27.09.2023 | 10:00

Бүтүн Арассыыйатааҕы Сүрэх күнүгэр анаммыт нэдиэлэ ыытыллар

Балаҕан ыйын 25 күнүттэн алтынньы 1 күнүгэр диэри Саха сиригэр Бүтүн Арассыыйатааҕы Сүрэх күнүгэр анаммыт нэдиэлэ ыытыллар диэн Өрөспүүбүлүкэ баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Бүтүн Арассыыйатааҕы Сүрэх күнүгэр анаммыт нэдиэлэ ыытыллар
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Нэдиэлэ чэрчитинэн чөл олоххо, доруобуйаны чэбдигирдиигэ туһуламмыт медицинскэй, информационнай-сырдатар тэрээһиннэр, аһаҕас аан күннэрэ, «Здоровое сердце семьи» аахсыйа ыытыллаллар.

Кэнники сылларга сүрэх-тымыр ыарыыларын сэрэтии уонна эмтээһин доруобуйа харыстабылын эйгэтин сүрүн хайысхатынан буолла. Санатар буоллахха, киин куоракка 2022 сыллаахха Сүрэх-тымыр киинэ үлэҕэ киирбитэ.

«Саха сирин Ил Дархана өйөбүлүнэн арыллыбыт үрдүк технологиялаах Сүрэх-тымыр киинэ баар буолан, тыһыынчанан ыарыһахтарга көмөнү оҥорор, сүүһүнэн киһини эпэрээссийэлиир кыахтанныбыт. Өрөспүүбүлүкэҕэ сүрэх-тымыр ыарыытыттан өлүү лаппа намтаата, үлэбит салҕанар. Бу ыытылла турар нэдиэлэ нэһилиэнньэбит олоҕун хаачыстыбатын уонна доруобуйатын тупсарыыга дьоһун суолталаах хардыынан буоларыгар эрэнэбин», - диэтэ доруобуйа харыстабылын миниистирэ Лена Афанасьева.

Сүрэх-тымыр киинэ аһыллыаҕыттан 6 тыһыынчаттан тахса киһи эмтэннэ, 500-чэ сүрэх, тыһыынчаттан тахса эндоваскулярнай эпэрээссийэлэр, 2842 теле-ЭКГ оҥоһулуннулар. Итини таһынан 28 медицинскэй тэрилтэ 50 теле-ЭКГ аппаратынан хааччылынна.

Нэдиэлэ устата поликлиникаларга аҕам саастаах дьон хааннарын баттааһынын кээмэйдииллэр, сүрэх эмискэ ыарыйдаҕына уонна инсульт түбэлтэтигэр хайдах бастакы көмөнү оҥорорго үөрэтэллэр.

Балаҕан ыйын 29 күнүгэр Бүтүн Арассыыйатааҕы сүрэх күнэ бэлиэтэнэр. Итинэн сибээстээн Дьокуускай телебашнята кыһыл өҥүнэн умайыаҕа.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...