Баһаары умулларар сулууспаларга үөрэх ыытылынна
ЫБММ пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, Дьокуускай куоракка ньиэп бородуукталара харалла сытар сирдэригэр тактикалаах үөрэтии ыытыллыбыт. Үөрэтии сүрүн эбийиэгинэн “ЯТЭК” ХЭТ ыскылаатыгар турар бензовоз талыллыбыт. Сүрүн кутталынан манна улахан кээмэйдээх түргэнник умайар убаҕас баара буолар.
Үөрэтии номоҕунан, убаҕас оттугу кута турдахтарына бензовоз сүөкүүр патрубога алдьанан, оттук сиргэ тохтубут уонна умайбыт. Автоцистиэринэлэри туһаныы уопута көрдөрөрүнэн, 80 % саахал итинник түгэҥҥэ тахсар эбит.
Бу тэрээһин сүрүн сыала – түргэнник умайар убаҕас харалла сытар эбийиэктэригэр сөптөөх тактиканан, баһаарынай-быыһыыр салаалар тэҥҥэ үрдүк таһымнаахтык үлэлииллэрин ситиһии, бэйэлэрин эбээһинэстэрин сөптөөхтүк толоруу буолар.
«Үөрэтии түмүгүнэн эбийиэк салалтата уонна баһаарынай-быыһыыр салаалар саахал тахсыбыт сириттэн дьону куоттарарга уонна баһаары умуруорарга ким тугу гыныахтааҕын, сатабылларын-билиилэрин чиҥэттилэр. Тэрээһиҥҥэ 18 тиэхиньикэ уонна ЫБММ 59 сотруднига, полиция, суһал көмө уо.д.а. сулууспалар кытыннылар», – диир Дьокуускайдааҕы баһаарынай-быыһыыр гарнизон баһаары умулларар сулууспатын сотруднига Маирбег Цховребов.