30.07.2022 | 10:00

Үбүлүөйдээх мааркалар

От ыйын 22 күнүгэр Саха сиринээҕи Арассыыйа почтата Саха АССР 100 сылынан 300 устуука маарка уонна 100 кэмбиэр тахсыбытын туһунан иһитиннэрбитэ. Саха АССР төрүттэммитэ 50 сылынан 1972 сыллаахха эмиэ Саха сирин тиэмэтигэр анал мааркалар тахсан тураллар.
Үбүлүөйдээх мааркалар
Ааптар: Алина ЗАХАРОВА
Бөлөххө киир

Өрөспүүбүлүкэ 100 сылынан тахсыбыт саҥа мааркаларга «Республика Саха (Якутия). 100 лет» диэн суруктаах, сахалыы орнаменнаах, Саха сирин гербэлээх, маарканы Пушкин аатынан Нуучча драматическай тыйаатырын, Ирбэт тоҥ музейын, Национальный художественнай музей, Өлүөнэ очуостарын, АЛРОСА хампаанньа, Петр Бекетов пааматынньыгын о.д.а. ойуулара киэргэтэллэр. Кэмбиэргэ маарка тахсыбыт күнэ-дьыла ыйыллар. Бүгүҥҥү күҥҥэ кэмбиэр атыыга бүппүт; бэлиэтээн эттэххэ, 17 солкуобайга атыыламмыт. Оттон  маарка сыаната 100 солк. 

1972 сыллаахха Саха АССР үйэ аҥаардаах үбүлүөйүнэн ССРС сибээһин министиэристибэтэ эмиэ мааркалаах кэмбиэрдэри таһааран турар.

Кэмбиэрдэргэ худуоһунньук А. Денисов «Девушка с оленем», «Проспект Ленина», «Погонщик на нартах» ойуулара, промышленнай оройуоннар хаартыскалара уонна ойуулара туһаныллыбыттар. Оттон төрдүс кэмбиэр туһунан коллекционер Надежда Усова соторутааҕыта эрэ бэлиэтии көрбүт итэҕэстэрин бу курдук кэпсээбитин Саха АССР 100 сылыгар аналлаах сайт таһаарбыт:

– Төрдүс кэмбиэргэ «50 лет Якутской АССР» диэн Ю. Косоруков уруһуйа туһаныллыбыт. Омос көрүүгэ, барыта өйдөнөр курдук. Алмаас, Алдан драгата, ньиэп быыската, чох тиэйэр вагонеткалар, мас тиэйбит КамАЗ, балык – барыта промышленнас балысхан сайдыытын кэрэһилиир. Арай бу соторутааҕыта быыстапкаҕа бэлэмнэнэ сылдьан өйдөөн көрбүтүм, мааркаҕа оччолорго тутулла илик ГРЭС ойуута баар. Аны туран, сахалыы көҕүөр оһуор, хомойуох иһин, таҥнары ойууламмыт.

 

Кырдьык, хомолтолоох

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...