18.05.2023 | 18:00

Айылҕа биэрбит сүдү бэлэҕэ

Мүөт туһатын туһунан суруйдулар ини, суруйбатылар ини. Ол эрээри аныгы үйэ дьоно айылҕа биэрбит сүдү бэлэҕинэн сороҕор сатаан туһаммат курдукпут. Бүгүҥҥү нүөмэрбитигэр мүөт туһунан интэриэһинэй уонна соччо биллибэт чахчылары түмтүбүт. Ааҕыҥ, сэргээҥ, дьоҥҥо тарҕатыҥ.
Айылҕа биэрбит сүдү бэлэҕэ
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

Мүөт кулинарияҕа, косметологияҕа уонна медицинаҕа киэҥник туттулларын бары бэркэ билэбит. Аны биир уратытынан уһун үйэлээҕэ буолар. Ол курдук, былыргы хаһыылартан көстүбүт мүөт буорту буолбакка, бэл диэтэр, амтанын сүтэрбэккэ сыппыта дакаастаммыт.

Мүөт туһунан былыргы номох күн бүгүҥҥэ диэри уостан уоска бэриллэн кэлбитэ мээнэҕэ буолбатах. Медицина «аҕата», аатырбыт эмчит, бөлүһүөк Гиппократ уһун үйэлэммит кистэлэҥэ мүөт этэ диэн кэпсииллэр. Былыргы дьон саныылларынан, бу өлбөт мэҥэ уутугар тэҥнээх айылҕа бэлэҕинэн таҥаралар аһыыллара, ол иһин кинилэр күүстээхтэрэ, өлөр-сүтэр диэни билбэттэрэ. Оттон кэрэ бэйэлээх Клеопатра ыраахтааҕы мүөт туһатын биир бастакынан арыйбыта дииллэр.

   

Мэйии үлэтигэр тэҥнээҕэ суох

Мэйии үлэтин түргэтэтэр буолан, чинчийээччилэр “өркөн өй аһыттан” атыннык ааттаабаттар. Мүөт киһи мэйиитин килиэккэлэрин харыстыыр антиоксиданнарынан баай. Аны туран, кальций организмҥа түргэнник иҥэригэр көмөлөһөр буолан, мэйии үлэтин тупсарар, толкуйдуур дьоҕуру уһугуннарар.

 

Ыҥырыалар икки киилэ мүөтү оҥороллоругар быһа холоон биэс киилэ үүнээйи сибэккитигэр тахсар симэһини хомуйуохтарын наада.   

 

Доруобуйаҕа туһалаах

Бу чахчыны киһи барыта билэр. Ол эрээри ахтыбатахпытына сатаммат.

Мүөт – иммунитеты бастыҥ бөҕөргөтөөччү. Үгүс чинчийии көрдөрбүтүнэн, күн аайы кыралаан сии сырыттахха, организм харыстанар күүһэ үрдүүрэ биллибит. Бу айылҕа биэрэр бэлэҕэ ыраастыыр күүстээҕинэн киэҥник аатырар, ыарыыны көбүтэр бактериялары хаптатарынан суон сураҕырар. Кыра-кыралаан сии сырыттахха, тумуу тумнар, дьаҥ чугаһаабат.  

Хас сарсыарда аайы чаайынай ньуоска мүөтү сиэххит – мунньуллубут сылааҕытын киэр кыйдыаҕа, күүс-сэниэ эбиллиэҕэ. Мүөт сүрэҕи, тымыры бөҕөргөтөр, тыынар уорганнарга туһалаах, баас, ол-бу хайа барыы оһоругар көмөлөһөр. 

Кыайан утуйбакка эрэйдэнэр дьоҥҥо эмиэ абыраллаах ас. Уйгууран хааллаххытына, биир ыстакаан сылаас үүккэ эбэтэр чэйгэ мүөт кутан иһиҥ. Оччоҕуна  күүрэ сылдьыбыккыт ааһыаҕа, утуйар аакка барыаххыт.  

Үрдүк хаачыстыбалаах мүөт сүрэх ыарыыларын, инсульт уонна араак сорох көрүҥнэрин сэрэтэр. Ону сэргэ, мүөккэ баар антиоксиданнар харахха олус туһалаахтар. Хаан баттааһынын түһэрэр буолан, сорох дьоҥҥо абыраллаах, оттон намыһах дабылыанньалаахтарга сэрэхтээх. 

Мүөтү кыра-кыралаан сии сырыттахха, холестерины түһэрэр. Куртахтара баастаах, уопсайынан, куртахтара, оһоҕосторо мөлтөх дьон ыарыыларын мүлүрүтэллэригэр киэҥник тутталлар. Күөмэй ыарыытыгар, сөтөлгө тэҥнээҕэ суох.

Айылҕа биэрбит пробиотига – састаабыгар лактобацилла 6 уонна бифидобактерия 4 көрүҥэ баар.

Дьахталлар ыйдааҕылара кэлэн бүттэҕинэ, мөлтүүллэрэ, сылааргыыллара, умнуган буолаллара элбэхтик бэлиэтэнэр. Бу кэмҥэ кинилэргэ мүөт ордук туһалааҕын үгүс чинчийии көрдөрбүт.  

Организмҥа чэпчэкитик иҥэрин иһин, мүөт састаабын хаан убаҕас чааһын (плазма крови) кытта тэҥнииллэр. Углеводтара түргэнник арахсан, эниэргийэ эбэллэр. Бу минньигэс амтаннаах ас киһи куртаҕын ноҕоруускалаабат, ол оннугар битэмииннэринэн уонна туһалаах бэссэстибэлэринэн толорор.  

Метаболизмы түргэтэтэр уонна сыаҕа кубулуйбат, ол иһин диетаҕа олорооччулар саахар оннугар тутталлар. Биллэн турар, олус үлүһүйэр табыллыбат. 

 

 

Дьол төрдө

Итэҕэйиҥ-итэҕэйимэҥ, бу минньигэс амтаннаах аспыт аны киһи сүргэтин көтөҕөр дииллэр. Тоҕо диэтэххэ састаабыгар триптофан диэн аминокислоталаах, ол инсулины үрдэтэр, киһи ис туругар дьайар гормоннары элбэтэр.  Дьэ, онон мүөтү кыралаан сии сырыттахха, кыра аайыттан кыыһырарыҥ, долгуйарыҥ, күүрэриҥ тохтуур эбит.

 

Оронтон туруорар...

Баҕар, күлүөххүт, баҕар, сүөргүлүөххүт. Ол эрээри күүскэ күүлэйдээн, аһыы утаҕы олус “амсайбыт” дьон сарсыныгар “ыалдьан”, оронноругар охто сыттахтарына да атахтарыгар туруоран абырыыр кыахтаах. Онон мүөппүт маннык “ыксаллаах” түгэҥҥэ кытта туһалаах.

 

Холодильнигы солбуйар

Соһуйдугут дуо? Икки атахтаах тугу-тугу арыйбатаҕа, билбэтэҕэ-көрбөтөҕө баарый?

Былыр итии дойду олохтоохторо сибиэһэй эти мүөтүнэн сыбаан баран сиргэ көмөр албастаахтара үһү. Хайыахтарай, оччолорго холодильник айылла илик буоллаҕа.

Аны туран, харчыга хараҥарбыт хара санаалаах дьон араас албаһы тобулан, мүөтү көҥүлэ суох табаары дойдуттан таһаарар контейнер оҥостоллор эбит. 1985 сыллаахха Эквадорга элбэх  мүөтү тиэйэн иһэбит диэн куоһурданан, кокаин партиятын кыраныыссаны туората сатаан тутуллубуттар. Кутталлаах аһы оҥорон таһаараары, ыҥырыалары плантацияҕа ыытан “үлэлэппиттэрэ” биллибит.

 

Мүөтү итии чэйгэ эбэтэр атын итии утахха кутумаҥ. Үрдүк температураҕа эмтиир күүһүн сүтэрэр, туһата суох буолар. Бу кэриэтэ испэтэх көнө.  
 

Ыйааһын түһэрэргэ

Итэҕэйиҥ-итэҕэйимэҥ, ол эрээри саахары мүөтүнэн солбуйдахха, ыйааһын эбиллэрин тохтотор, хааҥҥа саахар таһымын лаппа түһэрэр эбит. Биллэн турар, баһа-баһа сиэтэххэ, туһалаабата чуолкай.

Өссө биир чинчийии көрдөрбүтүнэн, сибиэһэй мүөт аһыыр баҕаны хаптатар гормоннары көҕүлүүр эбит. 

 

Аллергияны сэрэтэр

Сорох дьон мүөттэн аллергиялыыбыт дииллэр. Дьиҥэр, мүөт састаабыгар баар компонентан, чуолаан куоппастан аллергиялыахха сөп. Ол аата мүөт толору технологическай обработканы толору ааспатах буолуон сөп. Ыҥырыа иитээччи мүөтү оҥорон таһаарыы быраабылаларын барытын сөпкө тутустаҕына, буортулаах бэссэстибэлэр мүөккэ киирбэттэр.

Мүөтү саас аайы саҕаланар аллергияны хаптатар “айылҕа вакцината” дииллэр. Иммунитет үөскээн, куоппаска кыһаллыбат буолаҕын, организм күүрүүнү үөскэтээччи (раздражитель) курдук ылыммат буолар.

 

Харчы оннугар

Былыргы Римҥэ уонна Египеккэ мүөтү харчы оннугар тутталлара. Наадалаах табаарга атастаһаллара, мүөтүнэн түһээн уонна ыстараап төлүүллэрэ. Ол саҕана, кырдьык, таҥара аһын курдук саныыллара, ол иһин олус сыаналыыллара.

 

Мүөтү итии чэйгэ эбэтэр атын итии утахха кутумаҥ. Үрдүк температураҕа эмтиир күүһүн сүтэрэр, туһата суох буолар. Бу кэриэтэ испэтэх көнө.  

 

Туох буортулааҕый?

Мүөт туһатын туһунан төһө баҕарар уһуннук кэпсиэххэ сөп, ол барыта биир балаһаҕа баппат. Аны туох буортулааҕын аҕыйах тылынан ахтыахха.

Сиэри таһынан үлүһүйдэххэ, баһа-баһа сиэтэххэ, биллэн турар, уотар, организмҥа кэһиллии тахсар, ол саахарнай диабекка тиэрдэр.

Киһи иһэ ыалдьыан, сүһүрүөн сөп. Куоппаска аллергиялаах, намыһах дабылыанньалаах дьоҥҥо, эрдэ эппиппит курдук, кутталлаах.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....