13.11.2020 | 17:59

БӨХ КЫҺАЛҔАТЫГАР ҮӨНҮ КЫТТЫҺЫННАРДАХХА?

БӨХ КЫҺАЛҔАТЫГАР ҮӨНҮ КЫТТЫҺЫННАРДАХХА?
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Аан дойду биир экологическай кыһалҕата – пластиковай бөҕү сөптөөхтүк харайыы уонна туһаныы. Сыл ахсын биһиги планетабытыгар бөх тоҕор сиргэ 300 мөл. туоннаттан тахса пластиковай эттик тоҕуллар. Биллэрин курдук, бу барыта салгыҥҥа араас концерагенынан эргийэн, экологияны уонна биһиги доруобуйабытын айгыратар. Дьокуускай куораты ылан көрдөххө, бөҕү тоҕуу, таһыы, сөптөхтүк харайыы сытыы кыһалҕа. Арай үөнү-көйүүрү кыттыһыннардахха хайдаҕа буолла?

«Якутия» технопаарка киинин эдэр учуонайдара, быйыл күһүнтэн саҕалаан,  «СахаКсенос» диэн ааттаах бырайыагы олоххо киллэрэн,  пластигы  сиир үөннэри үөрэтэн, чинчийэн саҕалаатылар.  Тугун, ханныгын билээри, бырайыак биир тутаах көҕүлээччитэ Иван Сокольниковы кытта  кэпсэттим.

ИДИЭЙЭ СҮРҮН ТОСХОЛО

- Мин бэйэм алта сыл кэриҥэ «Орто-Дойду» пааркаҕа үлэлээбитим, бэтэринээр идэлээхпин. Бу сыллар тухары кыылы-сүөлү, үөнү-көйүүрү кытта алтыһан, үлэлээн, аһатан кэллим.  Үөн-көйүүр пластигы сиирин өссө  2006 сылтан чинчийэр баҕалааҕым. Зоопааркаҕа үлэлии сылдьан кыыллар астарын бары ирдэбилгэ эппиэттиир гына бэлэмниирбит. Астарыгар дэҥҥэ пластик киирбит буолааччы. Таракааннар, хомурдуостар, онтон да атын кыра үөннэр пластигы  сиэн кэбиспит буолаллара. Сорох киһи олус судургутук өйдүөҕэ эрээри, пластигы кыыллар бэйэтинэн буолбакка, бурдугу, эбиэһи, оту-маһы кытта тэҥҥэ булкуллан хаалбыты сииллэрэ.

Бэйэм крокодиллары, эриэн үөннэри уонна үөнү-көйүүрү эмтиир элбэх уопуттаахпын. Дьиэбэр араас кыылы барытын иитэр буоларым. Чарапаахыттан саҕалаан, эриэн үөнүгэр тиийэ. Билигин бу кыылларбын оҕо уһуйааныгар кыра зоопаарка арыйан үлэлии сылдьабын.

Ыра санаабын быйылгыттан олоххо киллэрэн эрэбин. Ол курдук, хамаандабын билиһиннэриим. Бастаан Евгений Поповы кытта билсэн сүбэлэспитим. Кини «Якутия» технопааркаҕа исписэлииһинэн үлэлиир. Идиэйэбин истэн олус сэҥээрбитэ. Бу иннинэ ким даҕаны Саха сириттэн маннык хабааннаах  бырайыагы олоххо киллэрэ илик. Евгений технопааркаҕа резидент быһыытынан киирэн үлэлээ диэн ыҥырбыта уонна биолог идэлээх Валерия Кривогорницаны ыҥыран бүтүн биир хамаанданы көҕүлээбитэ.  

Былырыын Валерия кылгас кэм иһигэр бырайыак суруйан, кыра хайысхалаах бырайыактары, саҕалааһыннары өйүүр “Умник” бырагыраамаҕа кыттан, 500 тыһ. солк. суумалаах граны ылбыппыт. Быйыл сайын номнуо 200 тыһ. солк. тутуннубут. Ыскаап ылбыппыт, контейнердары, анал аквариумнары ылбыппыт уонна чэпчэтиилээх усулуобуйаҕа «Якутия» технопааркаҕа хос куортамнаабыппыт. Бу курдук бары биир санаанан экологияны тупсарарга үлэлэһэбит.

ИИТИИ, КӨРҮҮ-ХАРАЙЫЫ

- Иван, эппитиҥ курдук, бу кэмҥэ диэри пластигы сиир үөннэринэн ким даҕаны дьарыктана илик. Туох, ханнык үөннэри иитэргит туһунан ааҕааччыларбытыгар сырдат эрэ.

- Билиҥҥитэ “большая восковая огневка” (Galleria mellonella) диэн ааттаах моль иитэбит. Таҥаһы, эти, тириини сиир мольтан букатын атын көрүҥ. Бүгүҥҥү күн туругунан 100-тэн тахса восковой моль баар. Кинилэр ыамнара (личинкалара) полимер матырыйаалы уонна полиэтилен салапааннары сөптөөхтүк переработкалыыллар. Судургутук быһаардахпына, пластик хахтаах салапааннары сииллэр.

- Тыый! Моль пластигы сиирин саҥа иһиттим.

- 2017 с. Испания уонна Британия учуонайдара улахан чинчийии, үөрэтии кэннэ ыстатыйа таһаарбыттара. Онно моль салапаан пакеты сиирин быһаарбыттара. Ол научнай ыстатыйа тахсыаҕыттан бу хайысхаҕа үлэлиир учуонайдар элбэх химическэй, биологическай уопуттары оҥордулар. Онон биһиги саҥаны айдыбыт, олоххо киллэрдибит диэбэппит. Бу технологияны сөптөөхтүк туһанан, үөрэтэн, Саха сирин айылҕатыгар, олоҕор-дьаһаҕар хайдах дьайарын холобурдаан көрдөрүөхпүтүн баҕарабыт.

- Моль пластигы төһө түргэнник сиир эбитий?

- Холобура, 100 моль 12 чаас устата 100 г пластигы сиир.  Биллэн турар, барытын биирдэ сиэн кэбиһэр кыахтара суох.

- Хантан аҕаллыгыт?

- Арассыыйа кииниттэн икки сыллааҕыта 20 устууканы бааҥкаҕа харайан  аҕалбыппыт. Биһиэхэ баар мольлардааҕар быдан аттыттар. Саха сирин усулуобуйатыгар кинилэр хонтуруолга, кэтэбилгэ эрэ сырыттахтарына тыыннаах хаалаллар. Ол иһин бары тус-туспа контейнердарга сылдьаллар.

ТУЛАЛЫЫР ЭЙГЭҔЭ КУТТАЛА СУОХ

- Тугунан аһатаҕыт?

- Эргэрбит, хаппыт ыҥырыа пергатын биэрэбит.  20 % салапааны уонна пеноплаһы кытта булкуйан баран ыҥырыа пергатын холбуубут. Ардыгар сыт таһаарар чүмэчилэр буоскаларын кытта булкуйан эмиэ биэрэбит. Сииллэр. Моль элбэх протеиҥҥа наадыйар. Биллэн турар,  үгүс энергияны ирдиир.

- Пеноплаһы сиэбиттэрэ тугунан эргийэн тахсар?

- Саахтарын сибэккилэргэ уоҕурдуу быһыытынан туттуохха сөп. Туох даҕаны куттала суох, төттөрүтүн сибэккигэ олус туһалаах вещество буолан тахсар.

- Киһиэхэ, тулалыыр эйгэҕэ кутталлаах дуо?

- Биһиги мольлары сиэбэт буоллахпыт дии, ас буолбатах. Пластик истэригэр киирдэҕинэ ууллан хаалар. Арай углекислай гаас тахсар. Саахтара чүмэчи буоскатын курдук буолар. Билиҥҥи туругунан, пластиктан этиленгликоль уонна атын веществолар хаалаллара биллэр. Бу үлэ кээмэйин аан дойду үрдүнэн ким даҕаны чинчийэ илик. Биһиги хроматография ньыматынан чинчийэр былааннаахпыт. Быһааран биэрдэххэ, веществолар химическэй тутулларын үөрэтии ньыматынан. Этиленгликоль вещество тулалыыр эйгэҕэ куттала суох.

ФЕРМЕННЭР УОННА БАКТЕРИЯЛАР СИЛБЭҺИИЛЭРЭ

- Биһиги бастакы сүрүн сыалбытынан төрүөҕү элбэтии буолар. 100, 200 эрэ ахсаннаах моль, биллэн турар, кыаҕа кыра. Уонунан мөлүйүөҥҥэ тиийэр моль баар буоллаҕына биирдэ пластигы сиир буолаллар. Иккиһинэн, пластигы переработкалааһын. Үөннэргэ пластиковай структуралары алдьатар бактериялар бааллар. Кинилэри метаболлар диэн ааттыыбыт. Биһиги пластиктары сөпкө оҥорон таһаарар ферменнэри уонна бактериялары таһаарыахтаахпыт. Чопчу ханнык вещество пластигы сиирин, алдьатарын быһаарыахтаахпыт. ДНК көмөтүнэн кэлин ферменнэри туспа араартаан үөрэтиэхпит. Дьэ, оччоҕуна  пластик иһиттэри, бытыылкалары бактериялар көмөлөрүнэн уулларыахпытын сөп буолар. Кистэл буолбатах, кэлиҥҥи кэмҥэ дьон бөҕү таптаабыт сиригэр тоҕор, мунньар, ыһар. Айылҕабыт бөҕүнэн-саҕынан туолаары турар, бары экологияны харыстыаххайыҥ диибит да, ылсар саҕана ахсааммыт аҕыйах.

ХОМУРДУОСТАРЫ ЭМИЭ ЧИНЧИЙЭБИТ

- Иван, моль кэннэ хомурдуостары эмиэ тэҥҥэ чинчийэ сылдьар эбиккит дии?

- Огневка мольлары үөрэтии таһынан хомурдуостары эмиэ иитэбит. Кинилэр экологическай үөннэр, ыраас бородууксуйа уонна белоктар диэн өйдүөххэ наада. Хомурдуостар үүнээйилэринэн аһыыллар, ордук оту-маһы сииллэр. Биһиги чинчийиибитинэн полипропилен кумааҕыны эмиэ сииллэр. Онон кэнэҕэскитин маны эмиэ чинчийэр былааннаахпыт.

- Билигин төһөнү иитэн тураҕыт?

- 2000 кэриҥэ баар. Астара – от-мас, эбиэс, эмэх мас, пенопласт. Кинилэр сиэбиттэрин кэннэ пенопластара ууллан хаалар.

- Төһө уһун үйэлээх буолар эбиттэрий?

- Моль икки нэдиэлэнэн улаатар. Хомурдуостар – сэттэ ыйга тиийэ.

- Өлбүттэрин кэннэ хайдах харайаҕыт?

- Хаҕа эрэ хаалан хаалар, бөххө быраҕабыт.

ХАҺАН ЭРЭ САҔАЛАНЫАХТААХ

- Пластигы харайыы боппуруоһа аан дойдуга сытыытык турар. Аны туран, көрүҥнэринэн араарыыны дьон сатаабат. Биһиги куораппытын ылан көрдөххө, пластигы, батарейкалары актыбыыс эрэ дьон хомуйар курдук. Нэһилиэнньэ даҕаны төбөтө ыалдьыбат. Мин көрөрбүнэн, Антон Васильев хомуйа сатыыр уонна ким даҕаны наадыйбат. Бөҕү барытын биир сиргэ, сыбаалкаҕа илдьэн быраҕан кэбиһэллэр. Оннооҕор наардаммыт бөҕү кытта булкуйаллар.

- Оччотугар эһиэхэ улахан переработкалыыр собуот наада эбит.

- Тустаах сир наада буолар. Улахан собуот, фабрика эрэ баар буоллаҕына табыллар. Дьиҥэ, сүрдээх судургутук иһиллэр эрээри, барыта хаһан эрэ саҕаланыахтаах. Баҕар, 20 сылынан олоххо киириэ, баҕар, икки сылынан үөрэтиллэн бүтүө, бириэмэ көрдөрөн иһиэҕэ.

- Оччотугар мольтан бактериялары таһаарар буолаҕыт дуо?

- Саамай сөп! Мольтан бактерияларын ДНК нөҥүө көрүөххэ наада. Биһиги убаҕас бороһуок курдук табыллыан сөп диэн көрбүппүт. Бактерияны бороһуок оҥородохпутуна пластигы обработкалааһын ууллан хаалыахтаах. Микроорганизмҥа пластик хайдах быһыылаахтык дьайарын чинчийиэххэ наада. Эбэтэр биореактор көмөтүнэн ферменнэри таһааран суурадаһын оҥоруохха сөп.

- Европа эргин былыр бу үөннэри суох оҥорорго күһэллэллэрэ дии, билигин хайдаҕый?

- Германия, Франция курдук сайдыылаах сирдэргэ ыскылааттарга, ампаардарга баар этилэр. Восковай огневкалары туһалааҕынан аахпат этилэр. Олох сайдан истэҕэ дии, ол курдук саҥа арыйыылары оҥоро тураллар.

Эдэр чинчийээччилэр инники былааннара, көрүүлэрэ олус элбэх. Баҕар, аҕыйах кэминэн бу үс ыччат баҕатынан куораппыт ырааһырара, бөх кыһалҕата кыайтарара буоллар, сайдыы суолун тобулуо эбиппит.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...