Баһаартан сэрэхтээх буолуу рейдэлэрэ ыытыллар
Ыам ыйыттан балаҕан ыйыгар диэри киин куорат таһынааҕы ойуурдарга баһаартан сэрэхтээх буолуу рейдэлэрэ ыытыллар. Куорат уокуругун Гражданскай оборонаҕа, ыксаллаах быһыыга-майгыга уонна баһаартан сэрэхтээх буолууга управлениета иһитиннэрбитинэн, бэрэбиэркэлэр дьон сынньанар уонна бултуур сирдэригэр буолаллар.
Тустаах управление кылаабынай специалиһа Заур Бабаев кэпсээбитинэн, рейдэҕэ икки бөлөх сылдьар. «Биир бөлөх Покровскай тракт 16-25 км, Табаҕа тумуһун уонна Птицефабрика оройуонун кэтиир. Иккис бөлөх Намныыр суол 14-22 км, Маҕанныыр суол 7 км Маҕаҥҥа диэри, Намсыыр уонна Кангалаас тумулларын бэрэбиэркэлиир», – диир Заур Бабаев.
Ойуурга баһаартан сэрэхтээх буолуу быраабылатын кэһээччилэри боротокуоллар уонна ыстарааптар күүтэллэр. Физическэй сирэйдэргэ ыстараап 3 тыһыынча солкуобайга диэри, дуоһунастаах сирэйдэргэ – 20 тыһыынча солкуобайга диэри, юридическай сирэйдэргэ – 200 тыһыынча солкуобайга диэри.
Ойуурга баһаары ыыппат курдук кутаа уоту уматыллыбат, табах окууркатын уонна испиискэни быраҕыллыбат, хаппыт оту уматыллыбат.
Дьокуускай куорат уокуруктааҕы дьаһалтатын 2017 сыл кулун тутар 13 күнүнээҕи 362р №-дээх дьаһалынан дьон маассабай сынньанар сирдэрэ быһаарыллыбыттара:
1. Кангалаас микрооройуона – чох тиэйэр кытыл кэннигэр (Өлүөнэ өрүс);
2. Покровскайдыыр суол 25 км – Табаҕа сэлиэнньэтин таһыгар, Синньигэс күөл хаҥас кытыла;
3. Намныыр суол 22 км (Дьокуускай – Нам суол хаҥас өттө);
4. Покровскайдыыр суол 20 км (Дьокуускай – Покровскай суол уҥа өттө).
Ити этиллибит сирдэргэ ханнык баҕарар кэмҥэ сынньаныахха сөп, ол эрэн кутаа уоту уматыллыбат. Шашлыгы чоххо буһарар анал миэстэлэр бааллар. Маһынан уматар көҥүллэммэт. Сынньана тахсыбыт дьон мангал тула кыра оҥхой хаһаллара уонна сэрэххэ уоту умуруорарга уулаах буолаллара ирдэнэр.