09.06.2022 | 13:00

Баһаартан сэрэхтээх буолуу ураты эрэсиимэ киирдэ

Баһаартан сэрэхтээх буолуу ураты эрэсиимэ киирдэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

2022 сыл бэс ыйын 7 күнүттэн от ыйын 7 күнүгэр диэри Дьокуускай куорат уокуругар баһаартан сэрэхтээх буолуу ураты эрэсиимэ киирдэ. Бу туһунан Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Баһаартан сэрэхтээх буолуу ураты эрэсиимин кэмигэр ойуурга ойуур хаһаайыстыбатын үлэһиттэриттэн, итиэннэ баһаары умуорааччылартан ураты тырааныспар киирэрэрэ бобуллар.
Салалта территориальнай уорганнарыгар баҕа өттүнэн үлэлиир баһаарынай дружиналары бэлэмнииргэ, территорияларын бөхтөн ыраастыырга, уокуруктар кыраныыссаларыгар хаппыт оту охсорго сорудахтанна. Итини сэргэ салайар хампаанньалар территорияттан умайар матырыйааллары, бытовой бөҕү уонна хаппыт оту хомуйуохтара. Бөҕү, хаппыт оту уматыы бобуллар.
 «Гражданскай оборонаҕа, нэһилиэнньэни айылҕа уонна техногеннай ыксаллаах быһыыттан-майгыттан көмүскүүр, баһаартан куттал суох буолуутун хааччыйар управление» МХТ ЫБММ Кылаабынай управлениетын үлэһиттэрин кытта элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр аттыларыгар баһаарынай тиэхиньикэ киирэрин мэһэйдиир сокуоннайа суох оҥоһуллубут гараастары, контейнердары, тэпилииссэлэри уо.д.а. бэрэбиэркэлииллэригэр сорудахтанна. 
«Гражданскай оборонаҕа, нэһилиэнньэни айылҕа уонна техногеннай ыксаллаах быһыыттан-майгыттан көмүскүүр, баһаартан куттал суох буолуутун хааччыйар управление» МХТ ойуур баһаардарын сүрүн төрүөттэрин санатар:
–уоту сэрэҕэ суох туттуу;
– баһаартан сэрэхтээх буолуу быраабылаларын кэһии;
– этиҥ түһүүтэ.
Өскөтүн эһиги ойуурга баһаар көрдүгэнин көрдөххүтүнэ, булгуччу чугас баар дьону кутталлаах зонаттан тахсалларын курдук сэрэтиҥ, бэйэҕит эмиэ ити сиртэн тэйиҥ, сатаммат буоллаҕына ууга киириҥ эбэтэр инчэҕэй таҥаһынан бүрүнүҥ, сирэйгитин маасканан саптыҥ. 
Сиринэн барар кыра уоту лабаанан охсуолаан, уунан кутан, буорунан көмөн умуруоруохха сөп. Сэрэхтээх буолуҥ, суолтан ыраах барымаҥ, атын умуруорар дьону кытта сибээскитин сүтэримэҥ. 
Дьокуускай куорат Гражданскай оборонаҕа уонна ыксаллаах быһыыга-майгыга управлениета санатар, 2022 сыл муус устар 30 күнүттэн дьон сынньанар сиригэр эриэйдэлэр ыытыллаллар: Кангалаас дьоҕус оройуонугар чох тиэйэр тиксиитигэр, (Өлүөнэ өрүс), Покровскайдыыр тракт 25 км Табаҕа сэлиэнньэтин таһыгар, Синньигэс күөл хаҥас кытылыгар, Намныыр тракт 22 км (Дьокуускай – Нам суол хаҥас өттө), Покровскайдыыр тракт 20 км, (Дьокуускай – Покровскай суол уҥа өттө).
Ойуурга, баһаары ыыппат курдук, кутаа уоту уматымаҥ, табааххытын, испиискэни умуруорбакка быраҕымаҥ, хаппыт оту уматымаҥ.
Ойуур баһаарын көрдүгүт даҕаны 101 нүөмэргэ, Биир кэлим дьуһуурунай диспетчерскэй сулууспаҕа 32-22-30, 32-23-64, 32-23-69 нүөмэрдэринэн, быыһыыр сулууспаҕа 112 нүөмэргэ суһаллык биллэриҥ.
Дьокуускай куорат Гражданскай оборонаҕа уонна ыксаллаах быһыыга-майгыга управлениета ойуурга баһаартан сэрэхтээх буолуу быраабылаларын кэһии иһин РФ КоАП 20.4 ыстатыйатын  2 чааһыгар олоҕуран административнай ыстараап көрүллэрин санатар:
- гражданнарга – 2500-4000 солкуобай;
- дуоһунастаах сирэйдэргэ – 15000-30000 солкуобай;
- юридическэй сирэйдэргэ – 200 000-400 000 солкуобай.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....