16.08.2020 | 19:11

Айылҕа дьиктитэ көстөн ааһар

Айылҕа дьиктитэ көстөн ааһар
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ыстапаан Таастаах, Дьокуускай:

– Биир сааскы киэһэ, чалбах тахсыбыт кэмигэр, Сэмэн хочуолунайыгар кэлэн оһоҕун тигинэччи оттон, таһырдьаттан киирэр аанын бэйэтин диэки ыбылы тардан туран, хатаан баран, сынньанар хоһугар киирэн чэйин сылытан, өйүөтүн таһааран аһаан барда. Сылаас уутун хачайдыыр мотуора биир күрүс үлэлээн куугунуу турда. Аһаан бүтэн баран,  «Подвиг»  диэн ааттаах кинигэтин ылан, оронугар сытан эрдэ ааҕан иһэн бэлиэтээбит сирэйин арыйан, салҕыы ааҕан барда. Бу кинигэни библиотекаттан уларсан ааҕар буолан, бүк–тах туппакка, киртиппэккэ, хаһыакка суулаан илдьэ сылдьарга кыһаллар. Арай ааҕа сытан нухарыйан, уутун быыһынан иһиттэҕинэ, аанын киһи кэлэн тоҥсуйан барда. Чаһытын көрбүтэ, түүн 12 чааһы ааспыт эбит. Киһи тоҥсуйарыгар кыһаллыбакка, уутугар аҥаарыйан сыттаҕына, эмискэ аана аһыллар тыаһа уонна киһи киирбитэ иһилиннэ. Хайдах баҕайыный диэн, ойон туран хоһуттан ыстанан тахсыбыта, итирэн, дэлби чалбахха бадарааҥҥа охтон, таҥаһа-саба дьаабыламмыт билбэт киһитэ киирэн турар эбит:

– Хайа, доҕоор, бу хатааһыннаах ааны хайдах аһан киирдиҥ?»,  – диэн суос бэринэн ыххайан ыйыппытыгар киһитэ:

– Ээ, баалаама, бырастыы гын, урут чугас табаарыһым бэйэтигэр тиийинэн бу хочуолунайга ыйанан өлбүтэ. Кини бу ааны аһан көмөлөстө, иттэн куурдуна түһэн баран, халлаан сырдыыта барыам, – диэтэ. Сэмэн, ону истээт, хайдах эрэ этэ ис-иһиттэн тымныйан, куйахата бүүрүтэ тардан, иэнэ кэдэҥнээн ылла. Хайыаҕай, киирбит киһини үүрэ барбакка, олоппос ылан биэрэн баран, хата, доҕор гынан үлэтин сып-сап толоро, солбуйар киһитин кэтэһэ сырытта. Киирбит киһитэ олоппоско олорон, утуйа түһэн баран, сарсыарда баһыыбалаан тахсан, аргыый саллаҥнаан хааман бара турда. Сотору солбуйар киһитэ кэлэн, Сэмэн тэтэрээтигэр дьуһуурустуба этэҥҥэ ааста диэн суруйан, илии баттаан туттараат, туох да буолбатаҕын курдук дьиэтигэр барда. Ити түбэлтэ кэнниттэн Сэмэн үлэтигэр хайдах эрэ наар дьик-дьах тутта сылдьар буолан, дэлби эрэйдэннэ. Хата, үлэлэрин сезона бүтэн, бэйэтин дойдутугар көһөн баран, бу түбэлтэ умнуллан хаалбыта.

Ити курдук бу орто дойдуга киһи үөйбэтэх-ахтыбатах өттүттэн айылҕа дьиктитэ буолан ааһар эбит.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Сыана үрдээһинэ
Сонуннар | 22.03.2024 | 18:00
Сыана үрдээһинэ
(2024 сыл олунньу ыйдааҕы көрдөрүүтүнэн)
Сергей:  «Уолаттар санаалара-оноолоро харахтарыгар көстөр»
Дьон | 21.03.2024 | 18:00
Сергей: «Уолаттар санаалара-оноолоро харахтарыгар көстөр»
Оҕо сылдьан разведчиктаах киинэлэри умсугуйан көрөрбүт, кинилэр курдук буолуохпутун баҕаран, сэриилээх оонньуурбут, саһа, сыбдыйа, сыылла сылдьан өстөөхтөрбүтүн самнарарбыт.  Разведчик диэн тылы иһиттэхпинэ, тута харахпар Штирлиц уобараһа көстөр. Кини өстөөхтөр уйаларыгар тиийэн, былааннарын, дьайыыларын биһиги дьоммутугар тиэрдэн, кыайыыны ситиһэргэ улахан кылаатын киллэрсэр.   Ол аата дьиҥнээх разведчик хайдах буолуохтааҕый? Кини боростуой саллаат...
Социальнай биэнсийэ эбиллэр
Сонуннар | 16.03.2024 | 18:00
Социальнай биэнсийэ эбиллэр
Муус устар 1 күнүттэн социальнай биэнсийэ 7,5 бырыһыан үрдүүр. Бу туhунан 262 N-дээх уурааҕы кулун тутар 5 күнүгэр Арассыыыйа Бырабыыталыстыбата бигэргэттэ. Индексация кээмэйэ ааспыт сылга биэнсийэлээхтэргэ олох таһымын алын кээмэйин улаатыытынан ааҕыллар. Бу төлөбүргэ анаан социальнай пуонда бүддьүөтүгэр 37,5 млрд солк. көрүлүннэ. Статитстика көрдөрөрүнэн, Арассыыйаҕа 4 мөлүйүөнтэн тахса киһи социальнай...
Рулет арааһын астыахха
Тускар туһан | 23.03.2024 | 10:00
Рулет арааһын астыахха
Бүгүн ааҕааччыларбытыгар астыырга чэпчэки уонна судургу, ол эрээри олус минньигэс уонна тотоойу сокуускалар ырысыаптарын бэчээттиибит. Бырааһынньыктааҕы сандалыгытын киэргэтиэхтэрэ, өрөбүллэргэ сонун бүлүүдэ буолуохтара.