Бүгүн поезд Аллараа Бэстээх – Тыында хайысханан супту айанныаҕа
Бүгүн киэһэ 17 чааска аан бастакы пассажирскай поезд Аллараа Бэстээх – Тыында хайысханан уларыйан олоруута суох, супту айанныаҕа. Маннык сырыы күн аайы оҥоһуллуоҕа.
«Саха сирин тимир суоллара» акционернай хампаанньа поеһынан Аллараа Бэстээх – Владивосток хайысханан супту айанныахха сөп буолла. Итинник уларыйан олоруута суох рейстэр Уһук Илин атын куораттарыгар кытта тиийиэхтэрэ.
Саҥа араспысаанньанан Хабаровскайга, Владивостокка, Благовещенскайга уонна Иркутскайга айан бириэмэтэ лаппа кылгыаҕа. Ол курдук, Аллараа Бэстээхтэн Хабаровскайга диэри икки суукканан, Владивостокка – 2 суукка 13 чааһынан, Благовещенскайга – 1 суукка 17 чааһынан, Иркутскайга – 2 суукка 23 чааһынан тиийиэххэ сөп буолар.
Пассажирдары хааччыйыы хаачыстыбатын тупсарар сыалтан, Нерюнгри аэропуорда сабыылаах уонна Дьокуускай аэропуорда хааччахтаах үлэлиир кэмнэригэр, «Саха сирин тимир суоллара» АХ купейнай вагоннарыгар төлөбүр 20 % намтаата. Холобур, Аллараа Бэстээх – Владивосток хайысханан бырайыас сыаната 7878 солк., Иркутскайга диэри 8308 солк., Благовещенскайга диэри – 5193 солкуобайга тэҥнэһэр.
Өрөспүүбүлүкэ иһигэр, Аллараа Бэстээхтэн Алдаҥҥа диэри 1675 солк., Нерюнгри – 2079 солк., Тыында – 2975 солк. буолла. Ону таһынан сервиснай хомуур 158 солк.