31.03.2021 | 09:51

Бөҕү арааран мунньар пуун ахсаана элбиир

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьокуускайга кытаанах бөҕү арааран мунньар маҥнайгы муниципальнай пуун баар буолла. Аадырыһа – Поярков уул., 17/2. Бу күннэргэ өссө түөрт эбийиэк туруоруллуоҕа. Дьокуускай куорат уокуругар барыта 16 туочука үлэлиэҕэ. Пууннары “Дьокуускайдааҕы экологическай хампаанньа” хааччахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэ дьаһайыаҕа.

Үөһэ этиллибит тэрилтэ генеральнай дириэктэрэ Сергей Петров иһитиннэрбитинэн, саҥа эбийиэк инвесторынан Дьокуускай куорат дьаһалтата буолла.

Куорат баһылыгын солбуйааччы Георгий Гаврильев бэлиэтээбитинэн, бу Олохтоох дьаһалта Дьокуускайдааҕы экологическай хампаанньаны кытта пилотнай бырайыактара буолар. Кини тустаах быһаарыныы сыл саҕаланыыта ылыллыбытын уонна бөҕү араарар алта пуун оҥоһулларыгар 261 тыһыынча солкуобай үп тыырыллыбытын кэпсээтэ.

Манна мунньуллубут пластик бытыылканы, алюминий бааҥканы уонна хортуону арааран, сааһылаан, наардаан баран атын регионнарга, чуолаан Иркутскай куоракка переработкаҕа ыыталлар.

Олохтоох дьаһалта киин куорат олохтоохторун бөх боппуруоһун быһаарар үлэҕэ көхтөөх кыттыыны ыларгытыгар ыҥырар.   

Бөҕү арааран мунньар пууннар аадырыстара:

- Бүлүү трагын 3 км, 1/4

- Бүлүү трагын 6 км, 11/1

- Автодорожнай уул., 2/4

- Ойуунускай уул., 10

- П. Алексеев уул., 72/1

- 203-с микрооройуон 1, 12 уонна 18 куорпустара

- Курашов уул., 6

- Каландаришвили уул., 32

-Ленин пр., 17

- Октябрьскай уул., 17

- Поярков уул., 17/2.

Сотору кэминэн пууннар бу аадырыстарга баар буолуохтара:

- Каландаришвили уул., 23/1

- Киров уул., 31/4Б

- Аммосов уул., 4/1-4/2 

- Петр Алексеев уул., 7/2-15/2

- Короленко уул., 25.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....