05.07.2020 | 11:09

Өбүгэ ситимэ салҕанар

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

   Сунтаар улууһун Кириэстээх нэһилиэгэр дьикти дьарыктаах дьиэ кэргэн олорор. Ол Марианна, Юрий Васильевтар. Кинилэри Сунтаар улууһугар билбэт киһи суоҕа буолуо. Мин алаһа дьиэ хаһаайката Марианна Серкановна Васильеваны кытта билсибитим хас да сыл буолла.

Ол тухары киниттэн сөҕөрүм күн-түүн элбээн иһэр. Күн-дьыл кэмиттэн тутулуга суох улахан кэтэх хаһаайыстыбаны кэргэнинээн көрөллөр-истэллэр. Сайынын тэлгэһэлэригэр оҕуруот аһын, үүнээйи, сибэкки  арааһын олордоллор. Быыһыгар Марианна Серкановна айылҕаттан бэриллибит ураты дьоҕурунан дьоҥҥо көмөлөһөр эмчит. Быыһыгар хоһоон суруйуунан дьарыктанар, иистэнэр даҕаны. Талаан бары өттүнэн баар. Ол эрэн сорох дьоҕурдарын “сэмэйэ” бэрт буолан биллэрбэт. “”Сир түннүгэ киһи”, “хаама сылдьар энциклопедия” диэн кинини ааттыахха сөбө буолуо... Үөһэттэн бэриллибит аата Умтичаана диэн. Бу ааты социальнай ситим нөҥүө үгүстэрэ билэр буолуохтаахтар. Бассаап хонуутун устун кини ханнык эмтээх үүнээйини, туох ыарыыга туттулларын туһунан сүбэлэрэ элбэхтик тарҕанар. Кинилэр нэһилиэк киэн туттар саха биир бастыҥ ыала буолаллар. Олохтоохтор кинилэртэн холобур ыларбыт элбэх дэһэллэр. Ол курдук, айылҕа, үүнээйи, хаһаайыстыба элбэх кистэлэҥнэрин билэн, ону дьоҥҥо-сэргэҕэ тиэрдэр ураты талааннаахтар.

  Кириэстээххэ бэлиэ түгэн

Бэс ыйын 23 күнэ. Сунтаар, Кириэстээх нэһилиэгэ.

- Бу күн нэһилиэк олохтоохторугар ураты күн буолан ааста.  Нэһилиэк үлэһит ыалыгар Юрий, Марианна Васильевтарга өбүгэ төрүт култууратын, олоҕун-дьаһаҕын, итэҕэлин, духуобунай баайын билэргэ, төрөөбүт дойдуга бэриниилээх буолууга, кэнчээри ыччаты иитиигэ улахан суолталаах бырайыактара - чуораа (ураһа) тутуллан олоххо киирдэ. Тэрээһин сиэрин-туомун Изабелла Платонова - Сыдьаайа, хаһаайка Марианна Васильева - Умтичаана оҥордулар. Ураты дьоҕурдаах, мындыр өйдөөх-санаалаах саха ыалын сүрүн дьарыктара, хаһаайыстыбалара, үтүө сүбэлэрэ улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник биллэр, элбэх дьон сэҥээриитин ылар.

Ураһа (чуораа) тутулунна

Марианна Серкановна Васильева - Умтичаана:

- Баҕа  санаам дьэ туолла. Бу ураһаны тутаары, уон сыл устата бэлэмнэннибит. Мин Кэбээйи Сиэгэниттэн төрүттээхпин. Ханнык баҕарар киһиэхэ төрөөбүт, киинэ түспүт сирэ өрүү сүрэҕэр, дууһатыгар чугас буоллаҕа. Сааһырдахха дойду ахтылҕана күүстээх буолар эбит. Оҕо эрдэҕинээҕи төрөөбүт сибидиэтэлистибэбэр Саккырыыр оройуона, Ламыҥха нэһилиэгэ диэн сурулла сылдьар. Урут биһиги дьоммут уваньнар, сороҕор ламут дэнэллэрэ. Сэбиэскэй былаас эбээн, эбэҥки диэҥҥэ араарбыт.Ити биир төрүттээхтэр. Төрүт өбүгэ сирбитигэр табалара аҕыйаабыт. Онно үксэ сахалар олороллор. Кэбээйиттэн ыраах олороллор. Айылҕата кыраһыабай. Хайа быыһыгар аул курдук олороллор. Онно үрүҥ көмүс хостонор. Былыр өбүгэлэрим тирии ураһаҕа олорбуттар. Билигин да Сэбээҥҥэ эвинеккэ итинник туруораллар. Ураһабытын арыйарбытыгар хотугулуу сиэринэн ыраастанныбыт, арчыланныбыт.  Сэмээр эвинегим сиэрин-туомун оҥордум. Ис тутулун туһунан этэр буоллахха, ортотугар уот оттобут, аныгы буолан муосталанан турар. Тула өттө наара олбохтордоох. Ураһабыт  ис-тас бараанын көһө сылдьар омуктар киэннэрин курдук оҥордубут. Аа-дьуо сиргэ тириилэри тэлгиэхпит. Сорох өттү газоннуохпут. Таһын араҕас профлииһинэн бүрүйдүбүт. Манан өбүгэм ситимин салҕаатым дии саныыбын.

 Хаһаайыстыба кэҥиир, түбүк элбиир

- Тыа сиригэр олорорбут быһыытынан аспыт-үөлбүт барыта бэйэбит хаһаайыстыбабытыттан кэлэр. Онон олохтоох бэйэ оҥорон таһаарар бородууксуйатынан аһаан олоробут. Саас тыаҕа тахсан, мас мастаан, кыстык саһааммытын чөкөтөбүт. Сааһыары хатыҥ сэбирдэҕин хомуйабыт. Сайын саҕаланыыта бэс субалыыбыт, тиит сутукалыыбыт. Сыл аайы дьиэм тэлгэһэтигэр арааһы барытын үүннэрэбин, олордобун. Сотору кэминэн тэлгэһэм быыһа суох күп-күөх буолуо диэн эрэнэ саныыбын. Тыа ыалын сиэринэн, дьыл хайа баҕарар кэмигэр бокуойдаммаппыт.  Санаа салайарынан сүөдэҥниир тухары сылдьа сатыыбыт. Хаһаайыстыба үлэтэ элбэх. Буолабытыгар хортуоска олордубуппут, сыыһа кыаттарбат, күн аайы ардах кэлэн түһэ турар. Экзотикалары сөбүлүүбүн. Фазаннары иитэбит, сымыыттара киһи доруобуйатыгар туһалаах. Ынахтарым төрөөн, үрүҥ ас дэлэгэй. Коза үүтүнэн кымыс оҥорон, наадыйар дьоҥҥо тарҕатабын. Эмтээх буолан, дьон былдьаһыгынан ылаллар. Тыа ыала түбүкпүт элбэх. Кыстыкпыт хата этэҥҥэ ааста. Ынах сүөһү, коза тутабыт, биир биэлээхпит. Урут иитэ сылдьан сатаммат буолбутугар тохтуу сылдьыбыппыт. Куурусса, фазан тутабыт. Быйыл саҥа пасекаланан эрэбит. Ыҥырыаны хобби гынан бэйэм көрөбүн. Манныкка киһи сынньанар эбит. Син биир тыаҕа, ойуурга сылдьар курдук. Быыһыгар эмтээх үүнээйини хомуйуунан  дьарыктанабын. Саас үүннэрбит арассаадабын удамыр сыанаҕа атыылыыбын.

Тэлгэһэбэр кустук үктэммитэ

                                (Умтичаана кэпсиир)

- Оруобуна уон сыллааҕыта бу кэмҥэ эмиэ быстах ардахтар күннэтэ түһэн ааһаллара. Тэлгэһэбит сибэккинэн симэнэн, айылҕа анаабыт кэрэ көстүүтүгэр дьүөрэлэһэн тыллан бөҕө турара. Биир үтүө күн ардах кэннэ тэлгэһэбитигэр кустук аҥаар атаҕынан үктэнэн ааспытыгар, бу миэстэҕэ ураһа туруоруохпут диэн ыра санааламмыппыт. Айыылар кэлэн ыалдьыттаан бардылар диэх курдук оччолорго санаабытым.

  Быйыл ол санаабыт туолан, бэс ыйын 23 күнүгэр Күн Ийэҕэ хайыһан сиэр-туом толорон, буруо таһааран, дэлбиргэҕэ салама ыйаан аар айылҕабытын маанылаатыбыт. Сиэри ситэрэн кулуһуҥҥа буспут толору астаах сандалыга ыалдьыттарбытын күндүлээтибит, үөрүүбүтүн үллэһиннибит. Оруобуна үс хонон баран ардах быыһыгар ас астыы туран, арай бүгүн кустук түстүн тэлгэһэбитигэр, арай бэлиэ биэрдин диэн дохсун ардах тыаһыгар санаабын эттим. Арай, көрбүтүм, тэлгэһэбитигэр кустук үктэммит. Дьэ, онтон наһаа да сөхтүбүт, үөрдүбүт, дьоллоннубут. Сэттэ өҥнөөх ситиминэн Айылҕа барахсан махталын биллэрбит курдук тэлгэһэ туоратын тухары икки атаҕынан үктэннэ, баарын биллэрдэ. Бу дьикти түгэнтэн биир бэйэм өбүгэм үгэһин салҕыыр көҥүлбүн ылбыттыы сананным, эрэлбэр эрэл, күүспэр күүс сахта.

  Хатыҥ чоҕун туһата

                           (Умтичаана сүбэтэ) - Хатыҥ чоҕун ис үллүүтүгэр, куртах быһыта тыытарыгар, куртах кислотата наһаа элбэх буоллаҕына, араас токсиннартан сүһүрдэххэ туһаныахха сөп. Куһаҕан токсин хааҥҥа киирэрин утарсыа, оборуо,онон бүөр,быар үлэтэ чэпчиэ, холестерин олус элбээтэҕинэ таһаарар. Аллергияҕа көмөлөһөр. Хатыҥ чоҕун көннөрү уоттан ылан ыстыы сылдьар улахан киһиэхэ, оҕоҕо да туһалыыр. Киһи организма ыраастанар. Туоһу көннөрү ыалдьар сиргэр саба уурунан эмтэниллэр. Хатыҥ чээрэтэ куртах бааһырыытыгар иһиллэр. Онко ыарыһах уопсай туруга тупсарыгар туһалыа. Хатыҥ сэбирдэҕинэн, бүөрүнэн эмтэнии хат дьахталларга уонна дириҥээбит бүөр ыарыылаахтарга көҥүллэммэт. Хатыҥы харыстааҥ, туһанаргытыгар наадаҕытын эрэ көрдөһөн, махтанан ылыҥ. Тускутугар туһаныҥ, доруобай буолуҥ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....