02.09.2021 | 17:00

Бүтүн Арассыыйатааҕы биэрэпис болдьоҕо бигэргэтилиннэ

Бүтүн Арассыыйатааҕы биэрэпис болдьоҕо бигэргэтилиннэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бүтүн Арассыыйатааҕы нэһилиэнньэ биэрэпиһэ алтынньы 15 күнүттэн сэтинньи 14 күнүгэр диэри ыытыллыахтаах. Сылдьарга эрэйдээх сирдэргэ биэрэпис ахсынньы 20 күнүгэр диэри уһатыллар. Атырдьах ыйын 16 күнүгэр Арассыыйа бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин «О внесении изменений в постановление правительства Российской Федерации от 7 декабря 2019 г. № 1608» 1347 №-дээх уураахха илии баттаабыт. 
Алтынньы 15 күнүттэн сэтинньи 8 күнүгэр диэри судаарыстыбаннай өҥө Порталыгар киирэн дойду олохтоохторо биэрэпис лииһин бэйэлэрэ толоруохтарын сөп. 
Бүтүн Арассыыйатааҕы биэрэпис барыллаан түмүктэрэ 2022 сыл муус устар ыйыгар тахсыахтара. Бүтэһиктээх түмүктэр 2022 сыл IV кыбаарталга тахсаллар. Бу иннинэ нэһилиэнньэ биэрэпиһэ 2002 уонна 2010 сылларга ыытыллыбыт. 2021 сылга биэрэпиһи ыытыы туһунан быһаарыныыны РФ бырабыыталыстыбата 2020 сыл сайыныгар ылыммыта. 
Росстат салайааччыта Павел Смелов эппитинэн, билиҥҥи кэмҥэ бэлэмнэнии сүрүн үлэтэ түмүктэммит – биэрэпис лиистэрин пуормалара бигэргэтиллибит, биэрэписчиктэргэ анаан регионнарга электроннай планшеттары ыыппыттар, бары таһымнарга биэрэпис хамыыһыйаларын үлэлэрэ тэриллибит, биэрэписчиктэринэн үлэлиэн баҕалаах дьон испииһэктэрэ оҥоһуллубут. Сылдьарга эрэйдээх сирдэргэ биэрэпис саҕаламмыт. 
Бүтүн Арассыыйатааҕы нэһилиэнньэ биэрэпиһэ алтынньы 15 күнүттэн сэтинньи 14 күнүгэр диэри цифровой технологиялары туттан ыытыллыаҕа. Биэрэпискэ сүрүн саҥаны киллэриинэн судаарыстыбаннай өҥө Порталыгар (Gosuslugi.ru) киирэн дойду олохтоохторо биэрэпис лииһин бэйэлэрэ толорор кыахтаналлара буолар. Дьиэлэринэн сылдьалларыгар биэрэписчиктэр анал бырагыраамалаах планшеттары тутталлар. Итини сэргэ биэрэпиһи учаастактарга кэлэн, ол иһигэр судаарыстыбаннай өҥөлөрү оҥорор элбэх функциялаах кииннэргэ уонна «Мои документы» муниципальнай өҥөлөргө ааһыахтарын сөп.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Таптал уйаламмыт ыала
Дьон | 12.09.2024 | 18:00
Таптал уйаламмыт ыала
Уопсастыба тутулун дьиэ кэргэн оҥорор. Бигэ олохтоох ыал олохпут уйгутун, үгэһин тутан олорор. Хаһыат бүгүҥҥү нүөмэригэр талыы-талба Таатта ыала Татьяна, Егор Неустроевтары кытта ирэ-хоро кэпсэттибит.   – Татьяна Дмитриевна, ыал буолуу ийэ-аҕа алгыһыттан саҕаланар. Икки киһи сүрэх сүрэхтэринэн сөбүлэһэн, харах харахтарынан хайҕаһан олохторун холбууллар. Эһиэхэ хайдах этэй? Сэһэргэһиибитин онтон саҕалыах. –...
Кыыдаана Игнатьева:  «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Дьон | 06.09.2024 | 12:00
Кыыдаана Игнатьева: «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Куорат устун хааман иһэн эбэтэр массыынаҕа, оптуобуска олорон элбэх мэндиэмэннээх таас дьиэлэр тас эркиннэригэр уруһуйдаммыт хартыыналарга хараххыт хатанар дуо? Аҕыйах сыллааҕыта Киров уулуссатыгар турар икки уопсай дьиэ оннук тупсан хаалбытын соһуйа, эмиэ да сонургуу көрбүппүт. Онтон ыла сыл аайы Дьокуускайга арт-эбийиэк элбии турар. Бүгүн киин куоракка МУРАЛ диэн куорат тас...
НВК Саха бырагыраамата балаҕан ыйын 9-15 күннэригэр
Сонуннар | 08.09.2024 | 10:00
НВК Саха бырагыраамата балаҕан ыйын 9-15 күннэригэр
Понедельник, 9 сентября 6:00 Тиэргэн 6+ 6:30 Мы вам покажем 12+ 7:00 Сана кун 6+ 8:00 Утро Якутии 6+ 9:00 Сана кун 6+ 10:00 Утро Якутии 6+ 11:00 Тиэргэн 6+ 11:30 Проавто 12+ 12:00 "Якутия" информационная программа 12+ 12:15 Сайдыс 6+ 12:45 Асчыттар 6+ 13:30 "Саха Сирэ-Якутия" информационная программа 12+...