13.05.2024 | 11:18

Баһылык чэбдигирдэр сэрээккэлэргэ ыҥырар

Баһылык чэбдигирдэр сэрээккэлэргэ ыҥырар
Ааптар: Баһылай Посельскай
Бөлөххө киир

Саха АССР Миниистирдэрин Сэбиэтин физическэй култуураҕа уонна спорка кэмитиэтин бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит Николай Николаевич Тарскай ыам ыйын 8 күнүгэр төрөөбүтэ 100 сылын туолла.

Бу күн, ыам ыйын 8 күнүгэр, Дьокуускайга Кыайыы болуоссатыгар баһылык Евгений Григорьев кыттыылаах сарсыардааҥҥы чэбдигирдэр сэрээккэ ыытылынна. Болуоссакка элбэх киһи мустубута, тэтимнээх музыка, ыытааччылар эрчимнээх куоластара көрөргө-истэргэ үчүгэй! Физическэй култуура уонна спорт миниистирэ Леонид Спиридонов, Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев сэрээккэһиттэри эҕэрдэлээтилэр. Евгений Григорьев бэйэтин сөбүлүүр хамсаныыларын көрдөрдө. ГТО оонньууларыгар Арассыыйа муҥутуур чөмпүйүөнэ Игнатий Чомчоев, “профессионалларга” Арассыыйа үрүҥ көмүс призера Александра Барашкова, Арассыыйа кыһыл көмүс медалистара Леонид Зырянов, Дьулус Бубякин күн устата үчүгэй туруктаах сылдьыы хамсаныыларыгар үөрэттилэр. Флешмобу университет преподавателэ Лия Дмитриева салайан ыытта.
Куорат баһылыга Евгений Григорьев сайын устата күннэтэ 28 балаһаакканан, болуоссаттарынан, стадионнарынан ыытыллар чэбдигирдэр сэрээккэлэргэ ыҥырда. Хаалыктаах хаамыы уонна куорат Уопсастыбаннай палаататын салайааччыта Матвей Лыткин, хаамыы инструктора Владимир Иванов ыам ыйын 25 күнүгэр “Стимул” хаамыы кулуубун күрэхтэһиитэ буоларын иһитиннэрдилэр. 
Тэрээһиҥҥэ Уус Алдан улууһун Баатаҕай нэһилиэгин баһылыга Михаил Белолюбскай салалтатынан Тарскай биир дойдулаахтара уонча киһи, ол иһигэр “Дыгын оонньууларын” сэттэ төгүллээх кыайыылааҕа Иван Белолюбскай кытыннылар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...