Бүтүн Арассыыйатааҕы сүүрүү полумарафонунан сибээстээн массыына сырыыта хааччахтанар
Дьокуускай куоракка ыам ыйын 30 күнүгэр массыына сырыытыгар хааччахтааһын киирэр. Бу СӨ физическэй култуураҕа уонна спорка министиэристибэтин суругар олоҕуран ыытыллар Бүтүн Арассыыйатааҕы сүүрүү полумарафонун кытта сибээстээх.
Суолга куттал суох буолуутун хааччыйар сыалтан 2021 сыл ыам ыйын 30 күнүгэр күнүс 13:00 чаастан киэһэ 19:00 чааска диэри массыына сырыытыгар хааччаахтааһын маннык уулуссаларга киириэҕэ:
- Хабаров уонна Богатырев уулуссалара быһа охсуһар сирдэриттэн Ярославскай уонна Хабаров уулуссаларын быһа охсуһар сирдэригэр диэри;
- Чернышевскай уонна Ярославскай уулуссалара быһа охсуһар сирдэриттэн Чернышевскай уулусса 54/1а №-ригэр диэри.
СӨ Ис дьыалаҕа министиэристибэтин сотрудниктара бу күн бэрээдэги уонна суолга куттал суох буолуутун хааччыйар сыалтан дьуһуурустубалыы тахсаллара былааннанар.
Маны сэргэ, полумарафон ыытылларынан сибээстээн, куорат уонна куорат таһыгар сылдьар оптуобустар сырыыларыгар уларыйыы киириэҕэ.
Сүүрүү кэмигэр массыына сырыытыгар хааччахтаан, суолу бүөлүү турарга улахан уйуктаах массыыналар тахсаллара былааннанар.