаабытынан, Роман Дмитриев аатынан кытылга киэҥ далааһыннаах үлэ ыытыллар, Губин уулуссатыгар дзюдонан уонна самбонан дьарыктанарга анал идэтийбит спорт комплекса тутуллар, Губин уул., 5/2 уонна Севернай уул., 6 тиэргэннэрэ тупсарыллар.
Нэһилиэнньэ ыйытыыта, үҥсүүтэ үгүс, этиитэ да элбэх буолла. Ол курдук, уокурук олохтоохторун тиэргэннэри тупсарыы, Роман Дмитриев аатынан кытылы уонна Ларионов уулуссатын көҕөрдүү, уулуссалары ыраастааһын, элбэх кыбартыыралаах дьиэлэри салайар хампаанньалар үлэлэрэ, о.д.а. тыын боппуруостар долгуталлар. Ону сэргэ, кэлбит дьон 202-с дьоҕус түөлбэҕэ түүҥҥү өттүгэр массыынанан көтүтээччилэр сүгүн утуппакка эрэйдииллэрин үҥүстүлэр.
Маастар-былааҥҥа киирбит бырайыактарга – Роман Дмитриев аатынан кытылга уонна куорат сөтүөлүүр сиригэр тупсарыы үлэтэ быйыл алтынньы ыйга түмүктэнэрэ былааннанар. Манна даҕатан эттэххэ, Роман Дмитриев аатынан саҥа кытылга 156 светодиоднай светильник туруоруллуоҕа.
Оскуола тиийбэт боппуруоһа быһаарыллыахтаах
203-с дьоҕус түөлбэҕэ «Глобальнай үөрэхтээһин киинэ» оскуола эбии дьиэтин тутуу 2025 сыл олунньу ыйыттан саҕаланара былааннанар. Онуоха диэри судаарыстыбаннай экспертиза ыытыллыахтаах.
«Эбийиэк Дьокуускай куорат маастар-былааныгар киирбитэ, үбүлээһинэ федеральнай уонна өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн диэн быһаарыллыбыта. Судаарыстыбаннай экспертизаны ааста эрэ, тутуу саҕаланыахтаах», – диэтэ Евгений Григорьев.
Куораты тутуу уонна тырааныспар инфраструктуратын департаменын салайааччы Иван Гуляев эбийиэк былааннаммыт болдьоҕун билиһиннэрэригэр: «Сэтинньигэ судаарыстыбаннай экспертиза хос оҥоһуллара былааннанар. Бырайыак ону этэҥҥэ аастаҕына, 2025 сыл олунньутугар тутуу-таҥыы үлэтигэр киириэхпит уонна эһиил сыл бүтүүтэ түмүктүөхпүт», – диэтэ.
Иван Гуляев бу иннинэ тутуу ыытыллыахтаах сиригэр сыста турар инженернэй ситим кэккэ уустуктары үөскэппитин кэпсээтэ уонна: «Ону быһаарар суолу тобуллубут, ити барыта хос ыытыллар судаарыстыбаннай экспертизаны ааһарга ситэриллибит бырайыакка учуоттаныаҕа», – диэтэ.
Санатан эттэххэ, 203-с түөлбэ оскуолаларыгар миэстэ тиийбэт кыһалҕатын туһунан сытыы боппуруос Евгений Григорьев Губинскай уокурук нэһилиэнньэтин кытта көрсүһүүлэригэр элбэхтэ турбута. Глобальнай үөрэхтээһин киинин эбии дьиэтин тутар былаан баарын туһунан киин куорат баһылыга аан бастакытын ааспыт сайын иһитиннэрбитэ.
Тротуар кыараҕас, кэҥэтиэххэ наада
Маны таһынан, Суорун Омоллоон уулуссатыттан 203-с дьоҕус түөлбэҕэ киириигэ кыараҕас тротуары кэҥэтэр туһунан боппуруос күүскэ турда.
«Тротуар олус кыараҕас, оннооҕор икки сатыы да киһи аасыһара уустук, кэлээскэ соһуулаах ийэлэр тустарынан этэ да барбаккын. Кыһын дьон сылдьарыгар ордук ыарахан», – диэн үҥүстэ уокурук биир олохтооҕо.
Ону истэн, Евгений Григорьев «Главстрой» муниципальнай хааһына тэрилтэтигэр тротуары кэҥэтэр үлэни 2025 эбэтэр 2026 сылга былааннанар (судаарыстыбаннай экспертизаны хаһан ааһарыттан тутулуктаах) Хабаров уулуссатын өрөмүөнүгэр киллэрэргэ соруйда.
Тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ салҕанар
Нэһилиэнньэ 202-с дьоҕус түөлбэҕэ олорор дьиэлэр тиэргэннэрин өрөмүөннүөххэ наада диэн туруорсар.
Куораты тутуу уонна тырааныспар инфраструктуратын департаменын салайааччы Иван Гуляев иһитиннэрбитинэн, өрөмүөн үлэтэ 2026-2028 сылларга былааннанар. Оттон Евгений Григорьев тиэргэннэри тупсарыы Дьокуускай куорат 2030 сылга диэри маастар-былааныгар киирбитин тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
Манна даҕатан эттэххэ, 2024 сылга 15 элбэх кыбартыыралаах дьиэ тиэргэнэ өрөмүөннэниэхтээх.
Санатар буоллахха, 2021-2023 сылларга киин куоракка 128 элбэх кыбартыыралаах дьиэ тиэргэнэ өрөмүөннэммитэ уонна тупсарыллыбыта. Уруккуга тэҥнээтэххэ, чахчы, муҥутуур үрдүк көрдөрүү.
Ефимов уулуссатыгар икки түһүмэхтээх тутуу
2025-2026 сылларга 203-с түөлбэҕэ Ефимов уулуссатыгар суолу тутуу үлэтэ икки түһүмэҕинэн ыытыллыаҕа. Бастакы түһүмэх 2025 сылга былааннанар, онно Ларионов уулуссатыттан ититиинэн хааччыйар магистральнай ситим пуунугар диэри кэрчик хабыллыаҕа. Манна икки балаһалаах суол оҥоһуллуоҕа, уулуссаны сырдатыы, көҕөрдүү үлэтэ ыытыллыаҕа, бэлисипиэттээх уонна сатыы дьон сылдьалларыгар ыллыктаах буолуоҕа. Бырайыага оҥоһуллубут, судаарыстыбаннай экспертизаҕа ыытыллыахтаах.
Үлэ иккис түһүмэҕэ 2026 сылга былааннанар. Онно Ярославскай-Ефимов уулуссаларын быһа охсуһууларыттан Хабаров-Чернышевскай уулуссалар быһа охсуһууларыгар диэри кэрчик киирэр.
***
Баһылык нэһилиэнньэни кытта көрсүһүүлэрэ киин куорат атын уокуруктарыгар салгыы ыытыллар.
Хаартыскалар: Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата