25.02.2021 | 13:43

Баһаары сэрэтии үлэтэ күүһүрүөхтээх

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьокуускай куорат баһылыгын эбээһинэһин толорооччу Евгений Николаевич Григорьев киин куорат олохтоохторун ыйытыыларыгар хоруйдуур.

— Евгений Николаевич, куорат олохтооҕо Василий Зырянов киллэрбит этиитинэн Дьокуускайтан Төхтүр турбазатыгар тиийэ оптуобустар сырыылара олохтонор буолбутун туһунан хаһыаппыт ааспыт нүөмэригэр кэпсээбитиҥ. Расписаниеларын, хантан баралларын ааҕааччыларбыт билиэхтэрин баҕараллар.

– «Биһиги куораппыт – биһиги идиэйэлэрбит» диэн ыҥырыыбар дьон көхтөөхтүк кыттыбыта — элбэх этии киирдэ. Онтон биирэ номнуо туолла.  Ол курдук, олунньу 21 күнүттэн «ЯПАК» тэрилтэ саҥа маршруту биллэрдэ. Куорат олохтоохторо Төхтүр базатыгар оптуобуһунан сылдьар кыахтаннылар.

Оптуобустар өрөбүл күннэргэ 203-с микрооройуонтан  9:00, 11:00, 14:00 чаастан бараллар. Оттон Төхтүртэн 12:30, 15:00, 19:10 чаастан төннөллөр. 

Маршрут уопсайа 10 тохтобуллаах:

-203-с микрооройуон

-202-с микрооройуон

- “Киин” киинэ театра

-Ленин болуоссата

-Доҕордоһуу болуоссата

- “Триумф” киин

-Крансервис

-Владимировка

-Төхтүр нэһилиэгэ

-"Төхтүр" спорт, сынньалаҥ комплекса

Төлөбүрү уу харчынан эрэ ылаллар диэн иһитиннэрэбит. Айан төлөбүрэ – 150 солкуобай.

– Биһиги дьиэбитигэр баһаарынай сигнализация баар эрээри, үлэлээбэккэ таах турар.

Светлана Ковалевская

– Дьиэни салайар хампаанньа анал тэрилтэни кытта дуогабар түһэрсиэхтээх. Оннук гыммат түгэнигэр, СӨ Тутууну уонна дьиэни-уоту кэтээн көрүү судаарыстыбаннай управлениетыгар үҥсүҥ.

– Сыл саҥа саҕаланыаҕыттан хас да дьиэ умайда. Оннооҕор киһи өлүүлээх түбэлтэлэр таҕыстылар. Куорат салалтата бу кыһалҕаны хайдах быһаарыай?

Прокопий

– Баһаары сэрэтэр үлэни салгыы ыытыахха, мас дьиэлэргэ анал сигнализациялары туруортуохха наада.  Ону таһынан, куоракка, чуолаан кытыы чаастарга баһаарынай подразделениелары күүһүрдүөхтээхпит. Бу үлэ олус наадалааҕын Маҕаҥҥа икки оҕо тыына быстыбыт быһылаана көрдөрдө.

ГДЗС (газодымозащита) сулууспатын идэтийбит үлэһиттэрэ наадалар. Кинилэр баһаарга буруолаах сирдэри чинчийэр эбээһинэстээхтэр. Стандарт быһыытынан, ГДЗС звенота кырата үс киһилээх буолуохтаах. Сменанан солбуһа сылдьан үлэлииллэрин учуоттаан, биир баһаарынай чааска 15 киһиттэн аҕыйыа суохтаах.

Соторутааҕыта Арассыыйа ЫБММ Саха сиринээҕи салаатын начаалынньыгын бастакы солбуйааччыта Виталий Немцовтыын кэпсэппитим. Кулун тутар ыйга Арассыыйа миниистиригэр Дьокуускай куорат баһаарынай чаастарын тиэхиньикэнэн уонна үлэһиттэринэн эбии хааччыйар туһунан боппуруоһу көтөҕүөхпүт.

Маны сэргэ, Виталий Михайловичтыын халаан уутун туһунан уонна баһаарга ордук кутталлаах ыйдарбытын ырыттыбыт. Сэрэтэр үлэлэри быйыл эрдэ саҕалыахпыт диэн сүбэлэстибит.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....