Евгений Григорьев «Азия оҕолоро» Оонньуулары тэрийэр кэмитиэт мунньаҕын ыытта
Буолаары турар «Азия оҕолоро» Оонньууларга Дьокуускай куораттан 155 оҕо кыттарга бэлэмнэнэр. Манна чэпчэки атлетика уонна тхэквондо көрүҥнэригэр эдэр спортсменнар эбиллиэхтэрэ.
Ол туһунан физическэй култуураҕа уонна спорка управление начаалынньыга Эдуард Ефимов иһитиннэрдэ.
Структуралар уонна олохтоох тэрилтэлэр салайааччылара тутуу, тупсарыы үлэтинэн отчуоттаатылар.
Чуолаан куорат хаһаайыстыбатын үлэлэтэр СЭГХ тэрилтэ салайааччыта Владимир Аммосов тупсарыы, уопсастыбаннай туоналар, пааматынньыктар өрөмүөннэрин, кырааска, көҥүлэ суох сыбаалкалары ыраастааһын, көҕөрдүү хаамыытын отчуоттаата.
Ол курдук И.Е. Винокуров, И.Н. Барахов, Карл Маркс пааматынньыктаах сквердэригэр, Георгий Победоносец пааматынньыгар, Р.М. Дмитриев скверигэр о.д.а. өрөмүөн ыытыллар.
«Главстрой» салайааччыта Алексей Варламов иһитиннэрбитинэн, 7 ДЮСШ өрөмүөн ыытылла турар (№1а, 1б, №2, №3, №5, №8 – санузел уонна уларыттар хостор, №4а – сүрүн куорпус, №4б – тир, № 6 – тутуу, инженернэй үлэлэр), Ильменскэй уулуссатыгар тутуллар комплекс түмүктэнэн эрэр. Роман Дмитриев скверин уонна куорат киин уулуссаларын эркиннэрин өрөмүөнэ былаантан хаалыыта суох бара турар.
Куорат бары уокуругар уулусса-суол ситимигэр «дьаама абыраҕа» бара турар, маны сэргэ тротуардар, кыбаарталларга киирэр суоллар өрөмүөннэнэллэр.
Быйыл аан бастаан Куорат сынньалаҥ уонна култуура паарката өрөмүөннэнэр.
Евгений Григорьев мунньах түмүгүнэн хаачыстыбалаах уонна графиктан хаалыыта суох үлэ ирдэнэрин тоһоҕолоото, диэн иһитиннэрэр Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата.