21.06.2024 | 10:00

«Азия оҕолоругар» диэри

нэдиэлэни кыайбат кэм хаалла
«Азия оҕолоругар» диэри
Ааптар: Баһылай ПОСЕЛЬСКАЙ
Бөлөххө киир

Бэс ыйын 25 – от ыйын 7 күннэригэр Дьокуускайга буолар “Азия оҕолоро” VIII-с Спортивнай оонньууларга түмүктүүр бэлэмнэнии үлэлэр күргүөмнээхтик бараллар.

Ил Дархан Айсен Николаев, физическэй култуура уонна спорт миниистирэ Леонид Спиридонов Арассыыйа спорка миниистирэ Михаил Дегтяреву кытта көрсөн, “Азия оҕолоро” Оонньууларга бэлэмнэнии хаамыытын, эбийиэктэр өрөмүөннэрин туһунан иһитиннэрдилэр, кыайыылаахтарга туттарыллыахтаах саха төрүт үгэстэрин, култууратын, ыалдьытымсах, доҕордоһуу ис хоһоонноох ойуулаах-мандардаах мэтээллэри көрдөрдүлэр.

Биллэрин курдук, “Азия оҕолоро” Оонньуулар Азия Олимпийскай сэбиэтин кынатын аннынан ыытыллаллар, оҕо аймахха олимпийскай хамсааһын идеяларын пропагандалыыллар, аан дойдуга тарҕаталлар. Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин бэлиэтииринэн, “Азия оҕолоро” оҕо спордун эйгэтигэр биир саамай интэриэһинэй уонна табыллыбыт бырайыак.

“Азия оҕолоро” Оонньуулар 2024 сылга Арассыыйа саамай улахан оҕо спортивнай бырааһынньыга буолуоҕа. Оонньууларга 26 араас дойдуттан  3000 кэриҥэ, олор истэригэр Арассыыйа алта регионуттан 1300 оҕо кэлиэҕэ.

Оонньуулар историялара кэрэһилииллэринэн, аан маҥнай 1996 сыллаахха ыытыллыбыт Оонньуулартан барыта 15 тыһыынча оҕо кэлэн күрэхтэһиилэргэ кытынна, кинилэр ортолоругар Азия, Европа, аан дойду, Олимпийскай оонньуулар чөмпүйүөннэрэ, призердара бааллар. Саха сирин туһунан сырдык, үтүө өйдөбүллээхтэр. Холобур, 1-кы “Азия оҕолорун” көҥүл тустууга, кэлин Саха сирин соргулаахтык ааттаппыт бөҕөстөрбүт, билигин Чурапчы институтугар тренердиир Айаал Павлов, спорт миниистирэ Леонид Спиридонов, Ивамар Соловьев, Орто Халыма улууһун баһылыга Николай Чукров кыһыл көмүс мэтээллэри ылаттаабыттара. Кытайтан Чжан Вень Янь уонна Бурятияттан Саян Гармаев бэйэлэрин ыйааһыннарыгар бастаабыттара.

Сахабыт сирин икки сүүмэрдэммит хамаандатын 370 спортсмена эрчиллэр дьарыктара, хамыыһыйанан бигэргэммит омук дойдуларын аһылыктара учуоттаммыт менюлара, күҥҥэ үстэ итии аһылыгынан хааччыллыылара, көдьүүстээх сынньалаҥнара, уйулҕа исписэлиистэрин өйөбүллэрэ, спортивнай форманан, инбэнтээринэн хааччыллыылара ситиһиилээхтик күрэхтэһэргэ быһаарар оруоллаахтар. Маҥнайгы хамаандаҕа 245, иккис хамаандаҕа 125 бастыҥ спортсмен оҕо киллэрилиннэ. Маҥнайгы хамаанда 24, иккис хамаанда 21 спорт көрүҥэр күрэхтэһиэхтэрэ. Хамаандалар састааптарыгар үрдүк көрдөрүүлээх өрөспүүбүлүкэ, Уһук Илин, Арассыыйа чөмпүйүөннэрэ, призердэрэ бааллар.

Оҕолор спорт бары 24 көрүҥэр соҕуруу киин куораттарынан кичэллээх бэлэмнэниини аастылар. Холобур, чэпчэки атлетика сүрүн тренерэ, норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах спорт маастара Татьяна Ариносова иһитиннэрэринэн, тохсунньуга Ярославль куоракка, олунньуга Санкт-Петербурга, Владивостокка Бүтүн Арассыыйатааҕы күрэхтэһиилэргэ кытыннылар, араас солотуулаах мэтээллэри ылаттаатылар. Хамаандаҕа Дьокуускай, Бүлүү, Чурапчы, Алдан, Нерюнгри, Мэҥэ Хаҥалас уонна Хаҥалас 14-15 саастаах быһый оҕолоро бааллар. 

Спорт 24 көрүҥэр 239 кэмпилиэк мэтээл оонньонуоҕа. Кыайыылары ситиспит уонна бириистээх миэстэлэргэ тиксибит оҕолор икки түһүмэхтээн наҕараадаланыахтара – күрэхтэһии буолбут сиригэр сибэкки дьөрбөтө туттарыллыаҕа уонна күн аайы киэһэ Хомсомуол болуоссатыгар мэтээллэрин иилиниэхтэрэ.

Спортсмен оҕолор көҥүл тустууга, тхэквондоҕа, дзюдоҕа, курашка, алыш диэн курдаһан тустууга, хапсаҕайга, мас тардыһыытыгар, боксаҕа, кикбоксиҥҥа, чэпчэки атлетикаҕа, баскетболга, волейболга, остуол тенниһигэр, минифутболга, үҥкүү спордугар, уус-уран гимнастикаҕа, харбааһыҥҥа, буулдьанан ытыыга, истиэндэбэй ытыыга, оҕунан ытыыга, саахымакка, “Го”-ҕа уонна саҥа киллэриллибит “скалолазаниеҕа” күрэхтэһиэхтэрэ.

Биир кэрэ-бэлиэ түгэнинэн “Азия оҕолоро” Оонньуулар Өрөгөй ырыата ылламмыта быйыл 20 сылын туолара буолар. Галина Иванова – Айтыына тылларыгар, мелодист Станислав Луковцев матыыбыгар Өрөгөй ырыатын күн бүгүнүгэр диэри самодеятельнай композитор Василий Степанович Парников салайааччылаах Уус Алдан Найахытын оҕолорун “Кэнчээри” ансаамбыла ыллыыра, толороро, чахчы, кэрэ-бэлиэ түгэн!

“Азия оҕолоро” Оонньуулары ыытыыттан Саха сирин инфраструктурата тупсар. Дьокуускайга аан дойдутааҕы ирдэбилгэ хоруйдуур спорка аналлаах саҥа тутуулар дьэндэйэллэр. Быйыл Дьокуускайга Сайсары  оройуонугар уонна Хатаска саҥа спорт саалалара баар буоллулар. Ону таһынан куорат ис көстүүтэ, суоллар, уулуссалар, болуоссаттар өрөмүөннэнэллэр, тупсарыллаллар, олорор дьиэлэр тутуллаллар, кэрэ көстүүлээх саҥа түөлбэлэр үөскүүллэр. Тырааныспар, тэхиньиичэскэй хааччыйыы өҥөлөрө тупсарыллар. Киин куорат бары судаарыстыбаннай уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэрэ, ол иһигэр куттал суох буолуутун хааччыйар уорганнар бэлэмнэнии үлэтигэр көхтөөхтүк кытталлар.

1900 волонтердар ыалдьыттары көрсүү, атаарыы, аккредитация, түһүү, олоруу, аһатыы, култуурунай-спортивнай дьаһалларга сырытыннарыы, арыаллааһын, дьыалабыай кэпсэтиилэри тылбаастааһын курдук улахан эппиэттээх үлэни толоруохтара.

Оҕолору сэргэ тренердэр, омук дойдуларын бэрэстэбиитэллэрэ, биллиилээх спортсменнар, бөдөҥ салайааччылар, суруналыыстар кэлэллэрэ күүтүллэр. Ыалдьыттар тэрээһиннээх сынньалаҥынан, култуурунай бырагырааманан күннэтэ хабыллыахтара, Саха сирин төрүт үгэстэрин, сиэрин-туомун кытта билсиэхтэрэ, тыйаатырдарга, музейдарга сылдьыахтара. Туймаада ыһыаҕын, “Дыгын оонньууларын” көрүөхтэрэ. Учуонайдар научнай-практическай конференцияларга кыттыыны ылыахтара.

Бу кыһыары-саас Өлүөнэ очуостарыттан саҕыллыбыт “Азия оҕолорун” уотун эстафетата Саха сирин бары 34 улууһунан сылдьан, Дьокуускай куорат аттынааҕы бөһүөлэктэргэ кэллэ. Бэс ыйын 26 күнүгэр Н.Н. Тарскай аатынан “Туймаада” стадиоҥҥа Оонньуулар үөрүүлээхтик аһыллыыларыгар уматыллыытын долгутуулаах  түгэнэ буолуоҕа.

Онон, Сахабыт сирин чиэстээхтик көрдөрөргө хас биирдиибитигэр, оҕотуттан улаханыгар тиийэ, сүҥкэн эппиэтинэс сүктэриллэр, улахан чиэс, үөрүү,  дьол, умнуллубат дьоро кэм, аан дойдутааҕы оҕо, киһи аймах Улуу бырааһынньыга кэллэ!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....