«Баһаары сэрэт – АДПИ туруор!»
«Баһаары сэрэт – АДПИ туруор!» диэн техногеннай баһаардары сэрэтэр хайысхалаах социальнай аахсыйаны 2022 сылга нэһилиэнньэ олоҕор куттал суоһаабатын хааччыйар Судаарыстыбаннай кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Лепчиков саҕалаата. Кини баһаары сэрэтэр тэрили киин куоракка олорор элбэх оҕолоох Артемьевтар дьиэ кэргэттэригэр туруорда. Бу туһунан биэдэмистибэ пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
«Баһаары сэрэтэр курдук «Баһаары сэрэт – АДПИ туруор!» аахсыйабытыгар гражданнары кытталларыгар уонна дьон олорор секторыгар баһаары сэрэтэр үтүө дьыалаҕа бэйэлэрин кылааттарын киллэрэллэригэр ыҥырабын», – диэтэ кини.
Лепчиков эстафетаны салгыы ОДьКХ уонна энергетика миниистирэ Вячеслав Емельяновка, Булуҥ улууһун баһылыга Афанасий Андросовка уонна Судаарыстыбаннай баһаары утары сулууспа начаалынньыга Руслан Босиковка туттарда.
Санатар буоллахха, «Баһаары сэрэт – АДПИ туруор!» аахсыйа 2021 сылга саҕаламмыта, итиннэ 750-тан тахса олохтоох кыттыбыта. Бырайыак чэрчитинэн Саха сиригэр барыта 1850 АДПИ – элбэх оҕолоох ыалларга, соҕотох олорор саастаах гражданнарга, доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо уонна уустук балаһыанньаҕа киирбит ыалларга туруоруллубута.
Быйылгы аахсыйа Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар анаммыт «2022 сыл 22 бастыҥ көҕүлээһинэ» бырайыак, ону тэҥэ СӨ Госкомобеспечение тэриллибитэ 10 сылын уонна Саха сирин баһаарынай охранатын 205 сылын чэрчилэринэн ыытыллар.
АДПИ (Автономный дымовой пожарный извещатель) – кыра да умайыы сибикитэ баар буоллаҕына улаханнык тыаһаан биллэрэр тэрил. Инньэ гынан түүн да, күнүс да сэрэтэн дьон олоҕун быыһыыр кыахтаах.