18.11.2023 | 12:00

Бүгүн даҕаны тоҕоостоох

Ханнык баҕарар айар-тутар кэлэктиип олох устун айанын үрдүк чыпчаалынан классическай айымньы буолар. «Норуодунай» диэн үрдүк, эппиэтинэстээх, ирдэбиллээх ааты ылбыта үйэ чиэппэрэ буолбут Хатастааҕы норуот тыйаатырын репертуарыгар классика урут да, билигин да баар.
Бүгүн даҕаны тоҕоостоох
Ааптар: Наталья РУФОВА
Бөлөххө киир

Кэлиҥҥи 5 сылга А.Е. Кулаковскай – Өксөкүлээх Өлөксөй “Куорат кыргыттара”, С.А. Зверев – Кыыл Уола “Кулан Кугас аттаах Куллустай Бэргэн” диэн олоҥхото турдулар. Дьэ уонна быйылгы үбүлүөйдээх сылга Н.В. Гоголь өлбөт-сүппэт “Ревизор” кэмиэдьийэтэ бэлэмнэнэ сылдьар. Өскөтүн инники турбут айымньылар төрөөбүт төрүт тылбыт сүмэтин-сүөгэйин иҥэриммит, төрүт дьоммут олохторун хоһуйбут, ойуулаабыт буоллахтарына, бу айымньы саха норуота түөрт үйэ тухары алтыһан кэлбит улуу нуучча норуотун тылыттан тылбаастаммыт, оччотооҕу нуучча омук олоҕун ойуулуур, кэпсиир. Онон кэккэ ыарахаттардаах, уустуктардаах гынан баран, соччонон умсугутуулаах үлэ-хамнас тигинэччи бара турар. Биир бастакы улахан хардыыбытынан бу испэктээккэ баар сүрүн дьоруойдар таҥастарын-саптарын тыйаатыр көстүүмүн тигиини эттэринэн-хааннарынан, өйдөрүнэн-санааларынан дириҥник билэр анал сыах тигэ сылдьара буолар. Бу үлэ төлөбүрүгэр Хатастааҕы норуот тыйаатыра СӨ култууратын уонна духуобунаһын министиэристибэтэ, СӨ норуот айымньытын уонна социальнай-култуурунай технологиятын дьиэтэ ыыппыт “Биһиги нэһилиэстибэбит” диэн улахан күрэхтэригэр кыайан ылбыт үбэ-харчыта төһүү күүс буолла. Көстүүмнэр Мария Васильевна Турантаева салайааччылаах СӨ Олоҥхо тыйаатырын иистэнэр сыаҕар тигилиннилэр. Бу кэлэктииби кытта ыкса үлэлиирбит үлэбит үтүө түмүктэрдээх буоларыгар быһаарар оруолу ыларынан кинилэргэ махталбыт муҥура суох. Маны таһынан А.Лобанов дириэктэрдээх А.С.Пушкин аатынан ГАРДТ үчүгэй бэлэх оҥороннор, сүргэбит көтөҕүллэ сылдьар: көстүүмнэри – эр дьон, дьахталлар киэннэрин, атах таҥаһын, сэлээппэлэри, бэргэһэлэри уо.д.а., ону таһынан реквизиттэри - биэрдилэр. Этэргэ дылы, норуот тыйаатыра түһээн да көрбөтөх баайа-дуола кэллэ. Манна олох күүскэ ылсан үлэлээбит тыйаатыр толорооччу дириэктэрэ Александра Яковлевна Звонковаҕа, уус-уран туруоруу чааһын сэбиэдиссэйэ Виктор Павлович Ефимовка махталбыт дириҥ. Испэктээк бэлэмнэниитэ бу күһүҥҥүттэн саҕаланан, номнуо тэтимҥэ, уопсай биир тыыҥҥа киирэн эрэр. Манна режиссёр Евдокия Ефимовна Семенованы кытта “Тускул” КК кэлэктиибэ барыта үөрэ-көтө, сүргэ көтөҕүллэ айа-тута сылдьар. Испэктээк саамай тутуллар тутааҕа буолар артыыстары көрсөн кэпсэттибит.

Режиссер Евдокия Семенова С.А.Зверев «Кулан кугас аттаах Куллустай Бэргэн» олоҥхотун премьератыгар

 

Куорат баһылыга Антон Антонович Сквозник оруолун толорор Михаил Дмитриевич Сивцев:

– Тыйаатыр эн олоххор туох оруоллааҕый?

– Ийэлээх аҕам Раиса Гаврильевна, Дмитрий Дмитриевич Сивцевтар Горнай улууһун Бэрдьигэстээхтээҕи норуот тыйаатырыгар куруутун сылдьаллар этэ. Мин кинилэри кытта репетицияларга барсарым. Онно көрөн турдахпына төрөппүттэрим атын дьон буолан хаалалларын дьиибэргиир да, сэргиир да этим. Аны кинилэр табаарыстара, бэркэ диэн билэр дьонум, сибилигин миигин кытта аргыстаһан кэлэн баран, аҥаар өттө дьахтар, аҥаар өттө эр киһи буолан хааларын сөҕөр да этим (тэбэнэттик күлэр Аапт.). Инньэ гынан оҕо эрдэҕинээҕи санаам тыйаатыр диэн наһаа интэриэһинэй дойду. Кэлин бэйэм сылдьар буолан баран санаатахпына, тыйаатыр диэн киһини сааһылыыр, бэрээдэктиир, тургутар, атын саҥа билиини иҥэрэр эйгэ эбит. Холобура, хас биирдии киһи (норуот тыйаатырын артыыһа) бэйэтэ үлэлээх, сатыыр, үлэлиир эйгэлээх. Ол эрээри куруутун биир күдьүс күннээҕинэн сырыттахха, олорон хаалыы баар буолуон сөп, баар даҕаны буоллаҕа... Дьэ оннук түгэҥҥэ тыйаатырга кэлэн дьарыктанар олус туһалаах дии саныыбын.

– Оччоҕо эн тыйаатырга кэлииҥ соһуччу буолбатах эбит. Оонньуохтаах оруолуҥ омсолоох уобарас, туох эмит син үчүгэйдээх дуу?

– Эмискэ, соһуччу диэн хайа баҕарар киһи олоҕор дэҥ көстүү дии саныыбын. Тыйаатырга ыҥырдылар диэбиппэр ийэм олус үөрбүтэ, “Миша олох сырыт, тыйаатыр үчүгэйи эрэ биэриэҕэ”,– диэбитэ. Онон тыйаатырга сылдьарбын ийэм барахсан алгыһын курдук ылынабын, ол миигин кынаттыырын ааһан, эппиэтинэстиир, инники  эппитим курдук, сааһылыыр. Оруолбар киирэр буоллахха, классика, классиктар диэн өйдөбүлү үрдүктүк тутабын. Гоголь бу айымньыны 1836 сыллаахха суруйбут эбит буоллаҕына, 21 үйэҕэ даҕаны тоҕоостоох, үөрэтэр, иитэр диэтэххэ, дьикти дии! Оонньуохтаах оруолум оччолорго да, бүгүн да баар киһи дии саныыбын. Тылын-өһүн үөрэтиэм иннинэ киинэ, араас испэктээк да көрдүм, ол кэмнээҕи устуоруйаны да сэгэтэр матырыйааллары кытта билистим. Дьиктитэ диэн, мин дьоруойбар испэктээк аайы араас уобараһы биэрэллэр эбит. Оттон мин санаабар, ханныгын да иһин, дьоруойум куорат баһылыга буоллаҕа дии; ол аата өйдөөх, ааҕарын-суоттуурун сатыыр, инники өттүн эҥин көрөр, ылыннарыылаах тыллаах. Омсолооҕо диэн ити этиллибит хаачыстыбалары куруутун бэйэтигэр иэҕэн аҕалара. Саамай сүрүн итэҕэһэ – кини карьерист, карьера туһугар кими баҕарар тэпсэн ааһыан сөп.

Куорат баһылыгын ойоҕо Анна Андреевна Сквозник‑Дмухановская оруолун толорооччу Хатас норуодунай тыйаатырын төрүттээччилэриттэн биирдэстэрэ Наталья Устиновна Нохсорова:

– Оруобуна биэс сыл анараа өттүгэр «атын хайысхалаах оруолу оонньуохпун баҕарабын» диэбитиҥ. Уу нуһараҥ, нарын-намчы амплуаттан албын-көлдьүн, илин-кэлин түһүүлээх-тахсыылаах, туттубут-хаптыбыт, саҥарбыт-иҥэрбит, этэргэ дылы, чыҥха атын уобарас бэрилиннэ.

– Этимэ даҕаны... Анна Андреевна уобараһын Евдокия Ефимовна көмөтүнэн илдьиритэ, ис киэбин оҥоро сылдьабыт. Дьэ, Анна Андреевна диэн сүрдээх киһи диэххэ наада (тэбэнэттик күлэр– Аапт.). Сыалын-соругун ситэр туһугар кыыһын даҕаны кытта бэрт былдьаһыан сөптөөх.

– Эн кинигэни ааҕаргын сөбүлүүргүн, куруутун бэйэҥ билиигин-көрүүгүн үрдэтэн үөрэнэргин, дьарыктанаргын билэбин. Ол билииҥ-көрүүҥ төһө көмөлөһөрүй, Анна Андреевналар билиҥҥи олоххо бааллар дуо, эн санааҕар?

– Кинигэ ааҕар киһи хайа баҕар үйэҕэ атаҕар чиҥник турар, сип-билигин “гуггллаан” ылар информацияҥ буолбатах буоллаҕа дии, бэйэҥ нөҥүө аһаран ылбыт билииҥ амтанныын атын. Аахпыттарбын-көрбүттэрбин, олорор олохпун ыраҥалаан көрдөхпүнэ, историяҕа майгыннаһар кэрчик кэмнэр кэмиттэн кэмигэр хатыланаллар эбит. Ол курдук, кырдьыыны тохтото сатаан бириэмэни кытта охсуһар кэрэ аҥаардар бүгүн даҕаны бааллар, мин Анна Андреевнам оннук. Дьиҥэр, итиннэ туох куһаҕана кэлиэй гынан баран, “всему свое время” диэн мындыр этии баар. Кыһалыннахха, ханнык баҕарар кэми, олуонатык көстүбэккэ эрэ, кэрэ оҥоруохха сөп буоллаҕа. Ити биирэ. Иккиһинэн, бу иннигэр наар саха дьахталларын оонньообут буоллахпына, Анна Андреевна – нууччатын ааһан, атын омук култуурата күүскэ дьайбыт киһитэ, туттуута-хаптыыта, саҥата-иҥэтэ, таҥаһа-саба барыта ураты. Ол эрээри төһөнөн уустук даҕаны, соччонон умсугутуулаах буолар эбит.

Артемий Филиппович Земляника диэн билиҥҥинэн социальнай суолталаах тэрилтэлэр үлэлэрин тэрийиэхтээх дьоруой оруолун толорор олоххо сүрдээх көхтөөх, билиилээх, сатабыллаах, ураты көрүүлээх Николай Семенович Попов Хатас тыйаатырыгар саҥа сирэй:

– Сценаҕа хаһан даҕаны тахсыбатах киһигин. Хайдах, туохтан саҕаланна?

– Төрөөбүт-үөскээбит Тааттабар, тапталлаах дойдубар Туора Күөлгэ испэктээк, драма, олоҥхо диэн өйдөбүллэр бэйэбин өйдүөхпүттэн бааллара. Ыраахтан саҕалаан кэпсээтэххэ, биһиги көлүөнэ дьоно тыйаатыр, драматическай айымньы, пьеса, классическай литэрэтиирэ эҥин диэн өйдөбүллэри кыра эрдэхпититтэн иҥэриннэхпит. Нуучча өһүн хоһоонугар этиллэрин курдук, туох барыта тэҥнээн көрдөххө тахсар (Все познается в сравнении). Субу олорон санаатахха, биһиги кэммитигэр үөрэхтээһин олус да сөптөөх хайысханан ыытыллыбыт: нуучча, саха классиктарын ааһан, ССРС норуоттарын чулуу классиктарын кытта дириҥник сомсон үөрэппит эбиппит. Ийэм Елена Николаевна Варламова, туох да улахан, анал үөрэҕэ суох киһи, аҥаардас олоххо тардыһыытынан, билиини-көрүүнү ыларга күүстээх баҕатынан уопсастыбаннай олоххо көхтөөхтүк кыттара. Чэ, ити кыра лирическэй киирии буолла (мүчүк гынар Аапт.). Евдокия Ефимовна “Ревизор” испэктээккэ оруол биэрэбин диэбитигэр наһаа өр көрдөһүннэрбэккэ сөбүлэспитим. Дьиҥ ис санаам боруобаланан көрүөххэ диэнтэн саҕаламмыта. Манна күн аайы алтыһар эбэтэр күн аайы да буолбатар уруккуттан үчүгэйдик билэр дьонум сценаҕа таҕыстахтарына чыҥха атын буолалларын көрөн сөҕө сылдьабын. Тиэкиһи нойосуус билии уобараһы арыйыы саҕаланыыта эрэ буолар эбит. Евдокия Ефимовна артыыһы “уһугуннарар” ньымата элбэх, ону дьиҥ-чахчы ылынан, оҥорон истэххэ, бэйэҥ да билбэккинэн сыыйа-баайа иһирдьэ киирэн иһиэххэ сөп быһыылаах. Аны сценаҕа соҕотох буолбатаҕыҥ эмиэ да үчүгэй, эрэх-турах сананаҕын, эмиэ бу дьонноргун хас биирдиилэрин кытта дьону итэҕэтэр гына алтыһыахтааххын. Чэ, ити курдук чэпчэкитэ суох сыалы-соругу ылынан, өй-санаа, эт-хаан уйарынан иннибит диэки айаннатан иһэбит.

 

Ити курдук, Хатастааҕы норуот тыйаатыра былырыын баччаларга улуукан айымньыбыт – олоҥхо тыыныгар, тэтимигэр киирэн күүскэ үлэлэһэ сылдьыбыт буоллаҕына, быйыл нуучча литэрэтиирэтин көмүс айымньыларыттан биирдэстэрин көрөөччү дьүүлүгэр таһаараары саҥа саҕахтары арыйа, айа-тута сылдьар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...