БҮТЭҺИК ЭРГИИР
Эдэр сааспар сүтэрбит доҕорум Марина сырдык кэриэһигэр
1989 сыл ыам ыйын 13 күнэ. Фараларын уотунан сааскы киэһэ барык-сарык хараҥатын хайа тыыран сырдатан, кип-киэҥ айан суолун "биһиги эрэ" диэбиттии олоччу баһылаан, матасыыкыллар иннилэрин диэки түһэн куугунатан иһэллэр. Түргэннэрэ сүрдээх. Иһийэн турбут хара тыа мотуордар тыастарыттан өрө сатараан, ньирилии олорор. Асфальт суол иирбиттии эргийэр көлөһөлөр анныларынан быыстала суох элэҥниир. Нэксиэтэ, оҥхойо суоҕа үчүгэйэ сүр, бу "полигон" эдэр дохсун уолаттарга аналлааҕын курдук.
Бу инники иһэр күүстээх бэриэччит бөлөҕү кыыс оҕо мэҥэстиилээх рокерскай оҥоһуулаах үрдүк саһархай матасыыкыл кэннилэриттэн ситээри ыкса кэллэ. Хара тирии кууркалаах, күөх кааскалаах эдэр уол иннилэригэр киирээри, суолтан туорааҥ диэбиттии, фаратын чыпчыҥнатан бэлиэ биэрдэ. Ким да халбарыйар санаата суох, хата, мэһэйдээн көлөлөрүн туора-маары салайан, дьээбэлэнэн оонньоон ылаллар. Саһархай көлө өссө биирдэ сигналлаан көрдө. Суох, истибэттэр, туһа суох. Уол кыһыйан сымыһаҕын быһа ытырда уонна уоһун иһигэр ботугураата:
– Өссө туораабаттар, бу сырыыга дьэ хайабыт кыайталаан, Король трассы буолар, – диэт, ханна, туохха бу үлүгэрдээх ыксыырын бэйэтэ да билбэккэ (дьиҥинэн, "рокердар" бэйэ-бэйэлэрин кытары бэрт былдьаһаллар буоллаҕа), санаа хоту чэпчэкитик хамсыыр уруулун бобо тутан, гааһын абарбыттыы эрийэн биэрдэ. Спидометр стрелката тута сүүс сүүрбэҕэ өрө куугунаан таҕыста. Чехославскай "Ява - Спорт" тыаһа кытары уларыйан, туох баар кыаҕынан тэбинэн, илин көлөһөтө асфальтан кутталлаахтык тэйэ-тэйэ көтөн иһэр курдук элээрдэ. Уоллаах кыыс үтүктүспүт курдук, биир мөкөчөк курдук кумуччу тутуннулар, бэйэ-бэйэлэригэр ыгыта сыстыһан хаптайдылар. Суол кырыытынааҕы боруоран көстөр от-мас сурааһын буолан сыыйылынна, кулгаахтарыгар мэник тыал кинилэри сэрэтэрдии иһиирдэ. Синньигэс саһархай покрышка, иннинээҕи фара уотун сырдыгын батыһан, биллэр-биллибэттик үөһэ-аллара дьигиҥнээн ылар. Бастакы түспүт матасыыкыл күүһүн ыллар ылан, спидометрын көрдөрүүтэ сүүс түөрт уоҥҥа тиийэ анньан, көбүс-көнө "полигон" сыыдам тыаллыын тэҥҥэ куоталаһан, ытыллыбыт охтуу дыыгыныы куһуурда турда.
Саһархай матассыыкылы тилэх үктэһэн эккирэтиһэн испит көлөлөр бииртэн-биир хаалан, уоттара-күөстэрэ айан суолугар унаара тарҕаммыт буруо быылын күдэнигэр сүттэр-сүтэн, симэлийэн истилэр. Ити курдук, куоталаһааччылар дуу, киһиргэстэр дуу, субу-субу кэлэн ааһар, кинилэртэн олуһун дьиксинэн ыраахтан туораан биэрэр айан массыыналарын быыстарынан хас эмэ уонунан биэрэстэни суксуруһан, батысыһан, акаарытык оонньообута буолан элээрдилэр...
Бу кэмҥэ саһархай матасыыкыллаах уол утары иһэр массыына уотуттан хараҕа саатан, тосту эргиир кэлбитин өйдөөбөккө да хаалла. Туормастаан да туһата суоҕа. "Ааһар инибин" диэн чыпчылҕан түгэнэ быстах санаа киниэхэ элэс гынна.
– Мааша – аа, иҥнэйдиби-ит, – уол кыыстан көрдөспүт хаһыыта куугун быыһыгар иһилиннэ.
Мэҥэстэн олорор кыыс кутталыттан хаһыыны истибэтэ, иҥнэйсэн биэрбэккэ, тирии куурканы өссө ыбылы кууста.
– Ма - м - а! – диэн хаһыырда.
Бу сөкүүндэ дэһээтэйэ ыксаан уолуйуу эдэркээн дьон олохторугар өлүүлээх иэдээни аҕалла. Матасыыкыл эргииргэ килэгир тааска инники көлөһөтүн халты даҕатан, туругун сүтэрэн, олоҕо хамсаан куймаҥнаан ылла. Уол илгиэлээбит уруулу кыайан туппакка, илиитэ титирэстээт, суол кырыытыгар турар "зебра" баҕананы көрдө-көрбүтүнэн тиийэн уҥа атаҕын халты оҕустарбытын өйдөөбөккө да хаалла. Уол кулгааҕар кыыс ынырык кыланыыта үөһэттэн иһиллэн ааста.
Матасыыкыл баран испит күүһүгэр хоолдьуга туора эргийэн, асфалламмыт суолга быта курдук бытарыйбытынан, хаста да өрө көтө-көтө дьиикэйдик эһиллэн, уота-күөһэ чыпчыҥнаабытынан салгыҥҥа кулахачыйда. Дьонун аһыммакка онно-манна туора-маары илгиэлээт, үлтү кумаланан, айан суолун кырыытынааҕы ханаабаҕа хаһыырбытынан хампы түстэ. Ииригирбит мотуора кыратык бурдурҕаат, оҥоруохпун оҥордум диэбиттии, умуллан хаалла. Итийбит турбатыттан быыһылаабыт паар иҥсэлээхтик сыыгыныы сырдьыгынаата.
Өрө көтөҕүллүүлээх олбох уонна үрдүк өйөнөр кыыһы тэбэн кэбистэ, онто сиэртибэни кэтэһэн сытар таас суолга төбөтүнэн тиийэн ниччи түстэ. Кэтэ сылдьар кыракый кааската өстүөкүлэ тааһыныы бытарыйа ыһылынна...
Көтүүттэн дөйбүт уол биирдэ өйдөммүтэ – тыраасса кырыытыгар суолу биир гына ыһыллыбыт матассыыкылын киэргэл сэмнэҕин быыһыгар хааныгар чачайа бөтүөхтүү сытар эбит. Сиһэ, түөһэ хамсаппат үлүгэрдик хам туппуттар, эбиитин абыраллаах кааската туура ыстанан, хайа түспүт төбөтүттэн кытархай убаҕас тохтоло суох хараҕын бүөлүү сүүрэрэ. Кэнниттэн ситэн кэлбит доҕотторун көлөлөрө чаҕылхай уоттарынан кыламнаһан, күөх буруолара бурҕачыйан, дыыгынаһан, охтубут уоллаах кыыс аттынан элэҥнэстилэр. Сотору гаастарын быраҕан, суолга харааран сытар кыыс таһыгар эргийэн кэлэн тохтоотулар. Көлөлөрүттэн ойон түһэн кыыһы туруора сатаатылар быһыылаах, тула туран тугу эрэ мучумааннастылар... Сорохтор аймана, уолу быыһыы сүүрдүлэр.
Ваня туох буолбутун ситэ өйдөөбөккө, өһөҕүнэн өҕүйэ-өҕүйэ, нэһиилэ тобуктаан туран иһэн, мэйиитэ эргийэн, кырыыбалыы охтон түстэ. Алдьархайдаах ыарыы сүнньүгэ биэрэн, хараҕыттан уот сардырҕаата, сирэ кулахачыйда. Дьиктиргээн, алын диэки көрбүтэ: кроссовкалаах уҥа атаҕа сототунан олох быстан, тириититтэн эрэ иҥнэн салыбырыы сылдьара. Тостубут уҥуоҕа ыстаанын дьөлө көтөн тахсан, былтайа чоройоро. Уол хааннаах кытаанах чороҕору таарыйан көрдө. Бастакы санаата "киһи уҥуоҕа силиитэ суох буолар эбит дуу" диэн. Ыарыыта итиитигэр тута биллибэккэ, ону-маны санатан эрдэҕэ. Онтон кыыс эрэйдээх уолтан отучча миэтэрэ тэйиччи, этэ-сиинэ илдьи кумаланан, муннунан, айаҕынан хааннаах күүгэн сыыйылла тохто суолга умса түһэн, тыын быһаҕаһынан хардыргыы сытта. Мотуордар тыастарыттан сатарыы, ньирилии турбут бүдүгүрэн көстөр хара тыа, эдэр оҕолор олохторо быстан эрэрин көрөн, чуумпура, иһийэ боруорда.
Сорох уолаттар дэриэбинэҕэ быраас көрдүү тэптэрдилэр. Суолга хаалбыттар тугу да гыныахтарын билбэккэ, эчэйэн сытааччылары тула аймана сырыттылар. Ааспат алдьархай тахсыбытын билэн, барыларын харахтарыгар куттаныы, уолуйуу уота умайбыта. Соҕуруу дойду дохсун рокердарын үтүктэн оонньообуттара оҕус буолла. Ол кэмҥэ суолга араас техника кэлэн, дьон тоҕуоруста: сорохтор хаайтардылар, атыттар алдьархайы көрөн сонурҕаатылар. Биир уол кыыһы суолтан туоратаары көтөҕөн көрбүтэ, олох хааннаах куулу тутар курдук ибис-инчэҕэй. Бу ынырыктан этэ тардан, түргэн үлүгэрдик сэрэнэн миэстэтигэр уура оҕуста. Суол кырыытыгар хапсыллан ынчыктыы сытар уолга биир табаарыһа кэлэн, төҥкөйөн туран:
– Ваня, мөлтөөн биэрдиҥ дии, хайдах бырахтаран кэбистиҥ? – диэн ыйыта сатаата.
Киһитэ тугу да саҥарбакка, кини диэки мээнэнэн көрдө. Эчэйии итиитэ ааһан, хаанынан устан, алдьархайдаах ыарыы сиһинэн кэтэҕэр диэри ньиргийэн, өй-мэй сытар уол уоһун иһигэр күлэн эрэ кэбистэ. Ол кэннэ, тугу эрэ өйдөөбүттүү, аргыый аҕай хамсанан тимир тиһиликтэрдээх кууркатын устан ырычаахтаста. Умса эргийэн, тэйиччи боруоран сытар кыыс диэки сыылла сатаан илиитинэн анньынан көрдө. Хааннаах ытыһынан килэгир таас суолга онтон-мантан харбыалаһа сатаата да... сэниэтэ тиийбэккэ, ынчыктаан ылла. Уоһун иһигэр:
– Маша-аа, миигин, акаарыны, бырастыы гын, көрдөһөбүн, – саҥа иһиллэргэ дылыта.
Ханна эрэ тэйиччи, бу дьиктитик иһийбит тыа быыһыгар, Иэйиэхсит Хотун ытыыр курдуга.
Чаас курдугунан бөһүөлэктэн ыксаабыт матассыыкыллар элээрдэн кэллилэр. Быраас аҕалбыттар. Маннык быһылааҥҥа хаһан да түбэспэтэх, тугу да билбэт, үлэлээбэккэ наар оҕотун эрэ көрөн олорбут быраас дьахтар ытаан айманна, тугу да гыныан булбата. Кыыстаах уолга укуол туруора сатаата быһыылаах, ол быыһыгар бокуойа суох хаам да хаам буолла, оҕолортон "арыгы испиккит дуо?" диэн ыххайан ыйыта сатаата:
– Эн... эн... эн... кэлиҥ эрэ манна... миэхэ утары тыыныҥ эрэ... суох... суох эбит... барыҥ, балартан сыт кэлбэт, – ити курдук барыларын кэрийтэлии сылдьан айахтарын сытырҕаталаата. Саамай бүтэһигэр Ванялаах Маашаны кэлэн тиҥсирийэн көрүтэлээтэ: Бу оҕолортон туох эрэ сыта кэлэр, быһыыта, арыгы дуу, одеколон дуу, – буруйдаахтары кыайан булбакка, кини да буоллар, кыратык мунаахсыйан ылбыта.
Суолга мээнэ хаамыталыы, булкулла сылдьар отуттан тахса матасыыкыллаах уолаттар уонна кыргыттар арыгы испит дуу, испэтэх дуу буоллахтарына туох эрэ эмискэ уларыйыахтааҕын курдук быһыыланна. Мустубут дьон бэркиһээн тугу да саҥарбатылар.
Тыын суолталаах бастакы көмө оҥоһуллар былдьаһыктаах күндү кэмэ бардар баран иһэрэ... Онтон учаастактааҕы быраас тугу да кыайан көмөлөспөккө, кумааҕытыгар эбиискэни бичийээри, айах сыттыы сырыттаҕа...
Долун бэчээккэ тахса илик кэпсээниттэн быһа тардыы.