Баһаартан сэрэхтээх буолуу ураты эрэһиимэ күүһүрүөн сөп

Өҥүрүк куйаас сатыылаабыта, сөҥүү суоҕа, күүстээх тыал түһэрэ - барыта уот турарыгар төрүөт буолуон сөп.
Бэлиэтээн эттэххэ, киин куоракка бэс ыйыттан баһаартан сэрэхтээх буолуу ураты эрэһиимэ олохтоммута:
- Ойуурга сылдьыы, ойуурга сыһыаннаах үлэлээх дьонтон ураты,нэһилиэнньэҕэ бобуулаах;
- Бөҕү уматыы, өртөөөһүн бобуулаах;
Маны тэҥэ өссө кулун тутартан көҥүллэммит анал сирдэргэ эрэ сынньаныахха сөп:
- Чох тиэйэр кытыл кэннинэн - Кангалаас тумуһа беседка;
- Покровскай тракт 25 км., Табаҕа таһынан, Синньигэс күөл хаҥас кытыла;
- Нам суола, 22 км (хаҥас өттүгэр);
- Покровскай тракт, 20 км (уҥа өттүгэр).
Сонуннар
Ордук ааҕаллар



