Баҕа өттүнэн барбыттарга саҥа сокуон ылылынна
Судаарыстыбаннай Дуума баҕа өттүнэн барбыттарга сокуону үһүс ааҕыыга ылынна.
“Сокуоҥҥа көрүллэринэн, баҕа өттүнэн барбыттар материальнай уонна техническэй боппуруостарын бэрээдэктээн салайан биэрэр уонна кинилэргэ итиэннэ дьиэ кэргэн чилиэннэригэр социальнай мэктиэ испииһэгин быһаарар, – диэтэ Судаарыстыбаннай Дуума бэрэссэдээтэлэ Вячеслав Володин. – Баҕа өттүнэн барбыттар бэйэлэрин балаһыанньаларынан хантараагынан барбыт байыаннай сулууспалаахтарга тэҥнэниэхтэрэ. Бу сөптөөх быһаарыы: кинилэр биһиги дойдубутун көмүскүүллэр”.
Сокуон бэчээккэ тахсыбыт күнүттэн күүһүгэр киирэр уонна 2022 сыл олунньу 24 күнүттэн тахсыбыт дьайыыга тарҕанар.
Онно этиллэринэн, баҕа өттүнэн барбыттар этэрээттэрин ахсааннара, дьайыыга кытта сылдьар оройуоннара, ону таһынан кинилэр дьайыыларын тохтотуу РФ Сэбилэниилээх Күүстэрин иннигэр турар соруктартан тахсан оборона Министиэристибэтинэн быһаарыллар.
Бу этэрээккэ сылдьар кыттыылаахтарга байыаннай сулууспалаахтар статустара тарҕанар.
“Баҕа өттүнэн сылдьар этэрээттэр састааптарыгар бэйэлэрин баҕа өттүлэринэн барбыт, ону таһынан оборона Министиэристибэтэ салайан ыыппыт РФ гражданнара киирэллэр”, – диэн сокуоҥҥа этиллэр. РФ гражданина хантараак суруйсан баҕа өттүнэн барааччы буолар.
“Федеральнай сокуонунан, федеральнай конституционнай сокуонунан уонна байыаннай сулууспалаахтарга итиэннэ кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэригэр көрүллэр социальнай мэктиэ уонна компенсациялар баҕа өттүнэн барбыт гражданнарга тарҕанар”, – диэн докумуоҥҥа суруллар.
Кинилэргэ көрүллэр харчы уонна кини кээмэйэ РФ оборона Министиэристибэтинэн быһаарыллар.
Маны таһынан, сокуоҥҥа этиллэринэн, баҕа өттүнэн барбыттарга федеральнай бүддьүөт үбүн суотуттан эбэһээтилинэй судаарыстыбаннай тус страховка оҥоһуллар. Этэрээккэ сылдьар кэмигэр доруобуйатыгар эчэйии ыллаҕына ол эмиэ толуйуллар.
Өссө салгынынан көтөргө, тимир суолунан, уунан уонна массыынанан айаҥҥа (такситтан ураты) босхо бырайыаһынан туһаналлар.
Байыаннай дьайыыга сылдьан олохтон туоруур түбэлтэтигэр, дьиэ кэргэнин чилиэннэригэр биир кэмнээх босуобуйа – 3 мөлүйүөн солкуобай төлөнүллэр. Маны таһынан байыаннай сулууспаттан эчэйэн, тугун эрэ өлөрөн эбэтэр ыалдьан туораатаҕына биир кэмнээх босуобуйа оҥоһуллар.
Мобилизованнайдарга уонна контрактниктарга көрүллэр ыйдааҕы төлөбүр кээмэйэ:
Рядовойга — 195 тыһ. солк.;
Взвод хамандыырыгар — 225 тыһ. солк.;
Батальон хамандыырыгар — 243 тыһ. солк.
Сүрүн өлүүтэ – 158 тыһ. солк. нолуоктаммат. Сулууспалаахтарга ааспыт ыйдааҕы төлөбүр хас ый ахсын 10-20 чыыһылаларга ааҕыллыаҕа. Байыаннай 31 күнтэн кылгас кэмҥэ сулууспалаатаҕына, суумата эмиэ кыра буолар. Сэтинньигэ үп болдьох иннинэ 8-с чыыһылаттан төлөнөн саҕаланна.
Дэбиэринэс баар буоллаҕына, төлөбүрү мобилизованнай оннугар дьиэ кэргэнэ ылыан сөп.ф