Айылҕалаах оҕо — харысхаллаах
Быйыл саас кус хаһан кэлбитэй? Бастакы хаар хаһан түспүтэй? Былырыын баччаларга хайдах күн-дьыл турбутай? Бу күн оскуолаҕа үөрэммиппит дуу, дьиэбитигэр олорбуппут дуу? Баҕар, сорохтор ону хантан билиэхпитий, бэҕэһээҥҥибитин да өйдөөбөппүт диэххит. Ол эрээри айылҕаны кэтээн көрүүнэн анаан-минээн дьарыктанар оҕолор ньургуһун тахсыбыт күнүн, бэл диэтэр, кэҕэ ханнык күҥҥэ этэн бүппүтүн кытта эндэппэккэ билэллэр. Онуоха Маргарита Афанасьевна, Александр Августович Герасимовтар дьиэ кэргэҥҥэ олус туһалаах уонна наадалаах күннүктэрэ көмө-тирэх буолар.
Бырайыак айылҕаны кэтээн көрүүгэ интэриэһи күөдьүтэрэ сыл аайы ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруска кыттааччы элбээн иһэрэ туоһулуур.
Күннүгү төгүрүк сыл устата биир да күн көтүппэккэ толорор оҕолор бааллара, бүтүн кылааһынан, оскуоланан, быһаччы эттэххэ, күргүөмүнэн үтүө үөрүйэх оҥостоллоро ордук кэрэхсэбиллээх. Ааптардар чуолаан Дьокуускай 7 №-дээх орто оскуолатын, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Ф.Г. Охлопков аатынан Майа орто оскуолатын, Намнааҕы гимназияны, таатталары, алданнары чорботон ааттыыллар. Ону таһынан, оҕолорун кытта анаан-минээн дьарыктанар төрөппүт элбэҕин бэлиэтииллэр. Манна даҕатан эттэххэ, күннүк оҕолорго эрэ буолбакка, уопсайынан, дьиэ кэргэҥҥэ аналлаах. Тоҕо диэтэххэ оҕо син биир ийэтин, аҕатын көрөн үөрэнэр.
Ааптардар этэллэринэн, күннүк оҕо тулалыыр эйгэни, бэйэтин кэтээн көрө үөрэнэригэр, болҕомтолоох буола улаатарыгар көмө-тирэх буолар аналлаах.
Маргарита Афанасьевна Герасимова, ааптар, алта сиэн эйэҕэс эбэтэ:
– Биһиги бу күннүгү таһаарбыппыт ахсыс сыла буолла. Мин төрөппүттэри кытта көрсүһэрбэр бастаан халлаан хайдаҕын ыйытабын. Үгүстэр: “Оо, өйдөөн көрбөтөхпүт ээ”, – дииллэр. Эбэтэр “ыраас быһыылаах” диэхтэрин сөп. Кырдьык, халлаан күөҕүн курдук күөх, от үүнэрин курдук үүнэр, ону киһи көрө үөрэнэн хаалар, сэҥээрбэт курдук буолар. Ол эрээри тулалыыр эйгэбитигэр болҕомто уурбаппыт аҥаардас итинтэн көстөр.
Оҕону айылҕаҕа сыһыаран, кини кэтээн көрөн сэҥээрэр дьоҕурун сайыннарыахха сөп. Холобур, биһиги сиэннэрбит сарсыарда аайы тиэргэннэригэр сүүрэн тахсан туох уларыйбытын көрөллөр. Сибэкки үүммүтүн, тыллыбытын, сабыллыбытын. Итинник гынан кыраны да өйдөөн көрөр, онтон үөрэр буолаллар эбит.
Оҕо көмпүүтэртэн эбэтэр кинигэттэн кэтээн көрөрө тутах. Оттон айылҕаны кэтээн көрө үөрэннэҕинэ, кини мэйиитигэр нейроннай сибээстэр ордук түргэнник үөскүүллэр. Оннук оҕо улааттаҕына ис кыаҕа күүскэ арыллар, айар-тутар, суохтан да баар оҥорор киһи буолан тахсар диэн учуонайдар быһаарбыттара ыраатта.
Ый, Сир, планеталар хайдах эргийэллэрэ күн-дьыл уонна киһи туругар дьайалларын чинчийээччилэр үгүстүк бэлиэтииллэр. Ый тиэрэ эбэтэр умса сытарыттан халлаан хайдах буоларын сабаҕалыахха сөп. Биһиги 10 кылааска үөрэнэр улахан сиэммит ыйы кэтээн көрөр, хаартыскаҕа түһэрэр. Оннук гынан халлаан тымныйаары дуу, сылыйаары дуу гыммытын быһаарар. Биир сиэммит былыты, былыт көрүҥнэрин, бити-билгэни кэтээн көрөр. Холобур, ыт оту сиэтэ, ол аата ардах түһээри гыммыт диэн кыра эрдэҕиттэн билэр.
Саҥа 2023 сыллаах күннүк урукку сыллартан арыый уратылаах таҕыста. Ол курдук, оҕо сыл араас кэмин, халлаан ыйын үүнүүтүгэр биитэр кээрэниитигэр бэйэтин туругун кэтээн көрүнэригэр анал балаһа баар. Онно настарыанньата, актыыбынаһа хайдаҕын сурунар. Бу кини бэйэтин туругун айылҕа тэтимин кытта дьүөрэлээн тупсарынарыгар туһалыаҕа. Аны туран, оҕо күн аайы оскуолаҕа үөрэммитин-суоҕун, температуратын, күн устата сатыы төһө хаампытын бэлиэтэнэр. Холобур, ааспыт нэдиэлэҕэ аҕыйаҕы хаампыппын, ол иһин да туругум мөлтөөбүт эбит диэн түмүк оҥостуон сөп. Итинник сурунар оҕо тулалыыр эйгэтин эрэ буолбакка, бэйэтин эмиэ кэтээн көрө, сыаналана, ырыта, ыйааһыннана үөрэнэр.
Аныгы үйэҕэ сөпкө аһааһын, калорийы ааҕыы киэҥник тарҕанна. Оҕо элбэхтик хамсаннын, хаамтын диэн саҥа күннүккэ калорий табылыыссатын киллэрбиппит. Ити оҕо баччаны аһаатым, оччону ороскуоттуохтаахпын диэн сыал-сорук туруорунарыгар көмөлөһүөҕэ. Уопсайынан, калорийы ааҕа үөрэммит оҕо улаатан да баран сөпкө аһыыр буолар. Манна эбэн эттэххэ, сахалар айылҕабытынан даҕаны элбэх белоктаах, сыалаах аһы аһыахтаахпыт. Хомойуох иһин, аныгы оҕолор углеводтаах аска ордук охтоллор. Холобур, фри хортуоппуйу, бэчиэнньэни сиэтиҥ, сок истиҥ – барыта углевод. Ол оннугар сарсыарда иэдьэгэй, эт сиэбит оҕо эбиэккэ диэри аччыктаабат, сэниэлээх сылдьар.
Кэнники кэмҥэ оҕолорбутун үөрэххэ эрэ умса анньа сатыыр буоллубут. Сахалар айылҕалаах оҕо харысхаллаах буолар диэн өйдөбүллээхпит. Биһиги дьиэ кэргэни элбэххэ үөрэппит, уһуйбут уран уус, эмэгэттээх эмчит, саха омук төрүт өйүн-санаатын илдьэ сылдьыбыт ураты уйулҕалаах сүдү дьоммутуттан биирдэстэрэ Уйбаан Уйбаанабыс Монастырев-Тирэх Уйбаан этэринэн, күн аайы айылҕаны кытта алтыһар, кэтээн көрөр оҕону айылҕа “бу мин оҕом, миэхэ махталлаах оҕо” диэн киниэхэ көмөлөһөр, араҥаччылыыр буолар. Хомойуох иһин, аныгы дьон үөрэххэ охтон хаалан итэҕэлбититтэн тэйэн иһэбит. Оттон итэҕэлэ суох омук уостар, сүтэр, симэлийэр буоллаҕа.
Туох баар наука айылҕаҕа олоҕурар. Онон бу күннүгү научнай-практическай конференцияҕа кыттарга тирэх оҥостуохха, наука ханнык баҕарар хайысхатыгар туһаныахха сөп.
Күннүк ааптардара этэллэринэн, оҕолорбут барахсаттар тулалыыр эйгэлэрин сэҥээрэ, таптыы, харыстыы үөрэннэхтэринэ эрэ төрөөбүт төрүт дойдуларын эмиэ оннук олус таптыыр, көмүскүүр, Ийэ сирдэригэр бэриниилээх дьон буола үүнэллэрэ мэлдьэҕэ суох.