06.05.2024 | 13:11

«Азия оҕолоро» оонньууларга атыылаһыллыбыт оптуобустар Дьокуускайга хаалыахтара

«Азия оҕолоро» оонньууларга атыылаһыллыбыт оптуобустар Дьокуускайга хаалыахтара
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ыам ыйын 2 күнүгэр ВКонтакте социальнай ситимҥэ буолан ааспыт быһа эпииригэр куорат баһылыга Евгений Григорьев балаҕан ыйыгар диэри куорат оптуобустарын маршруттарын кытта саҥа ирдэбиллэргэ сөп түбэһэр дуогабардары баттаһыы ыытылларын этэн турар.
Санатар буоллахха, куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин киэҥ хабааннаах уларыйыы күүтэр. Ону хааччыйарга  кэлиҥҥи икки сылга атыылаһыллыбыт 150 саҥа оптуобуска эбии 200 массыына ирдэнэр. Бу үлэнэн СӨ тырааныспар уонна суол хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ дьарыктанар.
Уопсастыбаннай тырааныспар боппуруоһа «Азия оҕолоро» Оонньуулары кытта эмиэ быһаччы ситимнээх. Ол курдук, Оонньуулар кыттыылаахтара айанныыр суолларын устун 50 оптуобус тохтобула туруоруллубут, тырааныспар министиэристибэтэ оонньууларга Volgabus Серпантин мааркалаах уон саҥа оптуобуһу атыыласпыт. Евгений Григорьев бу оптуобустар Оонньуулар бүттэхтэринэ «ЯПАК» МУТ бэриллэллэрин иһитиннэрдэ.
Оптуобус пааркатын саҥардарга лиизин ньымата үлэлиирин билэбит. Тырааныспар министиэристибэтэ саҥа оптуобуһу атыылаһарга ананар субсидия кээмэйин 6 мөл. солк. улаатыннарары былаанныыр. 
Быһа эпиир кэмигэр Евгений Григорьев Олохтоох дьаһалта уопсастыбаннай тырааныспар үлэтин тупсарар сыалтан өҥөнү оҥорооччулары уонна нэһилиэнньэни кытта ыкса ситимнээх үлэ ыытылларын, хас биирдии маршрут табыгастаах уонна көдьүүстээх буолара толкуйданарын иһитиннэрдэ. Маны сэргэ үлэ бу хайысхата ордук көдьүүстээх буоларын туһугар брутто-контракт ньыматыгар көһөр табыгастааҕын ыйда, диэн иһитиннэрэр Олохтооох дьаһалта пресс-сулууспата.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...