01.08.2022 | 18:00

Бөҕү тоҕуу административнай эппиэтинэһэ үрдээтэ

Бөҕү тоҕуу административнай эппиэтинэһэ үрдээтэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин «Административнай кэһиини оҥоруу Арассыыйа Федерациятын Кодексатыгар уларытыылары киллэрии туһунан» Федеральнай сокуоҥҥа илии баттаата диэн иһитиннэрэр Дьокуускай куорат Прокуратурата.
Федеральнай сокуон  тулалыыр эйгэни киртитии, тырааныспарынан сылдьан көҥүллэммэт сиргэ бөҕү тоҕуу иһин административнай эппиэтинэһи олохтуур. 
Ити этиллибит быраабы кэһии иһин административнай ыстараап үрдээтэ: гражданнарга – 10 тыһыынчаттан 15 тыһыынча солкуобайга диэри; дуоһунастаах сирэйгэ – 20  тыһыынчаттан 30 тыһыынча солкуобайга диэри; юридическай сирэйдэргэ – 30 тыһыынчаттан 50 тыһыынча солкуобайга диэри буолла.
Буруйу оҥоруу ыарахан уйуктаах, бырысыаптаах тырааныспарынан, тыраахтырынан уонна да атын тиэхиньикэнэн сылдьан, эбэтэр хаһыс да төгүлүн оҥоһуллубут буоллаҕына административнай эппиэтинэс үрдүүр. Холобур, дуоһунастаах уонна юридическай сирэйдэр быраабы кэһиини хаһыс да төгүлүн оҥорбут буоллахтарына административнай ыстараабы сэргэ тырааныспары былдьааһын көрүллэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...