Бөҕөстөрбүт Беларуська күүскэ хаамаллар
Белоруссияттан уруккуттан сахалар табыллан тусталлара. Ити өрөспүүбүлүкэттэн 1973 с. Прокопий Шестаков ССРС призера, Герман Контоев 2001 с. аан дойду чемпиона буолбуттара.
Ол иһин кинилэр саха тустууктарын үөрэ-көтө үөрэххэ-үлэҕэ ыла сатыыллар. Аны Арассыыйа үс төгүллээх призерун, аан дойду Кубогын хаһаайынын Арыйаан Тютрины кистии–саба ыҥыраллара сири-буору аннынан иһиллибитэ. Дьиибэргээбиппит. Кини киирсэр ыйааһыныгар 57 кг Владислав Андреевпыт уонтан тахса сыл спортсменнарыттан биир бастыҥ көрдөрүүлээхтэрэ. Тустууктарыттан фавориттара: аан дойду, Европа призера, аан дойду кубогын хаһаайына. Ол иһин быйылгы Беларусь чемпионатыттан босхолоон саас буолар олимпийскай лицензияны былдьаһар түһүлгэҕэ быһа ыытарга быһаарбыттара. Владиславы 33 саастааҕынан “кырытыннаран” солбукка эбэтэр конкурент буоллаҕына, хайалара да ордук ситиһэригэр суоттаннылар дуу?
Арыйааны Арассыыйа кэнники чемпионатыгар балыйыахтарыттан дойдубутуттан хайдах да таһаарыа суохтар диэн санаа чиҥээбитэ. Ол иһин хайа эрэ дойдуга көһөрөргө суол көрдөөн, былырыын “Иван Ярыгин” голд Гран-пригэ үһүс буолуоҕуттан ханна да туһуннарбатахтара. Тоҕо диэтэргин хантан күрэхтэһиигэ кытынныҥ да, сыл устата онтон атын сир аатыттан киирэриҥ көҥүллэммэт.
Тохсунньу 12 күнүгэр түмүктэммит Беларусь чемпионатыгар Арыйаан аан бастаан атын аартыгы аста. Сыл курдук күрэхтэспэтэх киһи, көбүөрүн ахтыбыттыы тахсан, кыдьыгыран киирсиитэ үөртэ.
57 кг үс бастакы утарсааччыларыттан биирдэ да ыксаллаах түгэҥҥэ киирбэккэ, 30 баалы хомуйда. Константин Куликову 10:0, Илья Лихомановы 10:0, Кирилл Прокоповы 10:0 үстүү мүнүүтэҕэ тиэрдибэккэ, таммах көлөһүнэ тахсыбакка, быһа ыраас кыайыылары чаҕылхайдык ситистэ.
65 кг икки легионербыт эмиэ бастакы утарсааччыларын тулуппатахтара. Европа призера Ньургун Скрябин Егор Удовиковтан (12:1), Андрей Бекренёв Ильяс Эзиевтэн (10:0) быһа ыраас кыайыылары суруммуттара.
Финалга тахсары быһаарсыыларыгар Скрябин Бекренёву өр гыммата, партерга биһигини үгүстүк үөрдүбүт сүнньү эрийиитинэн урут американец аатынан “Милззтааһын” диэн ааттаммыт албаска маарынныыр дэҥҥэ көстөр албаһы “Скрябиннээн” көбүөргэ икки саннын хаптаҕайынан хам баттаата. Андрей бииргэ эрчиллэр эрээри, доҕоро ити албастааһыны бэркэ билэрин үрдүнэн киирэн биэрдэ уонна куоппата. Дьэ, ити буолар “короннай” албас аптаах күүһэ. Албастааччы “короннайын” оҥороору гыннар, киниэхэ эрэлэ улаатан тиһэҕэр тиэрдэргэ күүс киирэр, утарсааччы моҕойтон куобах хамсаабат буоларыныы илиитэ-атаҕа бааллар.
Финалга бөҕөстөрбүт үһүөн утарсааччыларыгар баал да биэрбэтилэр. Тютрин 5:0 эрэллээхтик хотон, аан бастаан дойду чемпионатын кыһыл көмүс мэтээлин кэттэ. Ньургун партерга иккиc “коронкатынан” атаҕы холбуу тутан эрийиинэн – “кириэс” диэн албаһынан төкүнүтэн, быһа ыраас кыайыыны ситиһэн, Белоруссия чемпионун аатын иккис төгүлүн ылла.
Оттон Бекренев былырыыҥҥытын курдук пьедестал үһүс үктэлигэр таҕыста. Онон бу чемпионакка үс саха кыттан үһүөн биир соҕотох хотторуулаах, ону да сахаҕа эрэ, онтон атыныгар наар лаппа кыайыыларынан икки кыһыл көмүс, биир боруонса мэтээллээх түмүктээтилэр.