11.09.2020 | 16:00

Айылҕа “электрошокерынан” эмтэммиппин

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

- Өрдөөҕүтэ, биир күһүн, оччолорго үлэлиирим-хамсыырым үгэнин саҕана, аһара ноҕуруускаланан эбитэ дуу, хайдаҕа дуу – бүлгүнүм ыалдьан, уҥа илиим көтөхтөрбөт буолан хаалбыта. Биэлсэргэ көрдөрөн, эҥин-араас мааһынан сотто сатаабытым да, ааһан-араҕан биэрбэтэҕэ. Син биир ыалдьыбытын курдук ыалдьара, түүн нүөлүйэн, аанньа утуппат да буолбута. Биэлсэр Туонньа барахсан «ньиэрбэтэ» диэбитэ, эмтии-томтуу сатаабыта. Оччолорго учууталлыы сылдьарым. Дуоскаҕа суруйарбар, уҥа илиибин хаҥас илиибинэн өрө көтөҕөн туран суруйабын. Оҕолор дьиктиргииллэр.

Арай биир ардахтаах-силбиктээх күн хотонум кэннигэр, ЛЭП линиятын анныгар «Дружба» эрбиибинэн сиэрдийэ кэртим. Уһун дьылыгыр мастары талан сууллара сырыттым. Үрдүбүнэн дэриэбинэттэн дэриэбинэҕэ барар үрдүк күүрүүлээх лиинньийэ ааһар. Боруобаттара намылыйан аҕай тураллара. Онно кыһаллыы суох. Хаһан ыксаабакка сылдьыбытым баарай? Туттуу-хаптыы кытаанаҕа... Биир бэртээхэй сиэрдийэ тахсыах уһун, дьылыгыр тиити суулларбытым, төбөтүн диэкинэн боробулуохаҕа ыйааста түстэ. Төрдүттэн, доҕоор, муох буруолаан таҕыста. Соһуйан, туора хаһыйаары, уҥа илиибинэн харбаан ылбыппын өйдөөбөккө да хааллым. Онтум өрө мөхсө түһүөхпэр диэри, сүр күүскэ тогунан охсон саайда. Харахпыттан уот чаҕылыс гынна, хаһыытыы түһээт, кэннибинэн тэйиэккэлээн, хас да хаамыылаах сиргэ тиийэн, инчэҕэй муохха «лах» гына олоро биэрбиппин, бэйэм да билбэккэ хааллым. Өйүм арыый ырааһырыыта, өлө сыспыппын өйдөөтүм. «Дружбам» барахсан бэрт ыраах эһиллэн, тиэрэ таһыллан сытара. Чочумча, бэйэбэр кэлиэхпэр диэри олоро түһэн баран, маспар тиийбитим доҕоор, буруо-тараа бөҕөтө, муох умайан ахан эрэр эбит. Хата, дьиэм чугас буолан, сүүрэн саккынньахтанан тиийэн, тэпилииссэҕэ барар уу сылаангатын тоҕута тыытан ылаат, төттөрү ыстанным. Сүүрэн кэлэн, ыраах соҕуһунан эргийэ сылдьан маспын эрийэн, туора тардан син сууллардым. Кураан күн эбитэ буоллар, баһаар ыытарым хаалла. Баҕар, маһым инчэҕэй буолан умайбыта дуу, туох билиэй? “Дружбабын” ылан, солооһунтан тэйиччи бараммын сиэрдийэ кэртим. Ол сылдьан арай өйдөөбүтүм, маһы эҥин сууллары анньаары, уҥа илиибин тааҕы-таах көтөҕөбүн, өрө уунабын. Итэҕэйбэккэ хаста да уунаҥалаан көрбүтүм, илиим ыарыыта ханна да суох. Үтүөрэн хаалбыт. «Электрошок» диэнинэн эмтэммиппин дьэ удумаҕалаттым. Ол кэмтэн сүүрбэччэ сыл ааста, бүлгүнүм билиҥҥитэ этэҥҥэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Сонуннар | 23.10.2024 | 10:05
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускай куорат Хатас нэһилиэгин «Кэрэчээнэ» уһуйаанын төрүт култуураҕа уһуйааччыта В.Н. Старкова «Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэтин сүрэхтэниитэ киин куорат 24 уһуйааныттан уонна Горнай улууһуттан барыта 50 истээччи кыттыылаах буолан ааста. Тэрээһин алгыстаах алаадьынан, мустубут ыалдьыттарга уһуйаан ис тутулун, «Айыы ыллыга» барыл хайысхаларын, ол хайысхаларынан иитээччилэр үлэлэрин билиһиннэрииттэн...