Баһылык э.т. олохтоохтор ыйытыыларыгар хоруйдаата
Дьокуускай куорат баһылыгын эбээһинэһин толорооччу Евгений Николаевич Григорьев киин куорат олохтоохторун ыйытыыларыгар хоруйдуур.
– Сардаана Владимировна үлэтиттэн тохтуур буолбутун туһунан сонуну бары соһуйа истибиппит. Евгений Николаевич, куорат баһылыгын бу быһаарыныытын хайдах ылыммыккыный? Быыбарга кыттар туһунан санааҥ.
– Бастаан Сардаана Владимировна доруобуйатын туругун туһунан истээт, олус долгуйбутум. Итиэннэ биһиги иннибитигэр үгүс үлэ күүтэрин өйдөөбүтүм. Сардаана Владимировнаҕа бииргэ үлэлээбит хамаандатын, куорат олохтоохторун аатыттан түргэнник үтүөрэригэр баҕарабын. Этэҥҥэ буоллаҕына, тапталлаах куоратын туһугар өссө да элбэҕи оҥоруо, үлэлиэ диэн эрэнэбин.
Ил Дархан Айсен Николаев уонна Сардаана Владимировна быыбарга кыттарым туһунан быһаарыныыбын өйөөтүлэр. Биһиги хамаандабытыгар бигэ эрэллээхпин. Бу икки аҥаар сыл иһигэр Сардаана Владимировна салалтатынан элбэҕи ситистибит, иннибитигэр өссө үгүс былаан күүтэр. Өрөспүүбүлүкэбит 100 сыллаах өрөгөйдөөх үбүлүөйүгэр куораппыт килбэйэр киинин уларыта тутуохтаахпыт, кытыы сирдэрин тупсарыахтаахпыт. Өрөбүлэ, сынньалаҥа суох үлэлиэхпит.
Куорат ытык-мааны олохтоохторо, эһиги этиилэргитин, идиэйэлэргитин, санааларгытын күүтэбит. Эһиги өйөбүлгүтүнэн куораппыт тупсарын, сайдарын туһугар бары сырабытын ууруохпут.
–Биһиги былырыын куорат баһылыгын кытта көрсүһүүгэ Иван Кульбертинов уулуссатыгар өрөмүөн ыытылларын туруорсубуппут. Былааҥҥа киллэриэхпит диэбиккит. Туох диэн буолла?
–Ол көрсүһүү кэнниттэн эрэннэрбиппитин толорор кыаҕы көрдөөбүппүт. Тоҕо диэтэххэ, билэргит курдук, эһиги уулуссаҕыт былааҥҥа суоҕа. Бырагыраамаҕа уларыйыылары киллэрэн, быыс-хайаҕас булан боппуруоһу быһаарар суолу көрдөөбүппүт. Ол курдук, быйылгы былааҥҥа уларыйыылары киллэрбиппит түмүгэр, бу сайын Иван Кульбертинов уулуссатыгар, ДСК-тан Птицефабрикаҕа диэри аспаал суолу тутуохпут.
– Таһырдьа олус тымныы. Куорат киинигэр оптуобус сылаас тохтобуллара суохтарын кэриэтэ. Бу эбийиэктэр үлэлэрин хайдах хонтуруоллуугутуй?
–Кырдьык, быйыл кыһыммыт хаһааҥҥытааҕар да тымныйда. Ону уопсастыбаннай тырааныспарынан эрэ буолбакка, уопсай куорат коммунальнай хаһаайыстыбатынан биллибит.
Оптуобус сылаас тохтобулларын ылан көрдөххө, бастатан туран, ахсааннара аҕыйах. Иккиһинэн, сорох предпринимателлэр куорат олохтоохторугар төһө табыгастааҕын толкуйдаабаттар. Бу бары НТО эбийиэктэрэ буолаллар. Предпринимателлэр управа нөҥүө дуогабардаһан сир куортамныыллар. Онон кинилэр үлэлэрин юридическай өттүнэн хонтуруоллуур уустук. Былырыын сылаас тохтобуллары сир быһыытынан буолбакка, тохтобул курдук салайыахха диэн этии киллэрбитим. Ону “ЯПАК” муниципальнай тэрилтэ нөҥүө оҥоруохха диэбитим. Оччоҕуна тохтобул үлэтин чопчу хонтуруоллуур кыахтаныа этибит.
– Оптимизация боппуруоһун салгыы хайдах көрөҕүн?
–Бу боппуруос син биир турар. Ол үчүгэй олохтон буолбатах. Куорат хаһаайыстыбатыгар үгүс үп наада. Ороскуоппутун аччатар туһунан сорук инники күөҥҥэ хаалар. Куорат дьаһалтатын тэрилтэлэрэ 17 аадырыһынан тарҕанан олороллор. Ол уопсай ороскуота 64 мөлүйүөн солкуобайга тэҥнэһэр. Ону барытын биир формакка түмэн, харчыбытын кэмчилиири, үлэһиттэр биир эйгэҕэ үлэлииллэрин, кинилэр бириэмэлэрин харыстыыры ситиһиэхтээхпит.
–Быыбарга диэри Сардаана Авксентьева туруорбут соруктарын толорор былааннааххын дуо?
–Толорор былааннаахпын уонна норуот, куорат олохтоохторо итэҕэйэллэрин, эрэнэллэрин биллэрэн, быыбарга кыайдахпына, инникитин да салгыыр санаалаахпын. Биһиги хамаандабыт биир уопсай сыаллаах. Ол салҕаныаҕа. Каадырдарга уларыйыы буолуо суоҕа. Хамаанда тэриллибитэ. Бары бииргэ үлэлии үөрэннибит. Кэнэҕэскитин да оннук буолуоҕа.