Бүтүн Арассыыйатааҕы нэһилиэнньэ биэрэпиһэ ыраах уонна сылдьарга эрэйдээх нэһилиэнньэлээх пууннарга түмүктэннэ

2021 сыл муус устар 1 күнүттэн балаҕан ыйын 30 күнүгэр диэри ыраах уонна сылдьарга эрэйдээх нэһилиэнньэлээх пууннарга ыытыллыбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы нэһилиэнньэ биэрэпиһэ түмүктэннэ. Ити курдук, 12 оройуон: Аллайыаха, Анаабыр, Булуҥ, Үөһээ Дьааҥы, Эдьигээн, Кэбээйи, Муома, Аллараа Халыма, Өлөөн, Орто Халыма, Уус-Дьааҥы уонна Эбээн-Бытантай нэһилиэнньэтэ биэрэпиһи ааста.
Бүтэһиктээх түмүк өссө тахса илик, ол эрэн барыллаан дааннайдарынан ити оройуоннарга нэһилиэнньэ ахсаана урукку көрдөрүүтээҕэр 6% аҕыйаабыт: 2021 сыл тохсунньу 1 күнүнээҕи туругунан 72 тыһ. киһи эбит, онтон Бүтүн Арассыыйатааҕы нэһилиэнньэ биэрэпиһин түмүгүнэн 67,5 тыһ. киһи буолбут.
20 оройуон – Абый, Алдан, Амма, Үөһээ Бүлүү, Үөһээ Халыма, Бүлүү, Горнай, Ленскэй, Мэҥэ-Хаҥалас, Мирнэй, Нам, Ньурба, Өймөкөөн, Өлүөхүмэ, Сунтаар, Таатта, Томпо, Уус-Алдан, Уус-Майа уонна Хаҥалас ыраах уонна сылдьарга эрэйдээх нэһилиэнньэлээх пууннарыгар биэрэпис сорох сирдэринэн эрэ ыытылынна.
Ити нэһилиэнньэлээх пууннар, итини сэргэ «Дьокуускай куорат» уонна «Жатай» куораттааҕы уокуруктара, Нерюнгри уонна Чурапчы оройуоннарын нэһилиэнньэтэ биэрэпис сүрүн түһүмэҕэр суруллуохтара, ол эбэтэр алтынньы 15 күнүттэн сэтинньи 14 күнүгэр диэри. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн барыта 1,6 тыһ. биэрэписчик үлэтин саҕалаата.
Бэйэ туһунан дааннайдары булкаас көрүҥүнэн биэриэххэ сөп – алтынньы 15 күнүттэн сэтинньи 14 күнүгэр диэри дьиэҕэ кэлбит биэрэписчиккэ суруйтаран, алтынньы 15 күнүттэн сэтинньи 8 күнүгэр диэри судаарыстыбаннай өҥөлөр порталларыгар киирэн электроннай анкетаны толорон, итини сэргэ алтынньы 15 күнүттэн сэтинньи 14 күнүгэр диэри МФЦ-га эбэтэр биэрэпис учаастактарыгар тиийэн суруйтарыахха сөп.
Сонуннар
Ордук ааҕаллар


