Бүгүн Саха сиригэр национальнай бэчээт Күнэ бэлиэтэнэр
Бүгүн, от ыйын 1 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ иккис сылын национальнай бэчээт Күнүн бэлиэтиир.
Кэрэ-бэлиэ күнүнэн саха сирин олохтоохторун өрөспүүбүлүкэ баһылыга Айсен Николаев эҕэрдэлээтэ. «Бу, сыл анараа өттүгэр олохтоммут бырааһынньык, суруналыыстыкаҕа уонна бэчээттээһин дьыалатыгар үтүө үгэстэри утумнааһыны кэрэһэлиир, элбэх омук олорор Олоҥхо сиригэр төрөөбүт тылы харыстыыр, норуот духуобунай сыаннастарын үксэтэр дьону сомоҕолуур сүдү суолталаах», - диир Ил Дархан.
1907 сыл от ыйын 1 күнүгэр сахалыы тылынан тахсыбыт «Саха дойдута» («Якутский край») хаһыат күн сирин көрбүтэ. Хаһыаты уопсастыбаннай, политическэй деятель, сырдатааччы Василий Никифоров-Күлүмнүүр биир санаалаахтарын кытта иилээн-саҕалаан таһаарбыттара.
Бастакы уопсастыбаннай-политическэй уонна литературнай суолталаах таһаарыы национальнай суруналыыстыка сайдарыгар уонна саха литературнай тыла тэнийэригэр олук уурбута.
Маны сэргэ, быйыл Саха сиригэр саха тылынан «Манчаары» официальнай бэчээттэниитэ 100 уонна бастакы типография 160 сыллара бэлиэтэнэр.