Үбү кэмчилиир оһох
Былыр-былыргыттан Саха сирин олохтоохторо дьиэлэрин-уоттарын бу үлүгэрдээх тыйыс усулуобуйаҕа сөпкө дьаһанан, оҥостон, унньуктаах уһун кыстыгы этэҥҥэ туоруур суолу тобуллахтара. Былыр көмүлүөк оһох баар буолан, саха норуота тыыннаах хаалбыт буоллаҕына, олох сайдан истэҕин аайы аныгы технологиялар сабыдыаллара улаатан иһэр. Гаас баарын да иһин, ыаллыы сытар киин да улуустары ылан көрдөххө, билигин даҕаны чоҕунан, маһынан оттунан олорор нэһилиэнньэлээх пууннар сир аайы бааллар.
Кэнники технология сайдан, ититии систиэмэтэ, конструкциялара элбии тураллар. Саха сиригэр биир тарбахха баттанар, тыын боппуруоһу быһаарар «Саха Липснеле» хампаанньаны ааттыахха сөп. Бу тэрилтэ ититэр оһохтору оҥорон, нэһилиэнньэҕэ биһирэнэр. Бүгүҥҥү күҥҥэ тэрилтэ анал байыаннай эпэрээссийэҕэ байыаннай балааккаларга уһуннук умайар, сылааһы тутар оһохтору уһааран таһаарда.
Тэрилтэ саха сиригэр үлэлээбитэ уонтан тахса сыл буолла. Дьиҥ тыйыс тымныы тургутуутун ааспыт оһохтору атын регионнартан кытта атыылаһаллар эбит. Тоҕо диэтэххэ Уһук хоту сир климатын усулуобуйатыгар учуоттанан оҥоһуллубут буолан, сылаас дойдуларга туох даҕаны ааттаах оһох. Быһаччы эттэххэ, экстремальнай температураларга – 60 кыраадыс тымныыга тиийэ үлэлиир кыахтаахтар уонна урукку кирпииччэ оһохтору бэркэ солбуйаллар, үбү, бириэмэни да кэмчилииллэр.
Хампаанньа 2016 сыллаахха ТОР «Кангалассы“ индустриальнай пааркатыгар «Liepsnele Arctic» оһохтору оҥорор бэйэтин сыаҕын тэриммитэ. Билигин ыыра кэҥээн иһэр диэтэхпинэ, сыыспаппын. Тэрилтэ тутаах инженерэ бэлиэтииринэн, матырыйааллара барыта Саха сириттэн таҥыллаллар. Инньэ гынан, чахчы бэйэбит бородууксуйабыт диирбит оруннаах буолан тахсар.
— Биһиги тэрилтэбит РФ Оборонаҕа министиэристибэтигэр байыаннай хомуур саҕаламмытыгар бэйэтэ этии киллэрбитэ. Чахчы, бородууксуйабыт Саха сирин тымныытын тулуйар кыахтааҕын учуоттаан, бачча ыарахан кэмҥэ сэмэй кылааппытын киллэрэр сыалтан уонча оһоҕу буор-босхо бэлэмнээн олоробут. Хаһан ыытарбытын чопчу этэ иликтэр, кэтэһэ сылдьабыт. Тест-драйв оһохтору Саха кадетскай оскуолатын кытта тэҥҥэ ыыттыбыт, – диир «Саха Липснеле» ХЭТ кылаабынай инженерэ Виталий Прокопьев.
Кини этэринэн, икки көрүҥ оһоҕу бэлэмнээбиттэр. АСПБ (Армейская стальная печь “буржуйка»)-87 уонна АСПБ-57.
АСПБ-87 – икки чаас сылааһы тутар, оһох үрдүгэ – 87 см. АСПБ-57 – 1 чаас 20 мүнүүтэ, үрдүгэ – 57 см. Онтон атын оһохтор аналогтара 15-30 мүн. умайаллар эбит. Кээмэйэ дьоҕус буолан, киһи ылла даҕаны оһоҕун оттунан иттиэн, аһын сылытан аһыан сөп.
Виталий бэлиэтээбитинэн, собуокка күҥҥэ 15-тии оһоҕу оҥорон таһаарар былааннаахтар. Билигин даҕаны сакаас киирэр, улахан партиялары оҥорор кыахтаахпыт диэн санаатын үллэстэр.
Ити курдук, саха мындыр уолаттара тэрийбит хампаанньалара анал байыаннай эпэрээссийэҕэ өйөбүл буоларга, саллааттарбытыгар көмөлөһөргө бэлэмнэр. Бу үтүө холобурдар түмсүүлээхпитин, Ийэ дойдубутугар бэриниилээхпитин туоһулууллар.