Бүлүүлүүр суолга баһаар бохсулунна
Дьокуускай куораттан 10 км сиргэ, Бүлүүлүүр суол уҥа өттүгэр баһаар булуллан бохсулунна уонна хонтуруолга ылылынна. Специалистар суоттааһыннарынан 9 гектар кэриҥэ иэннээх сир умайбыт. ИДЬМ «Якутское» МУ дааннайдарынан, ойуурга баһаар дьон буруйунан тахсыбыт. Ол туһунан Уокуруктааҕы дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Билиҥҥи туругунан буруйдаахтары көрдүүллэр. Сабаҕалааһынынан, дьиэ-уота суох дьон бөх полигонун таһыгар олохсуйан, уоту сэрэҕэ суох туттубуттар. Ити сиртэн баһаар 20-30 миэтэрэлээх сиргэ барбыт. Онно баар дьон ыйытыллан матырыйаал хомуллубут.
Дьокуускайдааҕы ойуур хаһаайыстыбатын информациятынан, полицияны, айылҕа харыстабылын кэмитиэтин, «УГОЧС уонна ОПБ» МКУ рейдэлэрин түмүгэр куорат дьонун улахан аҥаара өрөбүл күҥҥэ ойуурга сылдьары бобууга эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһаллара көһүннэ. «Ол эрэн ойуурга сылдьыы көҥүллэммэтин үрдүнэн бобууну кэһэн гражданнар административнай эппиэтинэскэ тардыллар түбэлтэлэрэ баар», – диир «УГОЧС уонна ОПБ» МКУ салайааччыта Виталий Бобинов.
Ыксаллаах быһыыга-майгыга хамыыһыйа мунньаҕын түмүгүнэн, нэһилиэнньэ ойуурга тахсарын кытаанахтык хонтуруоллааһын уонна бобууну кэспит дьону административнай эппиэтинэскэ тардан ыстарааптыыр миэрэлэри туттар туһунан этилиннэ. Хонтуруоллуур тэрээһиннэргэ полиция сотрудниктара, ДНД, куорат таһынааҕы нэһилиэнньэлээх пууннар салайааччылара, общественниктар кыттыахтара. Хааччаҕы кэһээччилэри тутар сыаллаах суотабай сибээс оператордара кытта үлэлэһиэхтэрэ.
Санатан эттэххэ, куорат уокуругун территориятыгар 2021 сыл бэс ыйын 18 күнүттэн баһаартан сэрэхтээх буолуу ураты эрэсиимэ киирэн турар.
Баһаартан сэрэхтээх буолуу ураты эрэсиимин кэмигэр ойуурга тырааныспар киирэрэ бобуллар (ойуур хаһаайыстыбатын чэрчитинэн үлэлиир, ону тэҥэ ойуур баһаарын сэрэтэргэ эбэтэр умуруорарга үлэлиир тиэхиньикэттэн ураты). Бөҕү, хаппыт оту куорат территориятыгар уматар бобуллар.