«Азия оҕолоро» Оонньууларга диэри тротуар өрөмүөнэ ыытыллар
Буолаары турар «Азия оҕолоро» Оонньуулары көрсө киин куорат 6 уокуругар тротуар өрөмүөнэ ыытыллаары турар – Губинскай, Октябрьскай, Промышленнай, Сайсары, Строительнай, Киин.
Губинскай уокурук – Дзержинскэй уулуссатыгар (чуотунай өттө), Чиряев, Хабаров уулуссаларыгар (чуотунайа суох өттө);
Октябрьскай уокурук – Лермонтов, Ярославскай, Петровскай, Октябрьскай, Киров уулуссаларыгар, Петровскай–Орджоникидзе, Киров–Горькай, Ойуунускай–Каландарашвили (Ойуунускай уулуссатын өттүттэн кылгас кэрчиккэ) уулуссалар быһа охсуһууларыгар;
Промышленнай уокурук – Кальвица уулуссатын муннуга – Дзержинскэй уулуссата, Дзержинскэй уулуссата (НИГ маҕаһыын), Дзержинскэй уулуссатын Авиационнай иннинээҕи өттө;
Сайсары уокуругар – Петровскай уулуссата (Лермонтовтан саҕалаан Чайковскай уулуссатыгар диэри), Лермонтов уулуссата (Петровскай аатынан уулуссаттан саҕалаан Сэргэлээх шоссетыгар диэри), Лермонтов уулуссата (Лермонтов уул., 119 дьиэтиттэн саҕалаан Сэргэлээх шоссетыгар диэри);
Строительнай уокурук – Лермонтов уулуссата Дзержинскэйтэн Петр Алексеев уулуссатыгар диэри кэрчигэ, Петр Алексеев уулуссата Семен Данилов уулуссатыттан Орджоникидзе уулуссатыгар диэри кэрчигэ, Поярков уулуссата, Петр Алексеев, Дзержинскэй уулуссалара (сорох сирдэринэн);
Киин уокурук – Лермонтов, Петр Алексеев, Орджоникидзе, Киров, Ярославскай, Пушкин уулуссалара.
Ол туһунан баһылык Евгений Григорьев ыам ыйын 2 күнүгэр социальнай ситимҥэ буолбут быһа эпииригэр иһитиннэрдэ.