14.01.2021 | 12:47

“Айымньыны тилиннэр” хаартысканан күрэх

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Күндү ааҕааччыларбыт!

Эрэдээксийэбит биллэрбит “Айымньыны тилиннэр” хаартысканан күрэххэ наһаа элбэх үлэ Сахабыт сирин араас муннуктарыттан киирэн сүргэбитин, санаабытын көтөхтө.

Кэлбит үлэлэр, хомойуох иһин, нүөмэр аайы тахсыбаттар. Онон  @kiinkuorat.ru аккауммутугар кэрэхсии көрүөххүтүн сөп.

Оттон бүгүҥҥү нүөмэргэ аҕыйах хаартысканы талан бэчээттиэхпит.

Кыайыылаах аата өссө да биллэ илик, эрдэ этиллибитин курдук, олунньу бүтүүтэ, кулун тутар саҥата тахсыаҕа. Онон бары тулуурдаахтык күүтэбит, кэтэһэбит.

Күндү дьоммутун, эрэллээх сурутааччыларбытын кэлэн иһэр Саҥа сылынан эҕэрдэлиибит. Үгүс үөрүүнү, кыайыыны, ситиһиини, дьолу-соргуну баҕарабыт!

Хамаҕаттатааҕы саха французскай лицей 11 кылааһын үөрэнээччитэ Индеев Иван, 9 кылааһын үөрэнээччитэ Индеева Айта. Нам улууһа.
Христофорова Виолетта, Муома улууһун Хонуу сэлиэнньэтин 2 кылааһын үөрэнээччитэ.
И.В. Пухов аатынан Окоемовка сүрүн оскуолатын 3 кылааһын үөрэнээччитэ Васильева Лилиана, “Кэнчээри” уһуйаан иитиллээччитэ, 5 саастаах Васильев Арчын. Уус Алдан улууһа.
  Тобонова Айыына, 6 саастаах. Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Кэнчээри” уһуйаан иитиллээччитэ.
Алла Григорьева, 8 саастаах, Чурапчы улууһа, Одьулуун с.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....