03.12.2022 | 18:00

Өбүгэ ситимэ — эр дьон кылаан кыахтарыгар

Сэтинньи 20 күнүгэр “Сэргэлээх уоттара” култуура киинин мааны туонатыгар “Өбүгэ тыына” кэнсиэргэ үгүс көрөөччү тоҕуоруста. Бу дьоро киэһэ ураты буоларын тута аатыттан сэҥээрбитим. Билиҥҥи ыксаллаах күннэргэ өрөһүлтэ, мунаахсыйбыт киһиэхэ ыҥырыы курдук ылыммытым.
Өбүгэ ситимэ — эр дьон кылаан кыахтарыгар
Ааптар: Бээрийэ кыыһа Хотойук Айгыына
Бөлөххө киир

Икки атахтаах барахсан хантан, кимтэн ситимнэнэн, кимниин-туохтуун алтыһан бу орто туруу дойдуга аал уотун уматан, сүрэҕэр күөдьүппүт тапталын суоһун үллэстэн, бытырыыс кырачаан оҕолордонон, ийэ-аҕа аналын  толорон, бу олоххо тыын угарый? Күүһү-уоҕу, таһымныыр өйү-санааны, иччилиир илгэлээх айар тутар дьоҕуру өбүгэттэн ылан киһи ааттанара буолуо дуо?

Итинник дириҥ ис хоһоонноох “Өбүгэ тыына” кэнсиэр алгыһа да ураты буолла. Виталий Очиров ситимнээх тыллара, киһи атаҕын тилэҕиттэн саҕалаан дьиримнэтэн, сылытан, итии сүүрээни сүүрдэн төбө оройунан чуһуурда таһааран, куйаар ситимигэр  холбоон, эттиин-сиинниин биирдэ ураты эйгэҕэ сиэтэн киллэрдэ.

Кэнсиэрбит тэтимнээх үҥкүүнэн арылынна. Үҥкүүһүт уолаттар дыгыйан, эчи, чэпчэкилэрэ, туттан-хаптан, уйуһутан, ититэн бииртэн биир эриэккэс хамсаныылара көрөөччүлэри барыбытын сөхтөрдө. Барыта 29 нүөмэр. Икки чаастан ордук кэм устата эр дьон, уолаттар үҥкүүлээтилэр, ыллаатылар. Инньэ гынан кэнсиэр тыына, чахчы, ураты, аны  үксэ үҥкүү, онон, этэргэ дылы, атын эйгэҕэ киирэн таҕыстыбыт.

“Өбүгэ тыына” – үҥкүүһүт дьиэ кэргэн сыдьаана Дьулустан Харлампьев айар киэһэтэ. Кини 1985 сыллаахха тохсунньу ыйга Сунтаар улууһун Кутана нэһилиэгэр Александра Николаевна, Дмитрий Григорьевич Харлампьевтар дьиэ кэргэннэригэр иккис оҕонон күн сирин көрбүтэ. Ыал аҕа баһылыга Дмитрий Григорьевич Харлампьев – СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ судаарыстыбаннай үҥкүүтүн бөлөҕүн бастакы састаабын үҥкүүһүтэ, артыыс. Кини Сахабыт сирин оройуоннарынан, соҕуруу куораттарынан, Канадаҕа, Румынияҕа, Монголияҕа, Германияҕа тиийэ гастролларга кыттыбыта. Дьулустан күн күбэй ийэтэ Александра Николаевна эмиэ үҥкүүһүт,  СӨ култууратын туйгуна. Айар куттаах дьиэ кэргэн З.К. Степанов аатын сүгэр Кэбээйитээҕи Оҕо искусствотын оскуолатыгар 36 сыл устата үүнэр көлүөнэ ыччаты үҥкүү кэрэ эйгэтигэр уһуйбута. «Тэлээрис» үҥкүү бөлөҕүн нөҥүө талааннаах ыччаты киэҥ аартыкка таһааран, күн бүгүҥҥэ диэри айымньылаахтык айа-тута сылдьар.

Дьулустан бэрт кыра сааһыгар Кэбээйитээҕи муусука оскуолатыгар үҥкүү салаатыгар үөрэнэ киирбитэ, 1996 с. бүтэрбитэ. «Тэлээрис»  ансаамбылга  дьарыктаммыт сылларыгар Дьокуускай куоракка «Терпсихора», «Хотугу сулус»,  «Сааскы таммахтар» үҥкүү күрэхтэригэр уонна Грецияҕа аан дойдутааҕы бэстибээлгэ ситиһиилээхтик кыттыбыта. 

2002 с. Дьокуускайдааҕы култуура уонна искусство колледжыгар үҥкүү салаатыгар үөрэххэ киирбитэ. Устудьуоннуур кэмигэр Москваҕа Саха сирин күннэригэр кыттыыны ылбыта. 2005 с. Дьулустан Харлампьев С.А. Зверев-Кыыл Уола аатынан СӨ Үҥкүүтүн тыйаатырыгар балет артыыһынан үлэҕэ киирбитэ. Кини башкир омук үҥкүүтүн, «Булчут уонна хотой», «Кубалар»,  «Хотугу көстүүлэр»,  «Тыын тэтимэ»,  «Оһуор үҥкүүтэ», «Чохчоохой», «Таба уонна табаһыт» үҥкүүлэри толорор. Кини үгүс испэктээккэ чаҕылхай оруолларынан уонна уобарастарынан биллэр: Уус – «Айыы аймаҕа», Кырдьаҕас Ойуун, Төбөтө суох уонна Бөкчөҕөр – «Бохсуруйуу», Улахан Убаай – «Хотугу сулус туһунан номох», бастакы толорооччу быһыытынан Абааһы «Үөдэн түгэҕэ», Муус Кудулу уонна Циклоп – «Үөһээ дойду дохсуннара», Өрөгөчөй –  «Ньырбакаан, Муус Субуйдаан» «Куллустай Бэргэн», Ойуун – «Киһи». Итини сэргэ, оҕоҕо аналлаах элбэх испэктээккэ оонньообута.

Дьулустан Харлампьев 2012 сылтан үҥкүү туруорааччы быһыытынан киэҥ эйгэҕэ биллэр-көстөр. Ол курдук, Туймаада ыһыаҕар (2012, 2016-2018, 2022), Саха сирин норуоттарын спортивнай оонньууларыгар Намҥа (2014), Аммаҕа (2019c), Уус Алдан Бороҕонугар (2022с); “Манчаары оонньууларыгар” –   Үөһээ Бүлүүгэ (2017с), Бэрдьигэстээххэ (2021с), “Олоҥхо ыһыаҕар” Хаҥаласка (2014с) үҥкүү туруорааччылар бөлөхтөрүгэр киирэн, баай уопуту, дириҥ билиини иҥэриммитэ.

2015с. Арктикатааҕы култуура уонна искусство институтун үҥкүү салаатын кэтэхтэн үөрэнэн бүтэрбитэ. Дьулустан Дмитриевич улааппыт, үөрэммит дойдутун кытта ситимин быспат. Ол курдук, 2019 с. Кэбээйигэ гастроллаан, Муусука оскуолатын үөрэнээччилэригэр анаан «Төрүт хамсаныыга толоруу күүһэ» маастар-кылаас ыытан, үҥкүү эйгэтигэр билиитин-көрүүтүн үллэстэр.

Быйыл Кэбээйи улууһа төрүттэммитэ 85-с үбүлүөйдээх ыһыаҕын үҥкүү туруорааччы быһыытынан силигин ситэрэн-хоторон, бар дьонугар төһүү күүс буолбута. Өр сыллар устата тыйаатыр профкомугар спорт салаатыгар эппиэтинэһи сүгэн, Өрөспүүбүлүкэтээҕи култуура үлэһиттэрин идэлээх сойууһун Спартакиадатыгар тыйаатыр үлэһиттэрин, артыыстарын көҕүлээн кытыннаран, хас да төгүл бириистээх миэстэлэри ылбыттар. Кини хапсаҕайга, уһуну ыстаныыга, көҥүл тустууга, сүүрүүгэ, атах оонньууларыгар (кылыы, куобах, ыстаҥа) ситиһиилээхтик кыттан наҕараадаламмыт.

Күн бүгүн Дьулустан Харлампьев тустаах үлэтин таһынан М.К. Аммосов аатынан ХИФУ  «Сэргэлээх уоттара»  култууратын киинигэр “Умсан” үҥкүү бөлөх салайааччытынан айымньылаахтык үлэлиир. Бөлөх тоҕо “Умсан” диэн ааттааҕын сэргээччи, сэҥээрээччи элбэх. Умсан диэн Кэбээйи эҥээр үөскүүр хотой бииһин ууһун аата. Оҕо эрдэҕиттэн үҥкүүнү өрө туппут талааннаах ыччат билигин А.Д. Макарова аатынан Дьокуускайдааҕы култуура уонна искусство колледжыгар режиссура идэтигэр үөрэнэ сылдьар.

Бу ураты тыыннаах, кэрэ эйгэлээх дьоро киэһэ Дьулустан Харлампьев айылҕаттан бэриллибит сүдү талаанын, талбыт идэтигэр бэриниилээҕин уонна үҥкүү искусствотыгар тапталын туоһута буолла. Хас биирдии үҥкүү аатыттан саҕалаан, хас биирдии хамсаныыга тиийэ эр киһи дьолуо күүһэ, санаатын уххана, мөккүөрэ – барыта көстөр.

Мин былырыын бу тыйаатыр туруоруутугар “Халдьаайы” этно-фольклорнай испэктээктэрин көрбүтүм, онно Ойуун оруолун Дьулустан Харлампьев олус итэҕэтиилээхтик үҥкүүнэн көрдөрбүтэ. Бу сырыыга эмиэ хат ону көрө олорон, артыыс хас биирдии үҥкүүтүн ис кутугар киирэн, бүтүн бэйэтин эт-сиин хамсаныытынан көрдөрөн, маннык ураты уобарастары оҥорорун сөхтүм-махтайдым. Хас биирдии үҥкүү тыыннаах, көрөөччү кутун таарыйыахтаах. Ол курдук биһиги тыын тэтимиттэн саҕалаан, дьөһөгөйбүт киирсиитигэр киирэн ылан, Тыва истиэбигэр ыалдьыттаан, кэрэтигэр умсугуйан, саха уолаттара өбүгэ оонньууларын өрө туталларын, эр киһи сүр көтөҕүүтүн ылынан, дүҥүрдээх үҥкүүнэн туундара уолаттарын кытта алтыһан, уол, эр киһи боотур буолбут күүһүн ылынан, олус үчүгэй музыкальнай киэргэтиилэрдээх, видеоэкранынан көстүүлээх кэнсиэри биир тыынынан көрдүбүт.

Бу киэһэ өбүгэбит ситимэ эр дьоммут кылаан кыахтарыгар, хоһуун уоланнарбыт эдэрдии эрчимнэригэр бэриллэрин илэ харахпынан көрдүм. Эр киһи модун санаатынан дьөһөгөйү торутар, киэҥ көрүүтүнэн хотойу кытта тэҥҥэ көтүһэр, сундулуйа сүүрэр бөрө үөрүн тутар уонна Айыыларын кытта ситимин кыаһаан кылыргыыр тыастаах Айыы ойууна буолан, бар дьонун арчылыыр, араҥаччылыыр күүһүн, өбүгэ ситиминэн ыларын итэҕэйдим. Бу көстүүнү эр дьон кылааннаахтара биир-биир аны ырыа кутунан ситимнээн-ситэрэн биэрдилэр. Эр киһи сүрдээх буоларын Аскалон Павлов, ол сүр таптыыр күүһүн Александр Карманов, төрөөбүт дойдуга бэриниилээх буолуу саҕахтан саҕахха, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэрин Кэскил Баишев ылбаҕай ырыаларынан тиэртилэр.

Харлампьевтар дьиэ кэргэн  оҕолорун, сиэннэрин илдьэ тахсан, саалаҕа мустубут дьону барыларын үҥкүүлэтэн соһуттулар, түмүккэ саала көрөөччүтэ бары оһуокайдаатыбыт.

Кэнсиэр бүтүүтэ Дьулустан Харлампьевы айар кэнсиэринэн эҕэрдэлээтилэр, “Кэбээйи улууһун бочуоттаах олохтооҕо” үрдүк ааты туттардылар. Дьулустаан төрөппүттэригэр махтанан, кэрэ бэлэҕи туттарда. Кырдыга даҕаны, оҕо дьоҕурун сөпкө көрөн, таба тайанан, дьонугар-сэргэтигэр, төрөөбүт сиригэр туһалаах киһини иитэн таһаарыы, ону оҕо бэйэтэ толору өйдүүрэ – тугунан да кэмнэммэт улахан үөрүү.

Ити курдук “Өбүгэ тыына” диэн күүстээх ааттаах, эр киһи эргиччи талаанын көрдөрөр, эр киһи кутун-сүрүн уһугуннарар, эр киһи тэтимин, тыынын бар дьоҥҥо тиэрдэр кэнсиэр буолан ааста. Хас биирдии үҥкүү, хас биирдии ылламмыт ырыа көрөөччү кутугар сылааһы, сырдыгы уонна инникигэ тулууру, дьулууру бэлэхтээтэ, көрөөччүлэр олус астынан-дуоһуйан, өбүгэ ситимин тутан тарҕастыбыт. Маннык сүҥкэн дириҥ философскай хабааннаах кэнсиэри туруорбут бары үлэһиттэргэ, үҥкүүһүттэргэ барҕа мааны махталбытын тиэрдэбит.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...